Сарсыардаттан күн уота үөһээттэн кутуллан, сахалыы таҥастаах дьон Муона чараҥа ыһыахтыыр сиргэ субуллар. Күрэхтэр номнуо саҕаланан эрэллэр. Ньурба улууһуттан ыһыахха кытта кэлбит дьон Олоҥхо дьоруойдарын көрдөрөр таҥас күрэҕигэр киирэөри туралларын түбэһэн кэпсэттим.
Тартакынова Розалия, Ньурба култуураҕа департаменын норуот аймньытыгар салаатын салайааччыта, улуустааҕы Олоҥхо ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, "Оҕо Дьуулаах Бухатыыр" олоҥхону туруорааччы режиссер таҥастарын кэтэн сыанаҕа тахсаары турар дьону бэлэмнии сылдьан бириэмэ булан "Сахапарламент" саайтыгар анаан маннык билиһиннэрэр:
- Биир дойдулаахпыт Испирдиэн Петров- Чыычаах " Оҕо Дьуулаах Бухатыыр" олоҥхотун 2023 сылга улуустааҕы Олоҥхо бэстибээлигэр анаан туруорбуппут. Уопсайынан150 киһи кыттыбыта. Аны быйыл, кулун тутарга Дьокуускайга Саха тыйаатырыгар туруорбуппут.
- Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар Чыычаах бу олоҥхотун дьоруойдарын таҥастарын аныгылыы таҥас көрүү куонкурусгар кытта кэллибит. Билигин бу киирээри турабыт.
-Хас биирдии таҥас олоҥхо тус дьоруойун көрдөрөр. Холобура,Оҕо Дьуулаах бухатыыр урууга уонна охсуһууга кэтэр таҥастара, Көмүс Хоҥоруу, Туналыкы Куо, Тимир Дибдиргэ Уот
Кулаан бухатыыр, Хаас баас Даадархачаан, Үрүҥ Кыыртык уонна Дьохсоллой баай ойоҕо Кудай баай хотун, Дьохсоллой баай уола Туос Моҕоллой диэн дьоруойарын таҥастары аҕаллыбыт. Уопсайа 40 киһи кэллибит.
Аммаҕа ыһыах тэрээһинэ үчүгэй, чөкө - чөкө туралларын сөбүлээтим. Кыттаччы элбэх кэлбитэ Олоҥхо ыһыаҕын наһаа үчүгэйдик көрдөрөр. Биһиги бары көрүҥнэргэ кыттабыт. Илии тулуурдаах, өттүк харалаах төннүөхпүт диэн санаалаахпыт. Амма олус кэрэ дойду. Сардаана сибэккилээх хонууга сылдьар, хаартыскаҕа түһэр уонна аатырар Амма кытылыгар таалалаан ааһар бүччүм баҕа санаалаахпыт.
Дойдубутугар сылдьар курдукпут, айылҕата Ньурбаҕа майгынныыр. Амма улууһа бэрт үчүгэйдик көрүстэ, Чакыр нэһилиэгэ биһигини наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, кинилэргэ махталбытын тириэрдэбит. Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар отой остуоруйаны көрө олорор курдук сананныбыт.
Ыһыахтыыр сиргэ барыта чугас турара табыгастаах.
Бүгүн Амма эбэҕэ киирэн сынньаныахпыт этэ диэн, Амма ытык сиригэр, аммаларга, тэрийээччилэргэ махталларын тириэрдэллэр.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0