Ол туһунан ФИЦ ЕГС РАН Саха сиринээҕи филиала СИА-ҕа иһитиннэрдэ. Сир хамсааһына 3 бааллаах.
«Бу сотору-сотору буолар аччыгый сир хамсааһына. Сиинэ үрэххэ бу эмиэ сотору-сотору буолар көстүү», — диэн биэдэмистибэҕэ иһитиннэрбиттэр.
Хамсааһын 15 км. дириҥҥэ үөскээбит. Чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо сир хамсаабытын кырыыһаларыттан хаар түспүтүнэн билбиттэр.
Хаартыска: СИА
-
1
-
0
-
0
-
1
-
0
-
0