Сөбүгэр соҕус тыаллаах, хоту сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м, Аартыка оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 м, кытылынан сөкүүндэҕэ 25-28 м түргэннээхтик тыалырыа, буурҕалаах буолуо.
Салгын температурата түүнүн -5-10°С, халлаан халыннаҕына -10-15°С, хотугулуу-арҕаа -15-20°С, хотугулуу-илин хайалаах сиргэ -20-25°С, күнүһүн -4,+1°С, хотугулуу-илин, Өлүөнэ алын тардыытыгар -5-10°С буолар.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээхтик тыалырар. Салгын температурата түүнүн -6-8°С, күнүһүн -1-3°С буолар.
Хаартыска Гигачат Оҥоһуу өйүнэн таҥылынна.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















