Дьиҥэр, Күүкэйгэ, үйэ аҥарыттан ордук кэм устатыгар начаалынай эрэ оскуолалаах олорбут сиргэ, орто оскуола аһыллан, анал география учуутала баар буолан, оҕолорго дойду киэҥ киэлитин, айылҕатын билиигэ 1991 сылтан сирдээбит учууталынан Анатолий Константинович буолар. Кини: “Киэҥ, чиҥ билиилээх-көрүүлээх киһи олоххо элбэҕи ситиһэр”, - диэн этэрэ бу күрэххэ бастакы хардыыны оҥорорго тирэх буолла.
Тэрээһин саҕаланыыта өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Оскуола дириэктэрэ Алексеев Егор Иванович эҕэрдэлээтэ, бэтэрээн учуутал Николаева Мария Васильевна кылгастык оскуола историятын кэпсээтэ, итиэннэ Федорова Сардаана Егоровна оонньуу сүрүн быраабылатын билиһиннэрдэ.
Күрэххэ Кутана, Сиэйэ, Күүкэй уонна ыраах Куокуну оскуолаларыттан хамаандалар кытыннылар. Барыта 45 эдэр ориентировщиктар үс бөлөҕүнэн биирдиилээн бастыыр иһин куоталастылар.
Дьиэ иһигэр ыытыллар спортивнай ориентирование сүрүн сыала спорт бу көрүҥүн киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, чөл доруобай олоҕу пропагандалааһын буолар. Спорт бу көрүҥэ түргэн-тарҕан буолууну, толкуйу эрэйэр, өссө бу көрүҥү саахымат оонньуутун кытта тэҥнииллэр. Оҕолор картанан бэриллибит туочукалары сөпкө уонна түргэнник булуохтаахтар. Күрэхтэһиигэ Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин спортивнай ориентированиеҕа федерациятын чилиэнэ, Куокуну оскуолатын географияҕа учуутала Федорова Сардаана Егоровна кылаабынай судьуйанан үлэлээтэ.
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар кимнээх буоллулар диэтэххэ, маннык.
Кыргыттарга, 5-6 кылаастарга: 1 миэстэ – Фокинова Аурика, Кутана; 2 миэстэ – Алексеева Лилиана, Күүкэй.
7-8 кылаастарга: 1 миэстэ - Семенова Юлиана, Кутана; 2 миэстэ – Яковлева Анастасия, Куокуну; 3 миэстэ – Иванова Сандаара, Кутана.
9-10 кылаастарга: 1 миэстэ – Федорова Сулустаана, Күүкэй; 2 миэстэ – Генерова Сахая, Куокуну; 3 миэстэ – Ефимова Татьяна, Сиэйэ.
Уолаттарга, 5-6 кылаастарга: 1 миэстэ – Бабкин Андрей, Куокуну; 2 миэстэ – Федотов Ян, Күүкэй; 3 миэстэ – Алексеев Федя, Күүкэй.
7-8 кылаастарга: 1 миэстэ – Сидоров Дьулустаан, Күүкэй; 2 миэстэ – Яковлев Дьулустаан, Куокуну; 3 миэстэ – Павлов Юлиан, Сиэйэ.
9-10 кылаастарга: 1 миэстэ – Попов Рудольф, Күүкэй; 2 миэстэ – Максимов Вова, Кутана; 3 миэстэ – Хорунов Айхал, Сиэйэ.
Оҕолор маннык күрэҕи олус сэргээтилэр, интэриэстэрэ улаатта. Кулун тутар ыйга улууска ыытыллар күрэххэ бэлэммит дэстилэр.
Тэрээһин быыһыгар музей көрдөрүлүннэ, аралдьытар интеллектуальнай оонньуулар ыытылыннылар. Оскуолалар хамаандаларыгар “Полоса препятствий” эстафета буолла. Манна Куокуну уонна Күүкэй холбоһуктаах хамаандата иннин кимиэхэ да биэрбэтэ уонна 1 миэстэни ылла. Оттон 2 миэстэни Кутана, 3-һү Күүкэй хамаандалара ыллылар.
Бу сонун күрэҕи көҕүлээбит билиҥҥи география учуутала Федорова Олимпиада Андреевна уонна Күүкэй оскуолатын кэлэктиибэ биир сомоҕо буолан, географ учууталга Анатолий Константинович Акимовка дириң ытыктабылларын биллэрдилэр, кини аатын үйэтитэргэ кыттыстылар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1