Санаттахха, социальнай хантараагы дохуоттара тиийбэт кыраасданнар судаарыстыбаттан көмө быһыытынан үлэни көрдүүллэригэр, идэни ылалларыгар, квалификацияларын үрдэтэллэригэр (9 ыйга диэри) түһэрсэн төлөбүр (тиийинэн олоруу алын кээмэйинэн) ылыахтарын сөп. Ону кытта, кэтэх хаһаайыстыбалаах, дьиэ кэргэн аһылыгар эбилик уонна дохуот быһыытынан туһанар буоллаҕына эмиэ маннык хантараагы (12 ыйга диэри, 200 тыһ. солк. диэри) баттаһыан сөп. Өссө предпринимательствонан саҥа дьарыктанарга соруктаммыт дьоҥҥо эмиэ туһалаах (12 ыйга диэри, 350 тыһ. солк. диэри) . Ону таһынан, олохторугар уустугу көрсүбүт, ыарахан балаһыанньалаах дьоҥҥо эмиэ хантараагынан (1-тэн 6 ыйга диэри ) төлөбүр оҥоһуллуон сөп.
Бастакы уочарат социальнай хантараак көмөтүн Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр чугас дьонноругар уонна элбэх оҕолоох ыалга сүрүн болҕомтолорун уураллар. Ол эрээри, ирдэбил быһыытынан ити көмөҕө хапсарга ыйдааҕы дохуоттарын хайаан да көрөллөр. Билигин тиийинэн олоруу алын кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ортотунан биир киһиэхэ 26241 солк. тэҥнэһэр. Онон көмөнү туһанааччы киһи дохуота ити сууматтан кыра буолуохтаах. Билигин саҥа уларыйыы киирэн, социальнай хантараак көмөтүн туһанааччыларга кыах үөскээтэ.
Ону таһынан 2023 сылтан доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо, 2024 сылтан биэнсийэлээхтэргэ бэйэ дьыалатын уонна кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ көмө баар. Манна дохуоттара биир киһиэхэ тиксэринэн 1,5 тиийинэн олоруу алын кээмэйин ааһа барыа суохтаах. Социальнай управлениелартан билистэххэ, бу хайысхаҕа олох ахсааннаах кубуота бэриллэр.
Хаартыска: СИА
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















