Бе-12 аан бастаан 1960 с. салгыҥҥа өрө көтөн тахсыбыт, эһиилигэр Тушино авиационнай бараакка кыттыбыт, ол кэнниттэн 46 аан дойду рекордун олохтообут. 1998 с. бүтэһик көтүүтүн оҥорбутун кэнниттэн Балтийскай флот муоратааҕы авиациятыттан биэнсийэҕэ тахсан, билигин Аан дойдутааҕы акыйаан түмэлин биир сэдэх экспоната буолан турар.
Таһыттан көрдөххө, бэрт улахан көрүҥнээх эрээри, иһигэр аҕыйах киһи батар, эмиэ подлодка курдук кып-кыараҕас, төҥкөйө сылдьан биирдиилээн ааһаҕын. Гид кэпсииринэн, ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ, кнопканы баттаатаххына, олорор кириэһилэҕин кытта буорах тэбиитинэн биирдэ аллараа сурулуу тураҕын, онтон парашютуҥ аһыллар. Лүөччүктэр итинник катапультируйся гыналлар.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















