Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC

Бэс ыйын устатын тухары сөрүүн күннэр-түүннэр тураннар, от үүммэтэҕэ диэн буолар. Эмиэ даҕаны итийэн, бу бүтэһиккүннэрбит үчүгэйдик куйаардылар. Атырдьах ыйа уһунардахтарынан араабыллаабатаҕына, оттуурга үтүөкэн сайынүүммүт.

Бэс ыйын устатын тухары сөрүүн күннэр-түүннэр тураннар, от үүммэтэҕэ диэн буолар. Эмиэ даҕаны итийэн, бу бүтэһиккүннэрбит үчүгэйдик куйаардылар. Атырдьах ыйа уһунардахтарынан араабыллаабатаҕына, оттуурга үтүөкэн сайынүүммүт.

Кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар, чуолаан оттооһуҥҥа, ыарахан дьыллар үүммүттэрэ. Бүтэһик үс-түөрт сылга кураандьыллар турбуттара. Сыл аайы ардаҕы кэтэһэн-манаһан биэрэбитда, айылҕа быйаҥыттан бэрсэр гына өлгөмнүк тоҕо куппата. 

Кэтит кэскил

Ол барыта оту-маһы бэлэм­нээ­һинтэн саҕалаан, үлэ-хамнастэрээһинин түбүгэ, былааннааһына буолара. Урут үксүтүгэрилиинэн оттонон, көлөнөн тиэллэрин саҕана билиҥҥиөрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баар сүөһүтээҕэр элбэх сүөһү иитиллэнтурбута. Билигин аныгы үйэ кыахтаах тиэхиньикэтинэн сэбилэнэн, үлэ-хамнас араас мындырдарын, кистэлэҥнэрин баһылааһынтан, ыччаппыт үлэттэн-хамнастан тэйдэ. 

Сүөһүнэн иитиллэн олорор норуокка урут от үлэтэ - олоҕун тутаахтутула, сүрүн хайысхата этэ. Саха норуотун анаарар өйө-санаата, сылыктыыр бөлүһүөктээһинэ, итэҕэлэ, сиэрэ-туома барыта олоҕунити илгэтиттэн сиэттэрэн төрөөн-ууһаан, сайдан тахсара саарбаҕасуох. 

Төрүт дьарыкпытын таһаара сырыппатахпытына, аһара түһэндьүдэттэхпитинэ, омук быһыытынан бэйэбитигэр суоһарыылаахохсууну оҥостуохпут. Хостуур бырамыысыланнаска бүттүүн да баран, кэтит кэскил тэринэр уустук диэн эспиэрдэр бэлиэтииллэр. 

Ханнык баҕарар киһи орто дойдуга оҕо буолан төрөөн, ача күөхньаассын отугар үктэнэригэр анаммыт дьоҕурдаах, эйгэлээх буоланкэлэр дии саныыбын. Киһи кустук дьэрэкээн өҥөр, дьүкээбилсуһумун кэрэ эйгэтигэр таалалыыр, тарайар үөрүүтүн үлэнэнбилэр. 

37 841 гектар охсулунна 

Саха Сиригэр сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньатакөхтөөхтүк бара турар. Быйылгы ыһыы үлэтэ кэмигэр түмүктэнэн, бурдук (11 тыһ. гектар) уонна сүөһү култууратыгар (30 тыһ. гектар) 100% толорулунна. 

Саха Сиригэр барыта 435 тыһыынча туонна дороххой аһылыкбэлэмнэниэхтээх. Ол туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уон­наас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров  от ыйын 24 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥ кэмигэр иһитиннэрбитэ. 

Маассабай үлэҕэ 4488 звено тахсыбыта, 12900 киһи уонна 5688 тыраахтыр тардыллыбыта. От ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, Саха Сирин  үрдүнэн 37841 гектар охсулунна, 23 632 туонна от бэлэмнэннэ, эбэтэр былаан 5 %-на оҥоһулунна.

