Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -6 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бу күннэргэ халлаан +26С диэри сайыҥҥылыы сылыйан, күннээх ылааҥы күннэр сатыылаан, 202 түөлбэҕэ куорат сөтүөлүүр сиригэр дьон харса суох сөрүүн ууга чомполонон, дуоһуйуохтарыгар диэри сөтүөлээтилэр. Атырдьах ыйын 14, бастакы Ыспааһап күнүгэр эбиэккэ диэри сайын, оттон эбиэттэн киэһэ күһүн күлүмүрдээбитинэн кэлэр дииллэрэ. Өбүгэлэрбит атырдьах ыйын бүтүүтэ сөтүөлүүртэн туттуналлара, киһи тымныйыан, сыыстарыан сөп дииллэрэ. 

Ол эрэн аныгы мэдиссиинэ этэринэн, тымныы уунан куттар, сөтүөлүүр киһи иммунитета күүһүрэр, сэниэ, күүс-уох, эрчим эбиллэр.

75e83b00 87c0 4239 922f 04836964f079

Онон сылаас күннэри туһанан, тымныы ууттан куттаммат киһи төһө баҕарар сөтүөлүөн, онтон сылаас күҥҥэ тахсан сыламныан, тоҥмутун аһарыныан сөп. Сайыҥҥы сылаас күннэр бүтэллэрэ биир-икки эрэ хонук хаалла, кэлэр нэдиэлэттэн күһүҥҥү сөрүүн түһэн, салгын сойон, тымныйан барыаҕа. 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0