Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Ыам ыйын 14 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ доруобуйа харыс­табылын каадырдарынан хааччыйыы уонна  мэдиссиинэ исписэлиистэрин миэстигэр олохтуурга тыҥаан турар боппуруостары ырытыыга парламент истиилэрэ буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ ордук уустук балаһыанньа Аартыкаҕа уонна бырамыысыланнай улуус­тарга бэлиэтэнэр. Санатан эттэххэ, бу кыһалҕаны сэттис ыҥырыылаах мунньах ураты болҕомтоҕо ылан үлэлиир.

Мунньаҕы Ил Түмэн Байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитиигэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ – Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов салайан ыытта.

Ыам ыйын 14 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ доруобуйа харыс­табылын каадырдарынан хааччыйыы уонна  мэдиссиинэ исписэлиистэрин миэстигэр олохтуурга тыҥаан турар боппуруостары ырытыыга парламент истиилэрэ буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ ордук уустук балаһыанньа Аартыкаҕа уонна бырамыысыланнай улуус­тарга бэлиэтэнэр. Санатан эттэххэ, бу кыһалҕаны сэттис ыҥырыылаах мунньах ураты болҕомтоҕо ылан үлэлиир.

Мунньаҕы Ил Түмэн Байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитиигэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ – Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов салайан ыытта.

Быраастар Аартыкаттан бараллар

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева иһитиннэрбитинэн, Саха Сиригэр 5 тыһыынча 243 быраас, 11 тыһыынча 694 орто мэдиссиинэ персонала үлэлиир. Бу көрдөрүү ирдэнэр быраас ахсаанын - 78,5%-на, орто мэдиссиинэ персоналыгар 92% тэҥ.

 2018 сылы кытары тэҥнээн көрдөххө, каадырдарынан хааччыллыы үрдээбит. Ол кэмтэн 417 быраас уонна 892 орто мэдиссиинэ персонала эбиллибит.

Аартыка оройуоннарыгар 245 быраас, 733 орто мэдиссиинэ персонала үлэлиир (56,2% уонна 70,7%). Кэнники сылларга исписэлиистэр маассабайдык көһүүлэрэ бэлиэтэнэр. Кэлбит быраас ахсаанын тэҥэ, быраас төттөрү киин сирдэргэ көһөр. Сүрүн биричиинэлэр: олорор дьиэнэн-уотунан хааччыйыы суоҕа, олохтоох салайыныы уорганнарыттан өйөбүл тиийбэтэ, инфраструктура мөлтөҕө, маны тэҥэ, нэһилиэнньэ саҥа ананан кэлбит эдэр испэсэлиистэргэ эрэлэ намыһаҕа эмиэ баар көстүү. Лена Николаевна бэлиэтээбитинэн, быраастар Аартыкаҕа уонна хоту олохсуйалларыгар биир хостоох толору хааччыллыылаах дьиэ сыанатын аҥаарын тэҥэ суумаҕа социальнай төлөбүр төлөнөр. Маныаха исписэ­лиис 5 сылтан кырата суох кэм үлэлиэхтээх, 40 сааһын туола илик буолуохтаах.

Саха Сиригэр мэдиссиинэ каадырдарын специалитет, ординатура уонна орто үөрэх кыһаларыгар бэлэмнииллэр. 2018 сылтан 2023 сылга диэри бүддьүөт суотугар сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ үрдүк уонна орто анал үөрэхтээһиҥҥэ специалитетка 1296, ординатура бырагырааматынан – 456, орто анал үөрэххэ – 1134 устудьуону кытары дуогабар түһэрсиллибит. Маныаха  федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үп көрүллүбүт, 70 %-тахса дуогабар киин балыыһалары кытары түһэрсиллибит.

Сыаллаах үөрэтии түмүгэр 2019 сылтан 2023 сылга диэри 493 устудьуон үөрэҕин түмүктээбит. Олортон 161 (33%) үлэлиэхтээх сирдэригэр кэлбэтэхтэр. Бу устудьуоннар 113-рэ (70,2%) киин үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэр.

