Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэммит күнэ  муус устар 27 күнэ быйыл баскыһыанньаҕа түбэһэринэн,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр  муус устар 28 күнэ - бэнидиэнньик  өрөбүл күнүнэн биллэрилиннэ. Бу туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар билиһиннэрэр.

Оттон ситэриилээх былаас федеральнай уорганнара уонна кинилэр территориальнай уорганнара, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баар атын бас билии көрүҥнэрин тэрилтэлэрэ, муус устар 27 күнүн бырааһынньык күнүнэн биллэрии боппуруоһун бэйэлэрэ быһаараллар, — диэн иһитиннэриилэргэ этиллэр.

Маны таһынан, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ, 2025 сылга  Ыһыах күнэ – бэс ыйын 21 күнэ субуотаҕа түбэһэринэн, бэс ыйын 23 күнэ – бэнидиэнньик өрөбүл күнүнэн биллэриллэр диэн иһитиннэрэр.

Хаартыска: эрэдээксийэ

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0