Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Быйыл, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, дойду үрдүнэн улахан быыбардар ыытыллаллара күүтүллэр. Ол курдук, бу күн 22 эрэгийиэн баһылыктарын быыбардааччылар талыахтара. Маны таһынан 20 эрэгийиэҥҥэ олохтоох парламент дьокутааттарын, 12 субъекка киин куораттарын, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнары талыахтара. Бу күн 4 тыһ. тахса быыбардыыр хампаанньа ыытыллара, онно 34 тыһ. тахса дьокутааттар мандааттара уонна быыбардыыр дуоһунастар саҥаттан талыллаллара былааннанар. Быыбарга 65 мөл. тахса киһи, сүрүн сокуоҥҥа олоҕуран, бэйэтин куолаһын биэрэрэ күүтүллэр.

Быйыл, балаҕан ыйын 10 күнүгэр, дойду үрдүнэн улахан быыбардар ыытыллаллара күүтүллэр. Ол курдук, бу күн 22 эрэгийиэн баһылыктарын быыбардааччылар талыахтара. Маны таһынан 20 эрэгийиэҥҥэ олохтоох парламент дьокутааттарын, 12 субъекка киин куораттарын, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнары талыахтара. Бу күн 4 тыһ. тахса быыбардыыр хампаанньа ыытыллара, онно 34 тыһ. тахса дьокутааттар мандааттара уонна быыбардыыр дуоһунастар саҥаттан талыллаллара былааннанар. Быыбарга 65 мөл. тахса киһи, сүрүн сокуоҥҥа олоҕуран, бэйэтин куолаһын биэрэрэ күүтүллэр.

Ил Дархан быыбара

Быйыл өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын саҥаттан быыбардыахпыт. Ааспыт ыйга Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ баһылыгын дуоһунаһыгар хаттаан турунарыгар Айсен Николаевтан көрдөспүтэ. Маны тэҥэ Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун өйөбүлэ уонна дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин итэҕэлэ баар буоллаҕына, бу дуоһунаска бэйэтин кандидатуратын туруорунар санаалааҕын эппитэ. Бу оруннаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, олохтоох дьон чахчы өйүүр, ылынар буоллахтарына, үлэ түмүктээх буолара биллэр. Ааспыт 2018 с. буолан ааспыт Ил Дархан дуоһунаһын быыбарыгар Биир Ньыгыл Арассыыйа баартыйаттан турбут Айсен Николаев 71,40 %, РФКП турбут Виктор Губарев 12,04 %, Сиэрдээхтэртэн киирсибит Владимир Богданов 6,58 %, либераллартан турбут Гаврил Парахин 6,22 % куолаһы ылбыттара.

Быйыл тохсунньу, олунньу ыйдар түмүктэринэн эрэгийиэн салайааччыларын рейтинин испииһэгэр Айсен Сергеевич алтыс миэстэҕэ, Московскай уобалас күбүрүнээтэрэ Андрей Воробьев кэнниттэн киирбит. Бу испииһэк инники үктэллэригэр Москва куорат мээрэ Сергей Собянин, Татарстан баһылыга Рустам Минниханов, Чечня баһылыга Рамзан Кадыров, Тульскай уобалас баһылыга Алексей Дюмин курдук дойду биллэр бэлиитиктэрэ сылдьаллар. Бу рейтинговай испииһэк быһаарыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев үлэтэ өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уонна киһи хапытаала (человеческий капитал) хаҥыырыгар туһуламмытын, эрэгийиэҥҥэ экэниэмикэ стратегическай суолталаах салааларын өйөөһүн алгоритмыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлиирин бэлиэтээбиттэр. Маны тэҥэ Ил Дархан 2023 с. Үлэ сылынан биллэрбитин үрдүктүк сыаналаммыт. Ону таһынан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэлэр тиһигин быспакка ыытыллалларын бэлиэтээбиттэр.

Ил Түмэн быыбара

Өскө Ил Дархан быыбара быһа холуйан биллэр эбит буоллаҕына, Ил Түмэн дьокутаатын мандаатын иһин киирсиилэр сытыы буолаллара сабаҕаланар. 2018 с. Ил Түмэн быыбарын ылан көрөр эбит буоллахха, Биир Ньыгыл Арассыыйа баартыйа 50,84 %, РФКП 19,44 %, Сиэрдээх Арассыыйа 16,34 % уонна ЛДПР 9,57 % ылан парламеҥҥа ааспыттара. Баартыйа испииһэгинэн Биир Ньыгыл Арассыыйа баартыйаттан 20 дьокутаат, РФКП сэттэ, Сиэрдээх Арассыыйаттан биэс, ЛДПРтан үс дьокутаат ааспыта. Оттон биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктан ньыгыллартан 23, хомуньуустартан 10, сиэрдээхтэртэн тоҕус, лэбэрээллэртэн түөрт, Гражданскай платформа баартыйаттан биир, бэйэ туруорунан үс дьокутаат талыллыбыттар. Бу дааннайдарынан сиэттэрдэххэ, Биир Ньыгыл Арассыыйа парламеҥҥа баһыйар элбэх кириэһилэни ылбыт.

