Ол курдук, Бүлүү Кыадаҥдатыгар Саха сирин КПСС уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Гавриил Чиряев пааматынньыгар сибэкки ууруута буолла.
«Биһиги оҕо эрдэхпититтэн Гавриил Иосифовиһы улаханнык ытыктаан, киниэхэ сүгүрүйэн улааппыппыт. Кэлин кини олоҕун суолун ааҕан, үөрэтэн, билэн бараммыт Гавриил Иосифовиһы киэн туттарбыт өссө дириҥээтэ, улаатта. Тоҕо диэтэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр араас кэмнэргэ элбэх салайааччы үлэлээн ааста. Сэрии кэнниттэн өрөспүүбүлүкэбит сүрдээх балысханнык сайдан барбыта. Ордук чуолаан Гавриил Иосифович үлэлиир кэмигэр тырааныспар сайдыыта, сир баайын хостооһун, алмаас, көмүс, чох бырамыысыланнаһын кыаҕырыыта, сайдыыта Гавриил Иосифович аатын кытары быһаччы сибээстээх. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутааттара Гавриил Иосифович киллэрбит кылаатын сүрдээҕин сыаналыыбыт, билинэбит уонна кинини олус ытыктыыбыт. Кыадаҥдалар маннык чулуу киһилээххитинэн киэн туттуҥ. Саха сирин дьоно кинини киэн туттабыт, ытыктыыбыт», – диэтэ Владимир Прокопьев.
Дэлэгээттэр Кыадаҥдатааҕы Г.И. Чиряев аатынан түмэлгэ сылдьан чулуу киһибит туһунан кэрэхсэбиллээх экспонаттары көрдүлэр, олоҕун туһунан сонун чахчылары иһиттилэр. Ол кэннэ саха судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Степан Аржаков сырдык аатыгар сүгүрүйэн Бүлүү куоракка баар пааматынньыгар сибэкки уурдулар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0