Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -27 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Дьокуускай аннынан өрүс эстиитэ ыам ыйын 14 күнүгэр  сабаҕаланар.

Дьокуускай аннынан өрүс эстиитэ ыам ыйын 14 күнүгэр  сабаҕаланар.

Барыллаан сабаҕалааһынынан, быйыл Өлүөнэ көмүөлэ Дьокуускай аннынан ыам ыйын 14 күнүн диэки устара күүтүллэр. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Андросов СӨ Гидрометкиинигэр сыылкалаан туран иһитиннэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар, Ленскэй оройуонун Витим бөһүөлэгин аннынан муус ыам ыйын 2 күнүгэр хамсаан саҕалыаҕа. Ленскэй куорат диэки ыам ыйын 3-4 күннэригэр тиийиэҕэ. Оттон Дьокуускайга ыам ыйын 14 күнүгэр хамсыыра күүтүллэр», — диэн начаалынньык эттэ.

Урукку сылларга киин куорат аннынан муус устуута ыам ыйын 13-18 күннэригэр  бэлиэтэнэрэ. Былырыын муус устуута ыам ыйын 15 күнүгэр  саҕаламмыта.

Хаартыска: эрэдээксийэ архыыбыттан

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
Уопсастыба

Сарсын пленарнай мунньах

Сарсын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) уочараттаах XXI…
24.11.26 15:48
Уопсастыба

9 саха мадьыныта кыттыаҕа

Казань куоракка ыытыллар мас-рестлинг аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтэ кыттааччыларын…
24.11.26 14:12