«Биһиги саҥа быһаарыныыны ылыныахтаахпыт – хас биирдии кыра дохуоттаах, 8-тарыттан 16-ларыгар диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн эбии төлөбүр ылыаҕа. Бу хас биирдии кыра дохуоттаах ыалга сыһыаннаах», — диэн дойду баһылыга Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэтигэр эттэ.
Путин быһаарбытынан, бу көмө муус устар 1 күнүттэн олохтонуо. Оттон төлөбүрдэри ыам ыйыттан ылыахтара. Маныаха ыйдааҕы дохуоттара, хамнастара, хамсаабат баайдара-дуоллара -- барыта ааҕыллан суоттаныа, учуоттаныа. Үчүгэйэ диэн, дьиэ кэргэн хас биирдии оҕото босуобуйа ылар буолар.
Кини санаппытынан, дойду үрдүнэн кыра дохуоттаах хат дьахталларга, 7 саастарыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ судаарыстыбаттан көмө хас ый аайы төлөнөр буолбута. Маны тэҥэ 8-тарыттан 16-ларыгар диэри саастаах оҕолору соҕотох иитэр төрөппүккэ эмиэ харчынан өйөбүл көрүллэр.
«Оҕо, ийэ буолуу, дьиэ кэргэн биһиги судаарыстыбабыт приоритета, бэлиитикэтин сүрүн хайысхата буолар, онон бары өттүнэн үлэни ыытабыт», — диэн тоһоҕолоото.
Саха Сиригэр 3-7 саастаах оҕолордоох, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэннэргэ ыйдааҕы төлөбүр 9 728 солкуобайтан 23 229 солкуобайга диэри араастаһар. Бу дьиэ кэргэн олорор түөлбэтиттэн уонна тииһинэн олоруу кээмэйин бырыһыаныттан тутулуктаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0