Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ил Түмэҥҥэ «Газпром» хампаанньа көмөтүнэн Саха Сиригэр тутуллубут успуорт эбийиэктэрин туһунан тула кэпсэттилэр.

Ил Түмэҥҥэ «Газпром» хампаанньа көмөтүнэн Саха Сиригэр тутуллубут успуорт эбийиэктэрин туһунан тула кэпсэттилэр.

Санаттахха, Алдан, Дьокуускай куораттарга уонна Нерюнгри улууһун Чульман бөһүөлэгэр «Газпром» ААУо көмөтүнэн үлэҕэ киллэриллибит физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекстарга муниципальнай уонна өрөспүүбүлүкэ былаастара кэккэ кыһалҕалары көрсөн, билигин суһал быһаарыы ылыналларыгар эрэйэр. Итинэн сибээстээн, тохсунньу 31 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ «Газпром – оҕолорго» бырагыраама чэрчитинэн, саҥа эбийиэктэри успуорт тэрилинэн хааччыйыытын дьүүллэһиигэ төгүрүк остуол буолла.

Тэрээһини Ил Түмэн Ыччакка, физическай култуураҕа уонна успуорт дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев салайан ыытта. Төгүрүк остуолга парламент вице-спикерэ Антонина Григорьева, сис кэмитиэттэр чилиэннэрэ, норуот дьокутааттара, биэдэмистибэлэр салайааччылара, муниципальнай былаас, куорат уокуруктарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна успуорт уопсастыбаннаһа кытыннылар.

3
Мунньахха Саха Сиригэр тутуллубут саҥа успуорт эбийиэктэри «Газпром» ААУо социальнай көҕүлээһиннэрин өйүүр пуонда лииньийэтинэн успуорт тэрилинэн хааччыйыы кыһалҕалара уонна салгыы ыытыллар үлэ былаана дьүүллэһилиннэ. Сүрүн иһитиннэриини СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов билиһиннэрдэ. Кини этэринэн, «Газпром – оҕолорго» судаарыстыбаннай бырагыраама көмөтүнэн, Мархаҕа бассейннаах уонна хаҥкылыыр былаһааккалаах физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс (ФОК), оттон Алдаҥҥа уонна Нерюнгри улууһун Чульман бөһүөлэгэр сабыылаах хаҥкылыыр комплекстар тутуллубуттар. Миниистир этэринэн, сүрүн тиирэн турар кыһалҕанан, бары эбийиэктэргэ билигин эбии үп-харчы наада: хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр, успуорт тэрилинэн хааччыйыыга уонна эбии штатка хамнастарын ороскуоттара.
Бырагыраама чэрчитинэн киллэриллибит үс саҥа успуорт эбийиэктэрин үлэтин туһунан сиһилии СӨ «Сөтүөҕэ анал успуорт оскуолата» СБТ дириэктэрин бастакы солбуйааччы Юрий Баишев, СӨ «Хайыһарга олимпийскай резервэ успуорт оскуолата» СБТ дириэктэрэ Максим Скупой уонна Нерюнгри оройуоннааҕы дьаһалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Лев Зотов кэпсээтилэр.

1
Холобур, Мархаҕа комплекс аһыллыытын үөрүүлээх сиэрэ-туома былырыын ахсынньы 25 күнүгэр ыытыллыбыта. Оттон нэһилиэнньэҕэ маасабайдык үлэтин туһаайан  бу сыл олунньу 1 күнүттэн саҕалаата. Юрий Баишев этэринэн, комплекс сөтүөҕэ, хоккейга, хаҥкыга эт-хаан өттүнэн чэбдигирдэр, үөрэтэр, эрчийэр дьарыктары тэрийэргэ уонна ыытыыга туһуланар. Дьарык кэмигэр комплекс иһинэн симиэнэҕэ нэһилиэнньэни аһарар кыаҕын кыамтата 120 киһиэхэ тэҥнэһэр. Инникитин эбийиэги салгыы сайыннарыыга эрчийэр саала арыйыы былааннанар, киин куорат оскуолаларын кытта ыкса сибээстээх үлэ-хамнас саҕаланыахтаах.
Мунньах кэмигэр биир сүрүн боппуруоһунан комплекстар хааччыйыыларын үбүлээһинэ былааннамматаҕа билиннэ. Бу сыалга Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата, тустаах биэдэмистибэ 2023 сыллааҕы уонна былааннаммыт 2024-2025 сс. бүддьүөккэ үбүлээһинин былааннаабатаҕа ыйылынна. Ол курдук, билигин саҥа эбийиэк «Чолбон» бассейныгар көрүллүбүт үп-харчы суотугар үлэлиэҕэ. Наадыйыы уопсай суумата сылга 75 мөл. солк. кэриҥэ буолар. Маны таһынан, 16 штат үлэһитэ тиийбэт, ол иһигэр отделлар уонна управление салайааччылара. Суоппар, гардеробщиктар уонна инструктордар тиийбэттэр, кэлэктиип 70%-на хамнастарын хамнас алын кээмэйин таһымыгар  аахсаллар. Эбийиэк успуорт тэрилинэн хааччыллыбатах, хаҥкылар, нэһилиэнньэни көмүскүүр саппаас тэриллэрэ эмиэ тиийбэттэр. Ону сэргэ, «Газпром» пуондатын өттүттэн Саха Сиригэр бас билиигэ биэрии хаамыыта бытаарбытын туһунан иһитиннэрдилэр. Билигин бары үлэлэр хамсаабат баай-дуол дуогабардарыгар  олоҕуран оҥоһуллаллар.

2
«Комплекс тохтоло суох үлэлииригэр баҕарабын», - диэн Юрий Баишев бэлиэтээн туран, парламентарийдарга өрөспүүбүлүкэ 2023 сыллааҕы бүддьүөтүн көннөрүүтүн көрөллөрүгэр эбийиэк үбүлээһинин киллэрэн ылыналларыгар туһаайда. Норуот дьокутаата Павел Петров эбийиэк тас өттүн тупсарыыга, территория таһынааҥы суолларын саҥардыыга, светофордарынан, уотун сырдатыытын хааччыйыыга, оптуобус тохтобулун оҥорууга, ону сэргэ бу үлэлэри олоххо киллэриитин хонтуруоллуур наадатын туһунан төгүрүк остуол мэктиэ суругар киллэрэргэ этии киллэрдэ. Ону тэҥэ, парламентарий оҕолор эбийиэккэ босхо сылдьалларын туһунан боппуруоһу көтөхтө.

4
Ил Түмэн вице-спикерэ Антонина Григорьева атын бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэр олоххо киллэрбит социальнай бырайыактарынан тутууларын уопуттарын атастаһарга, инникитин ыйытыктары бэлэмнииргэ этии киллэрдэ. Парламентарий төгүрүк остуол чэрчитинэн муниципалитеттарга туһаайыллыбыт сыыһалары-халтылары туоратарга, успуорт резервэтин саҥа успуорт эбийиэктэригэр бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтону уурарга сорудахтаата. «Талааннаах ыччаты сайыннарыыга, таһаарыылаах түмүктэр наадалар», - диэтэ Антонина Григорьева. Ону таһынан, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатыгар комплекс территориятын тупсаран оҥорууга тутаах хайысхаларынан үлэлэри бастакы уочаракка ылынарыгар сүбэлээтэ. Норуот дьокутаата Юрий Николаев  киин куорат салалтатын өттүттэн  уопсайынан эбийиэк хааччылыытыгар тус интэриэстэрэ суоҕун ыйда. Оттон парламентарий Валентин Семерков анал хайысхалаах улахан успуорт эбийиэктэрин тутууга нэһилиэнньэ интэриэстэрин учуоттаан, бастатан туран, успуорт көрүҥнэрин маассабайдык уонна табыгастаах буолуутун ситиһэргэ, ол иһигэр кыаммат уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ наадатын бэлиэтээтэ. Михаил Гуляев киирбит этиини өйөөтө.
Маны сэргэ норуот дьокутааттара Алена Атласова оҕолор дьарыктарыгар чэпчэтиилэри олохтуур туһунан туоһуласта, Андрей Дорогань хомунаалынай өҥө уонна нолуок төлөбүрдэрин үбүлээһинин чааһыгар тустаах биэдэмистибэҕэ ыытар ыйытыктарын чопчулуурга этии киллэрдэ, Андрей Находкин успуорт тэрилин атыылаһыыга тутааччы аадырыһыгар ыйытыктары бэлэмнээн ыытарга, эбэтэр атын бөдөҥ тэрилтэлэри кытары ыкса үлэлэһэргэ эттэ, Владимир Чичигинаров киирбит бары этиилэри өйөөтө уонна, бастатан туран, нэһилиэнньэҕэ ордук маассабай успуорт көрүҥнэрин сайыннарыыга болҕомтоҕо ылалларыгар туһаайда.
Төгүрүк остуол үлэтин түмүгүнэн киирбит этиилэри мэктиэ сурук бырайыагар киллэрдилэр.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением