Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

От ыйын 22 күнүнээҕи туругунан Индигиир өрүскэ сайыҥҥы халаан уутун таһымын түһүүтэ бэлиэтэнэр. Өймөкөөн уонна Муома улуустарыгар нэһилиэнньэлээх пууннар бары ууттан босхолоннулар.

От ыйын 22 күнүнээҕи туругунан Индигиир өрүскэ сайыҥҥы халаан уутун таһымын түһүүтэ бэлиэтэнэр. Өймөкөөн уонна Муома улуустарыгар нэһилиэнньэлээх пууннар бары ууттан босхолоннулар.

Бу туһунан СӨ Кырасдааныскай көмүскэлгэ уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолууну хааччыйыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Айаал Вензель от ыйын 22 күнүгэр ыытыллыбыт брифинигэр иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ үлэлиир. Муома улууһугар үрдүк сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ үлэлиир.

Сарсыарда 8 чаастаах туругунан, Абый улууһун Кэбэргэнэ сэлиэнньэтигэр 1 тиэргэн учаастага ууга баран турар.

Өймөкөөн оройуонугар уу таһыма күҥҥэ 2-16 см диэри намтыыр. Абый улууһугар уу таһыма 8 см, Муома улууһугар — 14 см. түстэ.

“Билиҥҥи туругунан, улуустарга тахсыбыт хоромньу ааҕыллар. Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар бырабыыталыстыба бөлөҕө уонна быыһааччылар үлэлииллэр, гуманитарнай көмө тиэрдиллэр. Балаһыанньа хонтуруолланар. Бары суһал сулууспалар үрдүк сэрэхтээх буолуу эрэсииминэн үлэлииллэр”, — диэтэ Айаал Вензель. Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/8660

Хаартыска Улусмедиа 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0