Уус Алдан улууһун Түүлээх, Үөһээ Бүлүү Далыр уонна Кэбээйи улууһун Сэттэ сэлиэнньэлэрин таһыгар умайар баһаардар кутталы суоһууллар. Бу нэһилиэнньэлээх пууннар тастарыгар турбут баһаары умулларарга эбии дьону уонна тиэхиньикэни ыыппыттар.
Атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи туругунан 171 ойуур баһаара баара биллэр. 58 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ ыытыллар. 2402 киһи уонна 301 тиэхиньикэ бу үлэҕэ кыттыһар.
Сууккаҕа 8 ойуур баһаарын умуруорбуттар, 11 баһаар уота тарҕамматын курдук төгүрүппүттэр, эбии 15 ойуур баһаара турбут.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0