Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров кулун тутар 23 күнүгэр 2022 сыллаахха РФ Биэнсийэ пуондатын Саха Сиринээҕи салаатын уонна территориальнай уорганнарын 2021 с. үлэлэрин түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи  сүбэ мунньахха кыттыыны ылла.

Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров кулун тутар 23 күнүгэр 2022 сыллаахха РФ Биэнсийэ пуондатын Саха Сиринээҕи салаатын уонна территориальнай уорганнарын 2021 с. үлэлэрин түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи  сүбэ мунньахха кыттыыны ылла.

Норуот дьокутаата Биэнсийэ пуондатын Саха Сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Михайлович дакылаатын өйөөтө уонна отделение үлэтин үтүө түмүктэрин бэлиэтээтэ, улахан үлэ ыытыллыбытын тоһоҕолоото.

- Пандемия олохпутугар улахан уларыйыылары киллэрдэ, ол эрээри доруобуйа харыстабылын салаата бу охсуһууну кыайда. Доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ тирээн турар соругу толордо. «Кыһыл зонаҕа» үлэлиир доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин өйүүргэ судаарыстыба сөптөөх дьаһаллары оҥорбута. Төлөбүрдэр кэмигэр тиийдилэр, оттон сыл аахсын биэнсийэ төлөбүрдэрин уонна социальнай босуобуйаларын индексациялааһын саҥардыллыбыт РФ Конституциятын сокуонунан ыйыллар, - диэтэ парламентарий.

Биэнсийэ пуондатын Саха Сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов:

VMS 5355

— Пандемиянан сибээстээн, төһө да ааспыт сыл уустук усулуобуйаҕа аастар, туох баар биэнсийэни, босуобуйаны, Ийэ хапытаалын хааччаҕа суох төлөөтүбүт. Бу суумата барыта 80 миллиард солк. буолла, ол иһигэр 63 млрд солк. – страховой биэнсийэни төлөөһүн. Бэрэсидьиэн ыйааҕынан былырыын биэнсийэлээхтэргэ, оҕолоох ыалларга көмө быһыытынан биирдэ бэриллэр төлөбүрдэр төлөммүттэрэ. Федеральнай бүддьүөттэн 5,5 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ. Дойду үрдүнэн бүрүүкээбит социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаны учуоттаан, дойду аҕа баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан, сотору кэминэн биэнсийэ, хамнас алын кээмэйэ, бары төлөбүрдэр үрдээри тураллар. Онно бэлэмнэнии үлэтин ыыта сылдьабыт. Ыам ыйыттан 8-16 саастаах оҕолоох, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ саҥа босуобуйа бэриллиэхтээх. Ыам ыйыттан сайабылыанньалары ылан саҕалыахпыт, ол эрээри босуобуйа хос ааҕыллан (перерасчет), муус устар ыйтан төлөнүө. Онон бу хаалбыт кыра кэмҥэ нэһилиэнньэни сырдатар-өйдөтөр үлэни күүскэ ыытыахпыт. Ил Дархан Айсен Николаев туруорбут соруктарын толору өйөөн, быйыл да биэнсийэҕэ, социальнай төлөбүрдэргэ эбэһээтэлистибэлэри толорор соруктаахпыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Ил Түмэҥҥэ

Сис кэмитиэт мунньаҕа

Муус устар 16 күнүгэр Ил Түмэн байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар…
18.04.24 15:04
Культура

Про фильм «Карина»

Сходила на фильм «Карина». Картина понравилась, как и все творчество Марианны Сиэгэн.…
18.04.24 09:36