Социальнай ситимнэргэ хамсаабат баайга-дуолга нолуогу төлүүрү таһынан ыкка, куоскаҕа, сир аһыгар, отоҥҥо, тэллэйгэ, о.д.а. нолуок киирбитин туһунан иһитиннэриилэри элбэхтик таһаараллар. Социальнай ситимнэргэ үксүн оруна суох сонуннар тарҕаналларын санатыахха наада.
“Биирдиилээн дьонтон ылыллар баай-дуол нолуога” диэн өйдөбүлгэ нолуок 3 көрүҥэ киирэр:
- хамсаабат баай-дуол (имущество) иһин нолуок,
- сир нолуога,
- тырааныспар нолуога.
Бэйэлэрэ бас билэр кыбартыыралаах, чааһынай дьиэлээх, хостоох, гаражтаах, онтон да атын тутуулардаах дьон ити иһин нолуок төлүүр эбээһинэстээхтэр. Оттон бэйэлэрин ааттарыгар массыыналаах, тыраахтардаах, матасыыкыллаах – о.э. суол, уу уонна да атын көлөлөөх дьон, тырааныспар нолуогун булгуччу төлүөхтээхтэр. Оттон сир нолуогун бэйэ бас билиитигэр сирдээх дьон бука бары төлүүллэр.
Нолуок бу 3 көрүҥүн 2026 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлүүр болдьох быһыллан турар. Быйыл 2025 сыллааҕы иһин төлөнөр. Ахсынньы 1 күнүгэр диэри нолуок төлөммөтөҕүнэ, ахсынньы 2 күнүттэн пеня ааҕыллан барарын умнумаҥ!
Хаартыска эрэдээксийэ архыыбыттан
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
