Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев сэтинньи 25-26 күннэригэр буолбут сүүрбэ биирис (уочараттаах) пленарнай мунньах түмүгүнэн суруналыыстарга иһитиннэрии оҥордо.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев сэтинньи 25-26 күннэригэр буолбут сүүрбэ биирис (уочараттаах) пленарнай мунньах түмүгүнэн суруналыыстарга иһитиннэрии оҥордо.

Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн корректировката, ОДьКХ эйгэтигэр үбүлээһин уонна тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн буолла. Бүддьүөт корректировката уонна хомунаалынай комплекс Алексей Еремеев иһитиннэрбитинэн, бүддьүөт дохуоттаах чааһа көмүс бырамыысыланнаһын дохуота быйыл куһаҕана суох буолан эбилиннэ. Инньэ гынан 2026 сыллааҕы бүддьүөккэ дохуот уонна ороскуот чааһа уларытылынна. ОДьКХ өттүгэр кэлэр 2027 сыллааҕы бүддьүөккэ 55 млрд солкуобай үп-харчы толору көрүлүннэ. Быйыл 44 млрд. солкуобай угуллубута, билигин 10-ча млрд. эбилиннэҕинэ 54 млрд. курдук буолуохтаах. — Улуустарга өрөспүүбүлүкэттэн хомунаалынай комплекс субсидиятыгар үп-харчы тиийбэт. Ол түмүгэр улуустар итиини уонна сылытыыны биэрбит тэрилтэлэргэ төлөөбөттөр. Бу тэрилтэ ол харчыны ылбатаҕынан чоҕунан, гааһынан, электроэнергиянан хааччыйбыт тэрилтэлэргэ эмиэ иэстээх олорор. Ол курдук, эргиччи салҕанан бара турар, — диэн бэрэссэдээтэл эттэ. Кини бэлиэтээбитинэн, Ил Түмэн өттүттэн улахан тэрилтэ иэһин соторго уонна экэниэмикэтин көннөрөргө улахан системнэй быһаарыныы ылыллыахтаах. Оттон «Төлөн» курдук чоҕунан хааччыйар, «Намкоммунтеплоэнерго» курдук икки улууһу итиинэн хааччыйар уонна да атын тэрилтэлэргэ кыһалҕаны чопчу көрөн быһаарарга санаа этилиннэ. Бүгүҥҥү бүддьүөт корректировкатынан, эбии дохуот киирбититтэн хомунаалынай комплекс субсидиятыгар 5,5 млрд солкуобай курдук ыытылынна. Тыа хаһаайыстыбата: төбө уонна үүт харчыта сөргүтүлүннэ Тыа хаһаайыстыбатыгар сайын хомунаалынай комплекска үп-харчы тиийбэтинэн сибээстээн төбөҕө бэриллиэхтээх харчыны уонна үүт харчытын сарбыйыы сөргүтүлүннэ. Бүгүҥҥү туругунан 2026 сыллаахха ыаныллыбыт үүт дьоҥҥо-сэргэҕэ соҕотуопкалааччылар нөҥүө толору төлөнүөхтээх. Төбөҕө көрүллүбүт харчы эмиэ дьоҥҥо-сэргэҕэ илиилэригэр тиийиэхтээх. — Ил Түмэн аатыттан СӨ Бырабыыталыстыбата уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аатыгар бэлиэтээһиммитин эттибит: лимииттэргитин эрдэттэн быһан улуустарга тириэрдэҕит, ол суотугар дьоҥҥо-сэргэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ үүт тутуутугар харчы суох диэн сурах тиийэн, дьон ыабыт да үүттэрин туттарбакка хаалбыт түгэннэрэ хас да улууска бэлиэтэннэ, — диэн Алексей Еремеев ыйда. Улуустар бэйэлэрэ тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар боломуочуйа ылбыттара. Онно төбө харчытын үүккэ быраҕан биэрбиттэрин түмүгэр үөскээбит кыһалҕа эмиэ баар. Инньэ гынан быйыл бүддьүөтү ылынарга 2027 сылга итинник хартыына тахсыбатын курдук, сыллааҕы лимииттэринэн төһө наадыйыы баарын толору көрдөрөргө этилиннэ. Үүккэ былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 63 тыһ. тонна ыаммыт буоллаҕына, быйыл 62 тыһыынчаны кыайар-кыайбат буолара күүтүллэр. Ол аата түстэ. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана 65 тыһ. туоннаны ыахтаахпыт диэн сорудах биэрбитэ. Ол туолбата. — Инньэ гынан 2027 сылга ити үлэ былаанын олох атыннык туруоруҥ диэн ситэриилээх былааска бэйэбит санаабытын тириэртибит, — диэн түмүктээтэ Алексей Еремеев.

Ил Түмэн пресс-сулууспата.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0