2021 с. буолбут Судаарыстыбаннай Дума быыбарыгар хомуньуус баартыйаҕа 35,15 %, Биир Ньыгыл Арассыыйаҕа 33,22 %, "Новые люди" баартыйаҕа 9,87 %, Сиэрдээх Арассыыйаҕа 8,19 %, ЛДПР-га 5,14 % куоластарын биэрбиттэрэ. Хомуньуустар, этиллибитин курдук, ааспыт 2018 с. Ил Түмэн быыбарыгар 19,44 % ылан иккис, онтон 2021 с. Судаарыстыбаннай Дума быыбарыгар 35,15 % бастаан тахсыбыттара. Бу соһуччу көстүүнү политологтар аан дойду үрдүнэн сатыылаабыт коронавирус дьаҥын, ойуур баһаардарын, онно норуот биллибэттэн ыгылыйан этиммит санаатын кытары ситимнииллэр.

Биир Ньыгыл Арассыыйа баартыйа аны күһүҥҥү быыбарга хандьыдааттарын ыам ыйыгар ыытыллыахтаах праймериз түмүгүнэн быһаарыахтаахтар. Манна политологтар, ордук эрэгийиэн парламеныгар улахан киирсиилэр буолуохтара диэн сабаҕалыыллар. Быйылгы ыытыллыахтаах праймериз аһаҕас бэрээдэгинэн ыытыллыахтаах буолан, нэһилиэнньэ хандьыдааттары таларга сүрүн оруолу ылыаҕа. Бу, бастатан туран, арҕаа дойдулар күөртээһиннэринэн дойдуга бэлитиичэскэй балаһыанньа сытыырхайбытыттан, маннык кэмҥэ былаас баартыйата чиҥ туруктаах буолуохтааҕыттан ситимнээх.

2021 с. буолбут Судаарыстыбаннай Дума быыбарыгар "Новые люди" баартыйа 9,87 % ылан, быыбар биир сүрүн сонунунан буолбута. Бу баартыйа федеральнай таһымҥа нэһилиэнньэ өйөбүлүн ылан 5 %-наах кирбиини ааһарыгар Сардаана Авксентьева биир сүрүн төһүү буолбута. Онтон Саха сириттэн биир мандааттаах уокуруктан урбаанньыт Василий Николаев баартыйаттан туруорунан куһаҕана суох көрдөрүүлэммитэ Ил Түмэн быыбарыгар инникилээҕин политологтар бэлиэтээбиттэр.

Сиэрдээх Арассыыйа баартыйа ааспыт Ил Түмэн быыбарыгар 16,34 % куоластаах үһүс сылдьыбыт буоллаҕына, Судаарыстыбаннай Дума быыбарыгар 8,19 % диэри бэйэтин кирбиитин намтаппытыттан сылыктаатахха, быйылгы быыбарга үлэтэ элбиир туруктаах. Маны политологтар атын баартыйалар бэлиитикэҕэ кэлбиттэринэн, ону тэҥэ саҥа, сонун сүүрээннэр киирбиттэриттэн ситимнииллэр эбит.

Туох да диэбит иһин, Ил Түмэн дьокутаатын мандаатын иһин сытыы киирсиилэр буолаары тураллар. Инники биэс сылга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олоҕо-дьаһаҕа тупсарыт туһугар чахчы норуот иннигэр бэриниилээх эрэ дьон тахсаллара буоллар диэн баҕарыллар. Ордук билигин аан дойдуга буола турар уустук кэмҥэ саҥа толкуйдаах, ураты көрүүлээх бэлиитиктэр үөскээн, дойду инникитин түстэһиэхтэрэ турдаҕа. Инньэ гынан сорук кытаанах.

Улуус сэбиэтин, баһылыктарын быыбардара

Аны күһүн Саха Сирин тоҕус улууһугар — Горнайга, Намҥа, Кэбээйигэ, Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Уус Майаҕа, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга уонна Үөһээ Халымаҕа баһылыктар уонна 21 улууска оройуон сэбиэтин дьокутааттарын талыахтара. Миэстэтигэр улахан киирсиилэр буолуталыыллара сабаҕаланар. Олохтоох салайыныы федеральнай сокуонугар нэһилиэктэр баһылыктарын анааһын, оттон бэрэстэбиитэллээх уорганнар улууска эрэ баар буолуохтаахтарын туһунан уларыйыы киириэхтээҕэ быыбар эппиэтинэһин, ону тэҥэ суолтатын эмиэ үрдэтэр. Улуус дьонун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ, саҥа көлүөнэ салайар дьоно бэйэлэрин кыахтарын бэрэбиэркэлиэхтэрэ, тургутук ааһыахтара.

Төһө да сытыы быыбардар буолаары турдаллар, кэлин биэтэккэ ким хайдах кэлбититтэн тутулуга суох олох аргыый бэйэтин хаамыытынан баран иһиэ. Сүрүнэ, ыраас, чиэһинэй быыбардар ааһан, инникитин дьон, норуот олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа өссө тупсан иһэригэр төһүү буолалларыгар баҕарыллар. Бастатан туран, дьон, норуот туһа буоллаҕа.

Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением