Үбүлүөйдээх 80 сылы бэлиэтиирдии Дьокуускайга дойду бэрэпиэссэрдэрэ кыттыылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Актуальнай неврология проблемалара» диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна. Бэс ыйын 29 – от ыйын 1 кк. диэри, үс күн устата, бүтүн өрөспүүбүлүкэ невролог быраастара түмсэн уопут атастастылар. Тэрээһиҥҥэ мэдиссиинэ тутаах үлэһиттэригэр судаарыстыбаннай уонна туһааннаах биэдэмистибэннэй наҕараадалары туттардылар. Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн быраастарга араас маастар-кылаастары уонна үөрэтэр сэминээрдэри тэрийдилэр. Билигин Саха Сирин үрдүнэн неврологическай салаа исписэлиистэрэ ыарыһахтарга суһал уонна эрдэ реабилитациялыыр көмөнү оҥороллор.
Санаттахха, Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕаламмытын кэннэ, 1943 с. бэс ыйыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа терапевтическай салаатын баазатыгар 18 куойкалаах неврологическай салаата аһыллыбыта. Көҕүлээччинэн уонна бастакы сэбиэдиссэйинэн мэдиссиинэ наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Исай Сапир этэ.1945 сылтан саҕалаан бу салааҕа куойка ахсаана элбээн барбыта, оттон 1962 сылтан 60 ыарыһаҕы көрөр буолбута. Билигин 2№-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа неврологическай салаата Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ неврологическай ыарыһахтарыгар анал уонна реабилитациялыыр көмөнү оҥорор.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0