Ойуур баһаара тоҕус улуус сиригэр-уотугар умайар: Абый, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Томпо, Усуйаана уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар. Уоту бохсууга упсайа 259 киһи үлэлиир. Ааспыт сууккаҕа Абый, Дьааҥы уонна Томпо улуустарыгар сэттэ ойуур баһаара умуруоруллубута. Баһаары умуоруу 64%-ҥа тэҥнэһэр.
Бу нэдиэлэҕэ үгүс улуустарга этиҥнээх ардахтар буоллулар. Ол түмүгэр, саҥа баһаардар турдулар. Бу туһунан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплёв брифиҥҥэ кэпсээтэ.
Кини ааспыт сууккаҕа уопсайа 748 гектар иэннээх сиргэ 15 саҥа баһаар турбутун бэлиэтээтэ. Баһаардар Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Муома, Орто Халыма, Томпо, Эбээн-Бытантай улуустарыгар бэлиэтэннилэр.
Абый, Дьааҥы уонна Томпо улуустарыгар уопсайа 2914 га иэннээх 7 ойуур баһаарын умуруордулар.
От ыйын 31 күнүн туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 48 630 га иэннээх 58 ойуур баһаара турбутуттан, 53 баһаар хонтуруоллуур зонаҕа – тиийэргэ уустук, хайалаах сиргэ баар. Уопсай иэнэ 48 тыһыынча гектар. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 23870 га иэннээх икки айылҕа баһаара салгыы умайар.
Тэҥнээн көрдөххө, былырыын баччаларга 988 541,3 га иэннээх сиргэ 104 ойуур баһаара баара.
Билиҥҥи туругунан, баһаардары умуруорууга 259 киһи үлэлиир. Суһал дьаһаллар чэрчилэринэн, Дьааҥыга «Авиалесоохрана» федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин 24 исписэлииһэ көмөнү оҥороллор.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ил Дархан уурааҕынан киллэриллибит анал баһаары сэрэтэр эрэсиим бэс ыйын 5 күнүттэн үлэлиир, ВДьааҥы уонна Томпо улуустарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ үлэлии тураллар.
Хаартыска СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтиттэн
-
1
-
0
-
0
-
0
-
1
-
1