Оттооһуҥҥа улуустарга: Уус Алдан (3 352 туонна), Нам (2 963 туонна), Хаҥалас (2 425 туонна), Сунтаар (2 127 туонна) уонна Ньурба (2 104 туонна) бастыҥнар. Миниистирэппитинэн, курааны кытта сибээстээх кыһалҕалар 8 улуускабэлиэтэммиттэр, сүрүннээн Өлүөнэ өрүс уҥуоргу, ону тэҥэ Горнай, Өлүөхүмэ улуустарыгар. 

«Бүгүн бары улуустарга көһө сылдьар биригээдэлэр тэриллэллэр. Бу биригээдэлэргэ 57 тыһыынча туонна оту бэлэмниир сорудахбэрилиннэ. Урукку сылларга сүөһү аһылыгын саппааһынучуоттаан, Саха Сиригэр былааны 97-98% толоруугатахсыахтаахпыт», — диэн миниистир Артем Александров бэлиэтээбитэ.

Санатан эттэххэ, от ыйын 11 күнүгэр Таатта улууһугар сылдьан Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатынминистиэристибэтигэр уонна муниципальнай тэриллиилэргэ көһөсылдьар биригээдэлэри тэрийэр уонна ыраах улуустарынан үлэнисаҕалыыр туһунан сорудах биэрбитэ.

2024  сылга өрөспүүбүлүкэҕэ от былаана 435 тыһ. туонна, онутаһынан 14,3 тыһ. туонна сенаж уонна 28,9 тыһ. туонна сиилэс. 

348 сайылык

Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 348 сайылык үлэлиир, олиһигэр 332  ыанар ынаҕы, 16 – субан сүөһүнү тутар сайылык.

Манна 41 223 төбө ынах сүөһү, (онтон ыанар ынаҕа 18 831 төбө) баар. Үүтү ыаһын кэмигэр сүөһүнү сайылыкка көрүү-истии —  тыахаһаайыстыбатын үгэс буолбут көрүҥэ. 255 сайылыкмеханизациялаах, олортон 195 — тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларсайылыктара. Сайын устата 1838 киһи  үлэлиир, ол иһигэр 795 ыанньыксыт, 156 үүт тутааччы, 205 тиэхиньик-осеменатор, 271 ньирэй көрөөччү, 411 бостуук.

Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр 2024 сылга уопсайа 84 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай эбийиэктэри (хотону, сайылыктарыуонна хортуоппуйу харайар) тутууга үбүнэн өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Билиҥҥи туругунан, субсидияны биэрии бэрээдэгэ сөбүлэсиһиигэсылдьар.

2023 сылга Кэбээйи, Томпо, Сунтаар уонна Ленскэй улуустарыттанбиэс бааһынай хаһаайыстыбаҕа 100-түү ыанар ынахсайылыктарын  тутууга анаан өрөспүүбүлүкэ  бүддьүөтүттэн 14,74 мөл. солкуобай үбүлээһин көрүллүбүтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү 44 тэрилтэ тутар. Муниципальнайтэриллиилэргэ үүккэ сыллааҕы субвенция 68%, ол эбэтэр 2430,217 мөл. солк көрүллүбүтэ.  Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар  80% ыллылар, атыттарга субсидия толору тиэрдиллибит.

Бастыҥнар

Нам улууһа 2 963,5 туонна, былааныттан 10,76% (былырыынбаччаҕа – 4 432 туонна), Хаҥалас улууһа 2 425,5 туонна, былааныттан 7,82% (былырыын баччаҕа –3 680 туонна), Сунтаарулууһа 2 127,5 туонна, былааныттан 6,26% (былырыын баччаҕа – 3 480 туонна), Ньурба улууһа 2 104,2 туонна, былааныттан 7,51% (былырыын баччаҕа – 3 972 туонна) кэбиһиилэнэн, биэс бастыҥҥахапсыстылар. Бу нэдиэлэ устатыгар халлаан курааннаан, туранбиэрдэҕинэ, ити ааттаммыт улуустар ааспыт сыллааҕытаһымнарын ситэн, куоһаралларыгар эрэл баар.

