Бүлүү улууһугар уот Үгүлээт нэһилиэгин ходуһаларыгар чугаһаабытын туһунан иһитиннэрии кэлбит. Олохтоох дьон уоту кытта охсуһууга туруммуттар, ону сэргэ ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ умуруорууга үлэлииллэр.
Бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар бөртүлүөт көттө, Горнай улууһун Бэс Күөлүн таһыгар турбут улахан баһаарга дьону илтилэр. Бэҕэһээ суһал ыстаап мунньаҕар Үөһээ Бүлүү баһылыгын солбуйааччы Семен Михалев 26 уонна 55 нүөмэрддээх баһаардарга дьон күүһэ тиийбэтин туһунан иһитиннэрбитигэр, онно эбии дьону ыытар туһунан быһаарыы ылыллыбыт.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 48 ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар, бу үлэҕэ 1800 киһи уонна 230 тиэхинньикэ кыттар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0