Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -3 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Бүгүн Дьокуускайы эмиэ буруо саба бүрүйдэ. Бу буруо хантан төрүттээҕий?

Бүгүн Дьокуускайы эмиэ буруо саба бүрүйдэ. Бу буруо хантан төрүттээҕий?

– Бүгүн Дьокуускайы икки тохтотуллубут ойуур баһаарын буруолара кэлэн саба бүрүйдүлэр. Биир уот Сангаар сиригэр-уотугар, иккис – Уус Алдаҥҥа бааллар. Хотуттан үрэр тыал ити буруолары өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар мэҥэһиннэрэн аҕалла. Өскөтүн тыал хайысхатын уларыттаҕына, буруо эмиэ сүтэн-симэлийэн хаалыан сөп, – диэн Ойуур авиа-харыстабылын начальнига Владимир Леонов иһитиннэрдэ.

Кылаабынай баһаарынай Дьокуускай эргимтэтигэр, 250-300 км иһинэн, ойуур баһаардара бары умуруоруллубуттарын бэлиэтээтэ. Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр 5 улахан ойуур баһаара умайа турар.

– Ленскэй, Дьокуускай уонна Нам баһаардарын хаайдыбыт. Ити уоттар улахан буруону таһаарбаттар, – диэтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0