61 быыбар хампаанньата
Быйыл быыбар хампаанньата дойду бары эрэгийиэннэрин хабыаҕа. Уһук Илин уокурукка биэс эрэгийиэн баһылыга, оттон дойду үрдүнэн барыта – 20, ол аата дойду түөрт гыммыт биирин үрдүк дуоһунастаах сирэйдэрэ талыллыахтара. Ыһыах иннинэ, 8-10 чыыһылаҕа, күһүҥҥү быыбардары анааһынтан саҕаланыаҕа. Ол курдук, Саха Сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэриитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 61 быыбар хампаанньата ыытыллара былааннанар, ол иһигэр сүрүнэ СӨ Ил Дарханын талыахпыт. Ону сэргэ быйыл Ил Түмэҥҥэ (70 мандаат) уонна Дьокуускай куорат Думатыгар (30 мандаат) дьокутааттары талыы быыбардара ыытыллыаҕа. Оройуоннааҕы Сэбиэттэр дьокутааттарын састааба 21 оройуоҥҥа саҥардыллыаҕа: Алдаҥҥа, Аммаҕа, Анаабырга, Үөһээ Халымаҕа, Бүлүүгэ, Горнайга, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Мииринэйгэ, Намҥа, Нерюнгрига,Ньурбаҕа, Өлүөнэҕэ, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Майаҕа, Хаҥаласка, Чурапчыга уонна Эбээн Бытантайга. Тоҕус оройуоҥҥа баһылыктар быыбардара буолуоҕа: Үөһээ Халымаҕа, Горнайга, Кэбээйигэ, Намҥа, Эбээн Бытантайга, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Усуйаанаҕа уонна Тааттаҕа. Ити курдук, Ил Түмэн быйылгы үбүлүөйдээх 30 сылыгар сэттис ыҥырыылаах парламент дьокутааттара дастабырыанньаларын тутуохтара, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар үлэлиэхтэрэ.
Ил Дархан быыбарыгар баартыйалар киирсэллэр
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо өйөөтөхтөрүнэ иккис болдьоххо туруорунарга бэлэмин иһитиннэрбитэ. Бу туһунан кини Нам оройуонугар саҥа култуура дыбарыаһа аһыллыытыгар ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсиэйэҕэ этэн, иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр интэристэрин тардан, күн бүгүҥҥэ диэри политологтар уонна экспиэрдэр ону ырыталлар. Ону тэҥэ, бу күн Өлүөнэ өрүс уҥуордуур күргэҕэ сыһыаннаах боппуруос таарыллан, Айсен Николаев иккис талыллыбыт болдьоҕор бу үлэни күргүөмнээхтик салҕыырын эппитэ. 2018 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Дархан быыбарыгар хандьыдаат Айсен Николаев туһатыгар 229 тыһ. 314 киһи, ол эбэтэр быыбардааччы 71,41 % куоластаабыта.
Ил Дархан быыбарын быйылгы уратыта — бэйэни туруорунуу көрүҥэ суоҕа буолар. Дойду үрдүнэн баар 27 бэлитиичэскэй баартыйалартан хандьыдааттары туруоруохтарын сөп. Итилэртэн Саха Сиригэр 17 эрэ регистрацияламмыта биллэр. Олортон үгүстэрэ киирсэн, быйыл быыбардыыр хампаанньа дьиҥ киирсиилээх, ис күүрүүлээх буолара күүтүллэр. Ол тоҕо? Баартыйаларынан хандьыдааттары туруоруу кэннэ, хандьыдааттары өйүүргэ илии баттааһыннара хомуйуллуохтаах. Бу хандьыдааттарга муниципальнай таһымҥа сүүмэрдээһин ыытыллар. Холобур, оройуон уонна нэһилиэк таһымыгар дьокутааттар ахсааннарыттан тутулуктаах – барыта 270 кэриҥэ илии баттааһын наада. Ити курдук, илии баттааһыннар икки көрүҥҥэ арахсаллар — муниципальнай оройуон уонна тыа нэһилиэгин дьокутааттарын иһин илии баттааһыннар. Итинэн сибээстээн, тыа сирин быыбардарыгар кэнники сылларга баартыйалар көхтөөхтүк кытталлар. Инньэ гынан, ыксаллаах 27 хонук иһигэр илии баттааһыннары хомуйууга уустук тэрээһиннэр барыахтара. Саха Сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров этэринэн, СӨ Ил Дарханын дуоһунаһыгар хандьыдааттары чуолкай атырдьах ыйын саҥатыгар эрэ билиэхпит.