Былааннаммыт оту толорууга абыйдар 1 968 туоннаттан 340,4 туоннатын (17,30%), орто халымалар 5 450 туоннаттан 789 туоннатын (14,48%) бэлэмнээннэр, инники түстүлэр. Былаанытолорууга үс бастыҥ иһигэр Уус Алдан эмиэ киирэр. 10 бырыһыантан таһаарбыт намнар бастыҥнары кытта тилэх баттаһаниһэллэр.

Улуустар былааннаммыт кээ­мэйтэн төһөтүн бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар ылыахтарын сөбүн сабаҕалаабыт сыыппаралараэбиллиэхтээҕэр көҕүрээтэ (84,45 оннугар 84,12 бырыһыан). Онуотун ыйааһыныгар таһаардахха, 367 511 туонна от. Ол эбэтэртиийбэт кээмэйэ – 67 709 туонна. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатынминистиэристибэтин Сиртэн үүнүүнү ылыыга уоннаматырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй хааччыйыыга департаменынсалайааччытын солбуйааччы Дьулустаан Харлампьев этэринэн, улуустар былырыыҥҥы быйаҥтан ордубут 31 825 туонна кур оттоохторун аахсан, билиҥҥитэ 35 884 туонна от тиийбэт диэнааҕан олороллор.

Курааннаабыт илин эҥээргэ Чурапчы 14 676, Мэҥэ Хаҥалас 7 060, Амма 5 239, Таатта 4 102, Томпо 2 093, Бүлүү сүнньүгэр Сунтаар3 450, Үөһээ Бүлүү 1 045 туонналыы тиийбэтин туһунансибидиэнньэ биэрбиттэр. Элбэх хаһаастаах улуустарга МэҥэХаҥалаһы (5 290 туонна от), Намы (4 108 т), Чурапчыны (3 500 т) ааттыахха сөп. Оннооҕор сыл аайы туораттан салҕанар ЭбээнБытантай 35 туонна кур оттоох. Өссө 8 улуус уоннаДьокуускайдаах Жатай 30-тан 3 300 туоннаҕа диэри хаһаастаахтар.

Билиҥҥи туругунан ыраах быраҕыллан сытар сирдэргэ тиийэноттуохтаах 21 көһө сылдьар биригээдэ тэриллибит. Аммаҕа уоннаКуорунайга 8-тыы, Үөһээ Халымаҕа 5 биригээдэни тэриннилэр. Амма биригээдэлэрэ, бэл диэтэр, 39 туонна кэбиһиилэммиттэр.

Бары күүһү – окко!

Айылҕа быйыл орто оту тосхойдо. Ардахтаах  сайыҥҥа күнү-дьылы ааҕан-суоттаан үлэлээтэхпитинэ эрэ хаачыстыбалаахдэлэгэй оту баһар,  оттуур кыахтаахпытын бары өйдүүбүт уоннабилэбит. Оту ардахха баттаппакка, хаачыстыбалаахтык кэбиһиисоруга быйыл хаһааҥҥытааҕар да күүскэ турар. Онон  үлэ-хамнассин биир кэккэ кытаанахтардаах буолуо. Ону быһаарыыга өбүгэсаҕаттан мунньуллубут баай уопут, үлэ үгэстэрэ түмүлүннэҕинээрэ кыайыылаах тахсар кыахтаахтар.

Билиҥҥитэ от үлэтэ тэтимнээхтик бара турар. Илиини араарбаккаэрэ, ол гынан баран, самыырга-ардахха биирдэ килэччи охсонбиэрбэккэ, күнү-дьылы кэтээн көрөн, таактыкатын табан оттуурэрэйиллэр буолла. Бөтүрүөп ардаҕа киин уонна илин эҥээрдээҕиулуустары нүөлсүтэн ааста. Ол кэннэ от тэбэн уонна от үлэтэтэтимирэн, өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл былааннаммыт оттон 84 бырыһыана ылыллара сабаҕаланар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулуус­патын матырыйаалларынан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как питаются наши дети?

Ученые Якутского научного центра Сибирского отделения РАН представили результаты…
09.11.24 13:50