Бырайыак салайааччыта, дириэксийэ Кыыл харыстабылыгар, ахсаанын тэҥнээһиҥҥэ уонна чөлүгэр түһэриигэ управлениетын салайааччыта Иннокентий Слепцов кэпсииринэн, Аллен чубукутун чинчийэр хамаанда бу күннэргэ “Суннагино-Силигинский” ресурса резерватын бөртөлүөтүнэн эргийэн кэлбит. Ити көтүү кэмигэр 13 Аллен чубукутун түбэһэ көрбүттэр, хаартыскаҕа түһэрбиттэр.
“Урукку ыйытыктар уонна чахчылар этэллэринэн, ити түөлбэҕэ чубуку үөскээбэт диэн буолара, суох этэ. Ол гынан баран, бүгүҥҥү чинчийии атыны көрдөрдө”, -- диэн Иннокентий Слепцов кэпсиир.
Хаартыска:https://dbrsakha.ru
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