Баартыйалар киирсиэхтэрэ
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр парламеҥҥа быыбар булкаас систиэмэтэ үлэлиир - 35 дьокутаат өрөспүүбүлүкэтээҕи испииһэгинэн, 35 дьокутаат биир мандааттаах уокуругунан талыллаллар. Санаттахха, былырыын Дьокуускайга эбии 2 саҥа уокуруктар (Автодорожнай уонна Строительнай) эбиллэн, 11 уокурук баар буолбута. Бэлитиичэскэй баартыйаларынан ылан көрдөххө, 2018 сыллаахха парламент дьокутааттарын талыыга ыытыллыбыт быыбарга мандааттар маннык тиксибиттэрэ: «Биир ньыгыл Арассыыйа» – 20, РФКП – 7, Сиэрдээх Арассыыйа — 5, РЛДП — 3; биир мандаттаах быыбардыыр уокуруктарынан: «Биир ньыгыл Арассыыйа»— 23, Сиэрдээх Арассыыйа — 4, РФКП — 3, РЛДП — 1, Гражданскай платформа — 1, бэйэ туруорунуу – 3.
Онон билиҥҥи VII ыҥырыылаах парламеҥҥа бочуоттаах бастакы миэстэни баартыйалар фракцияларынан «Биир ньыгыл Арассыыйа», иккис – РФКП, үһүс – «Сиэрдээх Арассыыйа-Патриоттар-Кырдьык иһин», оттон төрдүс – РЛДП буолаллар. Ити курдук, Саха Сиригэр 17 баартыйа регистрацияламмытын таһынан, билиҥҥи парламент түөрт сүрүн баартыйалаах. Ол эрэн, бэлиитикэҕэ билигин элбэх саҥа баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ уопсастыбаҕа хамсааһыннары таһааран, инники күөҥҥэ тахсаллара сабаҕаланар, балар истэригэр «Новые люди», «Партия дела», «Зеленые», о.д.а. бааллар.
Үп-харчы уонна быыбар хампаанньата
Быһа холоон, политологтар уонна экспиэрдэр суруйалларынан, эрэгийиэҥҥэ быыбар хампаанньатыгар 9 мөл. солк. кэриҥэ үп-харчы наада буолуо. Холобур, хас биирдии Саха Сирин уокуругар 19 тыһыынча быыбардааччылаах. Ороскуот алын кээмэйиттэн ааҕан саҕалыыр буоллахха, парламент быыбарыгар тэриллибит уокуруктартан ортотунан 19 тыһ. кэриҥэ быыбардааччытыттан 50%-на, ол эбэтэр 9 тыһ. кэриҥэ киһи куоластыыра күүтүллэр. Биир кэлим куоластааһыҥҥа ортотунан быыбардааччы 50% кыттарынан сылыктаан көрдөххө, уопсайа 9 мөл. солк. кэриҥэ тахсар. Ол эрээри, политологтар сөптөөх хандьыдааттары туруорууга билиҥҥи балаһыанньаҕа дьиҥнээх норуокка чугас, пандемия кэмигэр көмө оҥорбут, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт уонна мобилизацияламмыт сулууспалааччыларга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл оҥорбут норуот лиидэрдэрэ тахсар кыахтаахтарын сылыктыыллар. Оттон баартыйаҕа сыһыаннаахтар иккис эбэтэр үһүс бүтэһиктээх миэстэҕэ сыаналаныахтара.
Кинилэр этиилэрин бу күннэргэ Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бигэргэтэр. Кини Арассыыйаҕа байыаннай идэҕэ уонна сэбилэниилээх күүстэргэ булгуччу сулууспалаабыт эрэ хандьыдааттары судаарыстыбаннай сулууспаҕа ыларга этии киллэрбитэ. «Инникитин судаарыстыбаннай сулууспаҕа үрдүку былаас дуоһунаһыгар тахсалларыгар, сэбилэниилээх күүстэргэ сулууспалаабыттарын, байыаннай идэлээх буолууларын учуоттаан ылыахпытын наада. Бу быһаарыыны түргэнник көрүөхпүт уонна ылыныахпыт. Ыччаты үрдүк дуоһунаска таһаарыы наадатын туһунан элбэхтик этэбит. Бу барыта оҥоһуллар. Онтон кинилэр ортолоругар ким сулууспалаабытай? Ким байыаннай идэҕэ үөрэммитэй?», – диэн ыйытар Вячеслав Володин. Ити курдук, баҕар, быыбар саҕаланыан иннинэ быыбар хампаанньатыгар кыттар хандьыдааттарга байыаннай идэлээх, сэбилэниилээх күүстэргэ сулууспалаах буолууларын саҥа ирдэбиллэрэ олохтонуоҕа. Оччотугар, төрдүттэн уларыйыы киирэн, быйыл быыбар хаамыыта өссө бытааран, хандьыдааттарга дэписсиит буолбат ини?
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0