Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Саха омук барахсан аан дойду атын омуктарыттан уратыбыт диэн айылҕа  уратытын, тургутуутун тулуурбутунан, дьулуурбутунан, сатабылбытынан, өркөн өйбүтүнэн сааһыланан-наарданан олорорбут буолар. Сатабылбыт олохпут хардыытын батыһа, олохпут тутулун тутуһа эргиччи буолар.

Саха омук барахсан аан дойду атын омуктарыттан уратыбыт диэн айылҕа  уратытын, тургутуутун тулуурбутунан, дьулуурбутунан, сатабылбытынан, өркөн өйбүтүнэн сааһыланан-наарданан олорорбут буолар. Сатабылбыт олохпут хардыытын батыһа, олохпут тутулун тутуһа эргиччи буолар.

Онно ордук, чуолаан,  тоҥтон толлубат, тымныыттан чаҕыйбыт, куйаастан куттаммат, итииттэн илистибэт, айылҕа тургутууларыттан саллыбат буоларга  быыппастар былчыҥнаах, өркөн өйдөөх дьон уос номоҕор сылдьаллара. Күүстээхтэр түмсэр, өйдөөхтөр сомоҕолоһор, күөн көрсүһэр тэрээһиннэрэ ыһыах буолара. Дьэ, онно буоллаҕа, кынаттаах кылыыһыттар, сиртэн тэйэ көтөр сүүрүктэр өрөгөй түгэннэрэ. Ол күннэргэ, кэмнэргэ буолар тыҥааһыннаах, мүччүргэннээх түгэннэрэ, үгэскэ киирбит быһыы-майгы үйэлэри уҥуордаан, билиҥҥи кэмҥэ саҥа тыыннанан сылдьар мас тардыһыыта сонун көрүүлэнэн успуорт көрүҥэ буолан тахсарыгар, аныгы олох сиэринэн сурукка-бичиккэ киллэриллэн, ирдэниллэр быраабылалаах, тутуһуллар сокуоннаах. Успуорт хайа да көрүҥүн биир киһини сөхтөрөр дьиктитэ -  күөн көрсөөччүгүн кытта этиҥ-сииниҥ бараныар диэри иэмэхтэһэн киирсэн баран, күрэх бүттэ да истиҥ доҕор, атас буолаҕын.

2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэбитигэр мас тардыһыытын Ассоциацията тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээбитэ. Хатас нэһилиэгэ төрүт үгэспитин үйэтитэр, саханы аан дойдуга ааттатар көрүҥмүтүгэр сыаллаах-соруктаах, үтүө түмүктэрдээх үлэлээх. Ол курдук, мас тардыһыыга доргуччу ааттанар, Хатастан төрүттээх Николай Софронов спортсмен, чинчийээччи мас тардыһыытын билимҥэ олоҕоруу да хайысхатыгар, аан дойду таһымыгар тахсыыга быраабыла  оҥорууга да дьоһун кылааттаах. Сырдатар-көрдөрөр иһитиннэрэр эйгэҕэ ураты суоллаах-иистээх Михута-Михаил Мордовской эмиэ Хатастан төрүттээх, киэҥ эйгэҕэ Хатастан кынаттанан тахсыбыта уонна 17 төгүлүн ыытыллар күрэҕи төрүттэспитэ. Ити курдук, аат ааттаан кэпсиир буоллахха, күнү быһа кэпсиэххэ сөп - үгүс элбэх үтүөкэн дьоннордоохпут. Быйылгы сылга Хатастааҕы №7 успуорт оскуола төрүттэммитэ 20 сылын туолар. Бу сыллар тухары оскуоланы        аҥаардас мас тардыһыытынан дьарыктанан сүүсчэкэ оҕо бүтэрдэ, манна  үөрэнэ сылдьан норуоттар икки ардыларынааҕы “Дети Азии” успуорт оонньууларга  2000 сылтан саҕалаан 2016 сылга диэри мас тардыһыытыгар чөмпүйүөннэр, үрүҥ көмүс, боруонса призердара иитиллэн таҕыстылар. 2023 сыл тохсунньу 21 күнүгэр 17 төгүлүн Хатастааҕы №7 успуорт оскуола мас тардыһыыга Кубогар хамаанданан Дьокуускайдааҕы аһаҕас күрэх ыытылынна. Бу күрэх сүрүн сыалын-соругун, уратытын ситэн, биир сомоҕо буолан, биир тэтимҥэ, таһымҥа киирбит хамаанда кыайыылаах тахсан, үрдүк үрдэлгэ үктэнэр. Манна утумнаахтык дьарыктанан, аат суол ылбыт уолаттар саҥардыы дьарыктанан эрэр кыра уолаттары кытта тэҥҥэ биир тыыҥҥа киирэннэр, хамаанда туһугар, о.э. дойдуларын туһугар диэн киирсэллэр. Киэҥ куйаар киэлитин бүрүйбүт аан туман быыһынан,  Бүлүүттэн, Горнайтан, Уус-Алдантан, Амматтан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Дьокуускайтан айаннаан, 17 төгүлүн биһиги Хатастар даҕаны мас тардыһыытын билэр, дьарыктыыр, дьарыктанар дьон даҕаны күүтэр, кэтэһэр күрэхпит буолан ааста. Кэлбит улуустарга барыларыгар саханы саха дэппит мас тардыһыытын эйгэтигэр кыһыл көмүс буукубанан суруллар уос номоҕор сылдьар боотурдар бааллар, бааллара уонна баар да буолалларыгар эрэл улахан. Ол гынан, бу сырыыга кэлбит хамаандалартан, ордук Мэҥэ-Хаҥалас Аллараа Бэстээҕиттэн кэлбит хамаанда барыбытын даҕаны санаабытын көтөхтө. Бөһүөлэк аата күрэх устуоруйатыгар аан бастаан сурулунна.

