Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Уһук Илиҥҥи уокуруктааҕы 250 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх
куораттары тупсарыыга сыллата биэстии млрд солк. аныахтара.

Уһук Илиҥҥи уокуруктааҕы 250 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх
куораттары тупсарыыга сыллата биэстии млрд солк. аныахтара.

Көрүллэр үп судаарыстыба бүддьүөтүттэн кэлэр икки сылга ороскуоттаныаҕа. Туһааннаах сорудаҕы дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин балаҕан ыйыгар буолан ааспыт Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн РФ  бырабыыталыстыбатыгар уонна Госдумаҕа биэрбитэ.
-2023-2024 сылларга федеральнай бүддьүөт үбүн суотугар Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуруктааҕы 250 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх пууннарга куорат территорияларын тупсарыыга сыл ахсын биэстии млрд солк аныырга, - диэн Кремль саайтыгар тахсыбыт докумуоҥҥа этиллэр.
Итини сэргэ, судаарыстыба Баһылыга чугастааҕы үс сыллааҕы бүддьүөккэ, Уһук Илиҥҥи уокурук куораттарын модернизациялыыр бырагырааматыгар анаан бүддьүөт кээмэйин, инфраструктурнай облигациялар уонна кирэдьиит биэрэр лимииттэрин быһаарарга сорудахтаабыта.

Бу үбүлээһин территориялары сайыннарыыга, ол иһигэр тас көстүүлэрин тупсарыыга, хомунаалынай инфраструктураларын сайыннарыыга туһуланыахтаах

  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29