Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -1 oC

Владимир Чичигинаров, Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай харалтаҕа, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

Владимир Чичигинаров, Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай харалтаҕа, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

Чичичгинаров-

-Баһылыкпыт Айсен Николаев бүгүҥҥү күҥҥэ арҕааттан киирбит сааҥсыйалартан сылтаан үөскээбит ыарахан экэнэмиичэскэй балаһыанньаттан тахсар дьаһаллары биэрдэ.  

Бастатан туран, тыын суолталаах тэрилтэлэр, биэдэмистибэлэр тохтоло суох үлэлииллэрин хааччыйыы. Ол иһигэр доруобуйа харыстабылын салаата киирэр. Ол курдук, эминэн-томунан хааччыллыы үс ыйга чуолкай баар. Өссө да саппаас баар буолуохтаах. Мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ, балыыһалар үлэлэрэ харгыстамматыгар усулуобуйаны тэрийии.

Судаарыстыбанан туруоруллубут сыаллар-соруктар, садаачалар булгуччу туолуохтаахтар. “Доруобуйа харыстабыла”, “Демография” национальнай бырайыактар олоххо киириилэрэ былаан быһыытынан барыахтаах.

Улахан болҕомто нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар ууруллуо. Маныаха эбии үп көрүллүө. Нэһилиэнньэни бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр тардарга эмиэ эбии үп баар буолуо.

Манна даҕатан эттэххэ, бу салааҕа үлэ эрдэтинэ барбыта. Үлэтэ суох хаалбыттары улахан бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ ыҥыран үлэлэтэн,  дьону хамнастыыр кэм уолдьаста.

Нэһилиэнньэҕэ туһалааҕынан биллибит социальнай хантараак көрүллэр үбэ улаатыа. Бу өҥөнөн туһаммыт тыа сирин олохтоохторо атахтарыгар турдулар, бачыым көдьүүһүн көрдөрдө. Онон инникитин бу хайысханан үлэ күүскэ барыаҕа.

Билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу инники күөҥҥэ таҕыста. Оҕолору, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитии  күүһүрүөхтээх. Уонна Ил Дархаммытын күүскэ өйүүр түгэммит тосхойдо.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Бэлиитикэ

Үстэн биири таллылар

Ил Түмэн уочараттаах алтыс пленарнай мунньаҕар муус устар 23 күнүгэр бэбиэскэ бастакы…
24.04.24 15:45
Өлүөнэни туорааһын

Туорааһын төлөбүрэ 2000 солк

СИА иһитиннэрэринэн, муус устар 24 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан 204…
24.04.24 14:52