a42bba0f 55f3 4ebb bc30 f9cb279c95fe

Күрэхтэһиини тэрийээччи -  Хатастааҕы №7 успуорт оскуола дьоҕус эрээри, эйэлээх, олус үлэһит кэлэктиибэ биллэр биричиинэнэн, бу кэккэ сылларга, сүрдээх ыарахан усулуобуйаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар. Бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл-өйдөбүл быһыытынан, Хатаспыт муусука оскуолатын (дириэктэр Лемешева Х.Н) кытта биир дьиэҕэ-уокка бааллар. Ол да буоллар, күрэҕи 2020 сылтан ураты биир да сыл көтүппэккэ, ньиргиччи ыытан кэллилэр. Быйылгы күрэх бирииһин пуондата 120 тыһ. солк. тахса буолла, ол барыта спонсордар көмөлөрүнэн. Үп-харчы баһыйар үгүс өттүн оскуола выпускниктара уонна 1994 сылтан 2003 сылга диэри  мас тардыһыытын киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, Хатаһы улахан уораҕайдарга, киэҥ нэлэмэн хонууларга, стадионнарга ааттаппыт, оччотооҕу уолаттар, билигин дьоһун дьон хомуйдулар. Сүрүн бириистэртэн ураты кэлбит хас биирдии хамаанда тириэньэригэр анал өйдөбүнньүк сыаналаах бириис туттарыллан, соһутта да долгутта да. Аны хас биирдии кыттааччыга мас тардыһыытын элбэхтэ кэпсээбит, ырыппыт, дьону-сэргэни уус тылынан умсугуппут И.И. Скрябин анал бирииһин – истиэнэҕэ ыйанар халандаардары бэлэхтээтилэр. Бастакы миэстэни ылбыт хамаанда 40000, иккис миэстэни ылбыт хамаанда 25000, үһүс миэстэни ылбыт хамаанда 15000 солку. уу харчынан бириэмийэлэннилэр, маны таһынан хас биирдии хамаандаттан күрэхтэһээччи араас ааттаах анал бириистэри туттулар.

bc955565 c6f0 4968 abf9 894d3c6caa6b

Тэрийээччи оскуола бу көрүҥҥэ, дьэ, дьиҥ чахчы, быйылгы сылга биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылыгар эппиэттиир кэлэктиип. Ол курдук, дириэктэр Гоголев Евгений Егорович үөрэнээччитинээн Баишев Анатолий Михайловичтыын, Анатолий Михайлович үөрэнээччитинээн Евсеев Григорий Филипповичтыын бииргэ үлэлии-хамсыы, үүнэ-сайда сылдьаллар. Күрэхтэһии ыытыытын түбүгүн быыһыгар кыра бириэмэ булан Григорийдыын кэпсэттим:

-Маннык күрэхтэһиигэ маҥнайгы мэтээлбин ылбытым. Буолаары буолан, кыһыл көмүс. Оччолорго хамаанда ахсаана 15-18, сороҕор 20 да тиийэр түгэннэрэ бааллара. Ол 2004 сыллаахха, олох киэһэ хойут бүтэн баран, өссө саалабытын барытын хомуйан, помоспутун көтүрэн бэйэбит саалабытыгар киллэрэн, түүн үөһүн диэки бүтэн, үөрүүбүттэн сүрэҕим битиргэччи тэбэ-тэбэ дьоммун үөрдээри тэпилииссэлэр быыстарынан сүүрэн иһэрбин өйдүүбүн. Ити иһэн сотору-сотору кууркам иһигэр кэтэ сылдьар мэтээлбин, аны түһэн хаалыа диэн, тутан көрөбүн (мичээрдиир). Тиийбитим дьонум бары уһуктаҕастар. Үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Онтон ыла олоҕум арахсыпат аргыһа, сыалым-соругум чөл-чэгиэн олох.