“Земскэй дуоктар / земскэй биэлсэр”  бырагыраама миэдиктэри тыа сиригэр үлэлэтэргэ биир сүрүн ньыма буолар. Бу бырагырааманан быраастарга, биэлсэрдэргэ, акушеркаларга уонна сиэстэрэлэргэ биир кэмнээх толуйуу төлөбүрэ көрүллэр. Суумата 2 мөл уонна 1 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.  Бырагырааманан  2012-2023 сылларга мэдиссиинэ салаатыгар 1396 үлэһит анаммыт  (1200 быраас уонна 196 биэлсэр), ол иһигэр Аартыкаҕа 253 быраас уонна 47 биэлсэр.  2024 сылга 138 исписэлиис кэлэрэ былааннанар (112 быраас, 26 биэлсэр).

Мэдиссиинэ каадырдарынан хааччыйыы биир саамай намыһах көрдөрүүлээх куоратынан Нерюнгри буолар. 2022 сылтан быраастары көҕүлээһиҥҥэ эрэгийиэн бырагыраамата олоххо саҥа киирэн, Нерюнгрига үлэлии кэлэр бырааска 1 мөл.солк. суумалаах  биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Оннук гынан, икки сыл устата 20 бырааһы кытары дуогабар түһэрсиллибит.

Дьиэнэн хааччыйыыга үлэ барар

Биир сүрүн кыһалҕанан олорор дьиэнэн хааччыйыы буоларын да­кылааччыттар да, дьокутааттар да эттилэр. Тутуу миниистирин сол­буйааччы Евгений Афанасьев доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһитиннэриитигэр олоҕуран эппитинэн, Саха Сиригэр бу дьыл саҕаланыыта 970 мэдиссиинэ үлэһитэ олорор дьиэҕэ-уокка наадыйар, ол иһигэр 378 быраас уонна 592 орто персонал.

Саха Сиригэр үс бырагырааманан дьиэнэн хааччыйыы ыытыллар. Ол иһигэр,  “Мин Сахам Сирэ 21 үйэҕэ” Өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыалалар хамсааһыннарынан тутуулар, “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка тоҕоостоох куортамныыр дьиэ” уонна “Аартыка уонна хоту улуустарга мэдиссиинэ тэрилтэлэрин үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраамалар.

2014-2023 сылларга үтүө дьыала хамсааһынынан эдэр исписэ­лиистэргэ анаммыт 142 дьиэ үлэҕэ киирбит. Манна 550 эдэр исписэлиис олороруттан, 58 мэдиссиинэ үлэһитэ (11%). Быйыл эдэр исписэлиистэргэ анаммыт 10 дьиэ тутуллар.

Бырамыысыланнай куораттарга уонна Дьокуускайга “Уһук Илиҥҥэ тоҕоостоох куортам дьиэтэ” бырагырааманан үлэ барыа. Лимиит 850 кыбартыыраҕа олохтоммут, түөрт куоракка куортам баар буолуо – Дьокуускайга, Алдаҥҥа, Нерюнгрига уонна Мииринэйгэ. Икки хостоох кыбартыыра куортама ортотунан 12 тыһ. солк. буолара сабаҕаланар (эбии хомууналынай өҥө счетчиктарынан ороскуот).

Аартыкаҕа уонна хоту үлэлиир миэдиктэргэ 45 кв.м. иэннээх биир хостоох толору хааччыллыылаах дьиэ орто сыанатын 50 бырыһыана төлөнөр. Субсидияны ылааччы РФ олохтооҕо, 40 сааһыгар диэри саастаах, үрдүк мэдиссиинэ үөрэхтээх буолуохтаах. Биэс сылга үлэлииргэ үс өрүттээх дуогабарга илии баттаһыахтаах.

Дьокутааттар этии киллэрэллэр

 Халыма-Индигиир уокуругуттан дьокутаат Гаврил Алексеев тыҥаан турар боппуруостарга этиилэри киллэрдэ. Кини иһитиннэрбитинэн, Аартыка оройуоннарыгар өрүү доруобуйа харыстабылын боппуруоһа турар. Мэдиссиинэ үлэһиттэрин хамнастарын кээмэйин араҥаланыыта суох. “Земскэй дуоктар/Земскэй биэлсэр” бырагыраама ымсыырдыбат, быраастар киин улуустарга да үлэлээн бу сууманы ылар кыахтаахтар. Онон сууматын үрдэтэргэ эттэ.

Аартыкаҕа ас-үөл сыаната ыарахан, миэдиктэр дьиэ куортамныырга күһэллэллэр, айан суолугар ороскуоттара үрдүк. Дьокутаат Абый улууһун киин балыыһатын кыһалҕаларыгар тохтоото. Быраастар тиийбэттэр: гинеколог, учаастактааҕы терапевтар, УЗИ-бырааһа, фтизиатр. Ааспыт сылга сыаллаах үөрэтии кэнниттэн түөрт исписэлиис кэлиэхтээҕэ да, кэлбэтэхтэр. Быйыл үс выпускнигы күүтэллэр даҕаны, мэктиэ суох.  

Муома балыыһатыгар эмиэ оннук хартыына. Сабыс-саҥа балыыһа тутуллубут эрээри, хирург, гинеколог, офтальмолог, терапевт, педиатр быраастар тиийбэттэр. Маннык хартыына Аартыка үрдүнэн турар. Үлэлиир сирдэригэр диэри айан сыаната ыарахан. Холобур, Абый улууһугар үс оҕолоох быраас үлэлиир. Прописката Дьокуускай куоракка буолан, чэпчэтиилээх билиэти сатаан атыылаһар кыаҕа суох. Онон аҥаардас биир көтүүгэ 100-тэн тахса тыһыынчаны төлүүр.

Маны этэн туран, Гаврил Алексеев Аартыкаҕа үлэлии кэлэр миэдиктэргэ дьиэнэн хааччыйар бырагыраамаҕа сааһынан хааччаҕы устарга, дьиэ куортамын толуйарга, чэпчэтиилээх авиа билиэттэри атыылыырга, ону тэҥэ,  хоту мэдиссиинэ үлэһитин  престииһин улаатыннарарга кэккэ этиилэри киллэрдэ. Холобур, тас дойдуларга, киин мэдиссиинэ кииннэригэр стажировкаҕа барарга, наҕараадалааһыҥҥа эбии квоталары көрөргө, “Аартыка бастыҥ бырааһа, биэлсэрэ, сиэстэрэтэ” диэн саҥа ааттары олохтуурга. Маны тэҥэ, мэдиссиинэнэн  дьарыктанар урбаанньыттарга нолуокка чэпчэтиилэри олохтоон, босхо дьиэнэн хааччыйан, Аартыкаҕа чугаһатыахха диэн эттэ.

Дьокутаат Мамедов Алиш Забид оглы мэдиссиинэ үлэһиттэрин толору хааччыллыылах, сылаас дьиэнэн хааччыйдахха эрэ, кинилэр миэстэтигэр олохсуйар кыахтаахтарын ыйда. Нэһилиэктэргэ усулуобуйа ыарахан. Холобурдаатахха, сорохторго туалеттара таһырдьа турар. “Толору хааччыллыылаах дьиэҕэ улааппыт, үөрэммит эдэр исписэлииһи хайдах гынан маннык усулуобуйаҕа олохтуохпутуй? Онон нэһилиэктэргэ исписэлиистэргэ анаммыт толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуохха. Бэриллибит көмө харчыны улууска, нэһилиэккэ ыччат туһанар кыаҕа суох, Дьокуускайга ипотеканан дьиэ ылаллар. Манан сиэттэрэн, чэпчэтиилээх дьиэлэри улуус кииннэригэр тутуохха. Каадырдары бэлэмниибит, хамнаһы үрдэтэбит, күннээҕи олохторун толкуйдуохха наада”, - диэн эттэ.

Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова мэдиссиинэни каадырдарынан хааччыйыы хонтуруолга турарын эттэ. Төгүрүк остуоллар, көһө сылдьар мунньахтар, анал истиилэр ыытыллыбыттар. Каадыртартан киһи олоҕун уһуна, хаачыстыбата ситимнээҕин ыйан туран, “Земскэй дуоктар/Земскэй биэлсэр” бырагырааманан үлэлээччи, дуогабар хаттаан баттаһыан сөптөөх буоларыгар, улууска көспүт исписэлиис олохсуйарыгар “үрдэтиилээх” төлөбүрү  аныырга эттэ. Маны тэҥэ ыраах, ыарахан суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ анаалыстары оҥорор портативнай тэриллэри туруоран, анаалыстары миэстэтигэр оҥорон, телемэдиссии­нэни күүскэ туһаныахха сөп диэтэ.

Түмүктээн эттэххэ, парламент истиилэрин кэмигэр киирбит мэктиэлээһиннэр аныгыскы пленарнай мунньахха көрүллүөхтэрэ. Санатар буоллахха,  Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, мэдиссиинэ уопсастыбаннаһын, салайааччылары кытары араас мунньахтары, истиилэри, төгүрүк остуоллары ыытар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31