-Үлэм чэрчитинэн нэһилиэнньэ араас араҥатын кытта алтыспыт буоламмын, чөл-чэгиэн олоххо тардыһыылаахтары куруутун бэлиэтии көрөбүн, кинилэри сырдата, дьоҥҥо кэпсии-сэһэргии сылдьааччыбын. Эйигин оскуола үөрэнэр эрдэххиттэн бэлиэтии көрөммүн, сайыҥҥы сынньалаҥҥа даҕаны сынньаммакка, мэлдьи дьарыктанаргын ааһан үөлээннээхтэргин, уулуссаҥ оҕолорун мунньан дьарыктыыргын билэр этим уонна испэр үөрэ саныырым. Саха киһитин сиэринэн ону ыһа-тоҕо кэпсээбэккэ сэмээр үөрэр этибит.

-Оннук баара (мичээрдиир). Бастакы тренажердарбытын ... сыбаалкаттан ол-бу араас тимирдэри хомуйан, бэйэбит оҥорбуппут. 1 Баҕарахха саастыы, эгил-тэгил уолаттар элбэх этибит. Хата, оннук мустарбыт мас тардыһыытыгар эрэ буолбакка, араас атын күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ бэркэ көмөлөһөрө. Байанай күрэҕэр үс иһиттэн түспэккэ иһэрбитигэр даҕаны, төһүү күүс буолбута. Түөлбэбит салайааччытыгар Николай Семеновичка айылҕаны кытта алтыһыыга араас албастары үөрэппитигэр махталбыт улахан.

b08c98cf 89ee 4ffb bc07 4959275591b3

Анатолий Михайлович Баишев бу күрэҕи тэрийиигэ, ыытыыга хара маҥнайгыттан баар. Сүрдээх кичээҥи, сааһылыыр-наардыыр буолан,  ситимнээх үлэни үйэтитиигэ олус үчүгэй матырыйааллары мунньар. Ол курдук, бу күрэх ыытыллыаҕыттан күн бүгүҥҥүгэ диэри боротокуоллара, суруктара-бичиктэрэ барыта уурулла сыталлар. Аны мэлдьи иҥэһэ үрдүгэр сылдьар, күрэхтэһиигэ кэлэр оҕолору үгүс бырыһыаннарын олус диэн бэркэ билэр. Онон кэпсииригэр-ипсииригэр даҕаны барыта сиһилии, хаһан, ханна хайдах киирсибитин, төһө сайдыбытын, үүммүтүн ытыс иһигэр илдьэ сылдьар сир түннүгэ киһи. Сааһылыыр-наардыыр, кэтээн көрөрү сатыыр, ураты түгэннэри, албастары бэлиэтии көрөр уонна иитиллээччилэригэр эмиэ ити этиллибит хаачыстыбаны иитэр-үөрэтэр ураты дьоҕурдаах, этэргэ дылы астык киһи кини буолар.

Дьэ, ити курдук, күрэхпит буолла. Быйылгы күрэх кыайыылаахтара кимнээҕий? Полуфиналга Бэрдьигэстээх Амманы кытта киирсэн 3:4 хоттордо, Хатас Чинэкэлэри кытта киирсэн 2:5 хоттордо. Үһүс миэстэ иһин тыҥааһыннаах киирсиигэ Бэрдьигэстээх Хатаһы 4:3 счетунан боруонса мэтээлгэ тигистэ. Инньэ гынан, финалга Амма уонна Чинэкэ киирсиилэрэ 2:5 ахсаанынан быһаарылынна. Бастакы миэстэни ылан Бүлүү улууһуттан кэлбит Чинэкэ нэһилиэгин хамаандата көһө сылдьар Кубоктаах уонна  40000 солкуобай бириистээх дьиэлээтэ. Тириэньэр Семенов Власий Федорович сыаллаах-соруктаах үлэтэ хамаанданы үрдүк үрдэллэргэ үктэннэрдэ. Барашков Андрей Анатольевич салайан аҕалбыт Амма хамаандата иккис миэстэни ылла. Онтон былырыыҥҥы маҥнайгы миэстэлээхтэр Бэрдьигэстээхтэр үһүс миэстэ буоллулар. Тириэньэр Соловьев Александр Павлович.

daf558c8 f122 4c94 a20e 252d689274e7

Күрэхтэһии аһыллыытыгар эҕэрдэ тылы эппит Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта Пермяков Евгений Петрович бэлиэтээн эппитинэн, тэрээһин эт-хаан сайдыытын таһынан өй-санаа түмүллүүтүн, түргэн-тарҕан быһаарыныыны уонна саамай сүрүнэ - биир киһи барыбыт туһугар, бары биир киһи туһугар диэн санааны күүскэ иҥэрэр. Манна даҕатан эттэххэ, Евгений Петрович Хатас нэһилиэгэр мас тардыһыыта сайдыытыгар маҥнайгы улахан ситиһиилэри аҕалбыт дьонтон биирдэстэрэ буолар, бэйэтин кэмигэр мас тардыһыыга оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгы чөмпүйүөннэртэн биирдэстэрэ эмиэ кини. Суруйуум түмүгэр Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сыла Хатаска улахан тэрээһининэн саҕаланна диэн өссө төгүл бэлиэтиибин.  

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением