Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Уһук хоту эрэгийиэннэргэ, ол иһигэр Саха Сиригэр сыл ахсын сир мууһун ириитэ саҕаланан, экэниэмикэ тыын суолталаах эбийиэктэригэр, дьон олорор дьиэтин туругар кутталы, биллэр-көстөр уустуктары, ыарахаттары үөскэтэллэр. Дьокуускайга эргэ дьиэлэргэ эрэ буолбакка, саҥа тутууларга эмиэ дьиэ эркинэ хайа баран, тыал курдары оонньуур, кыһын кырыарар, аспаал үллэн тахсар, хайыта ыстанар, суол сиҥнэн түһэр.

Уһук хоту эрэгийиэннэргэ, ол иһигэр Саха Сиригэр сыл ахсын сир мууһун ириитэ саҕаланан, экэниэмикэ тыын суолталаах эбийиэктэригэр, дьон олорор дьиэтин туругар кутталы, биллэр-көстөр уустуктары, ыарахаттары үөскэтэллэр. Дьокуускайга эргэ дьиэлэргэ эрэ буолбакка, саҥа тутууларга эмиэ дьиэ эркинэ хайа баран, тыал курдары оонньуур, кыһын кырыарар, аспаал үллэн тахсар, хайыта ыстанар, суол сиҥнэн түһэр.

ИРБЭТ ТОҤ УОННА ХАЛЛААН СЫЛЫЙЫЫТА

Итинник сэрэтэр бэлиэлэргэ болҕомто уурбатахпытына, сир аннынааҕы муус ууллан, дьиэ тирэҕин сүтэрдэҕинэ, сурулаабытынан сууллан түһүөн сөп. Алдьархай эмискэ тоҕо ааҥнаан кэлбэтин туһугар сэрэтии үлэтин ыытыахтаахпыт. Килиимэт уларыйыытын, ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарын дьүүллэһэ ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ атах тэпсэн олорон уонна онлайн холбонон, Арассыыйа, Казахстан, Кыргызстан, Монголия, Кытай, Индия, о.д.а. дойду учуонайдара, уопсайа 500 тахса экспиэр кытынна.

Кыттааччылары РФ тас дойдулар дьыалаларыгар миниистирэ Сергей Лавров эҕэрдэлээн, тэрээһин үрдүк таһымнааҕын кэрэһэлээтэ.

 - Хотугу эргимтэҕэ халлаан сылыйыыта сыллааҕы нуорманы икки төгүл куоһарар. Ирбэт тоҥ ириитин түмүгэр инфраструктурнай эбийиэктэринэн куттал үөскүүр. Биир өттүнэн, хотугу өрүстэринэн уонна Хотугу муустаах байҕалынан навигация сырыыта чэпчиир, кытыы нэһилиэктэргэ таһаҕаһы тиэйии сыыдамсыйар. Арассыыйа Аартыкатын экэниэмикэтэ бигэ туруктаах буоларын ситиһэргэ аан дойду таһымыгар хардарыта көдьүүстээх бииргэ үлэлээһин ыытыллыаҕа, — диэн эттэ Сергей Лавров.

КИЛИИМЭТ БРАЗИЛИЯҔА ТИИЙЭ УЛАРЫЙДА

Кэмпириэнсийэни сырдата Венгрияттан, Грецияттан, Турцияттан, Ливантан, Вьетнамтан, о.д.а. аан дойду араас уһугуттан суруналыыстар муһуннулар, үгүстэрэ нууччалыы билбэт буолан, аудиотылбаасчыт көмөтүнэн иһиттилэр. Кэпсэтиигэ устуудьуйаттан Москуба, Пекин, Астана куораттан кыттааччылар телемост нөҥүө кытыннылар, бэл, Арассыыйаҕа Бразилия посола Родриго де Лима Баэна Соарес онлайн холбонно. Кини экватор ортотугар сытар дойду Аартыкаттан ыраах эрээри, тропическай ойуур үүнээйитэ, хамсыыр харамайа уларыйарын бэлиэтээн туран, бу бырайыакка кыттыһарга бэлэмин биллэрдэ. Арассыыйа сирин-уотун 65 %-нын ирбэт тоҥ ылар, онон аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэни РАН Сибиирдээҕи салаатын П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт сүрүннээтэ.

Тэрийээччилэр ахсааннарыгар Уһук Илини сайыннарыыга министиэристибэ, СӨ Бырабыыталыстыбата уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ киирдилэр. Учуонайдар этэллэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ килиимэт уларыйан, бөһүөлэктэри халаан уута ылар, оттон сайын ойуур баһаара өрө туран, сири-дойдуну хойуу буруонан бүрүйэр. 1980-с сыллар бүтүүлэриттэн сылыйыы баран, Саха Сиригэр ирбэт тоҥ кыра-кыралаан уулла турар. Холобур, быйыл кулун тутарга Өлүөхүмэҕэ уонна Сунтаарга халлаан эмискэ сылыйан, ардах түстэ.

ДЬИЭҔЭ-УОККА САБЫДЫАЛА

Өрөспүүбүлүкэҕэ уонунан сыллар тухары халлааммыт сылыйан, ирбэт тоҥ халыҥ араҥата ууллан, сир анныгар көҥдөй дьөлөҕөстөр, термокарстовай күөллэр үөскүүллэр, ол үрдүгэр элбэх этээстээх дьиэни тутар кутталлаах. Уруккута хам тоҥон турбут сир сымнаан, илийэн, үгүс дьиэлэр атахтара тирэҕин сүтэрэн, хамсыы-халбаҥныы турарыттан сылтаан, эркиннэрэ, балконнара хайа барар, оннооҕор саҥа тутууларга. Итинник хайа барыы түмүгэр бу дьиэлэри ардах хотор, тыал курдары оонньуур, кыһын кырыарар. Ол иһин, Ил Түмэҥҥэ ирбэт тоҥу харыстыыр сокуон 2018 с. ылыныллыбыта. Учуонайдар килиимэт уларыйыыта Хотугу Америкаҕа, Канадаҕа, Аляскаҕа, Скандинавскай дойдуларга, Кытайга, Тибетка эмиэ баарын бэлиэтииллэр. Аляска айылҕата Сахабыт Сиригэр майгынныыр буолан, олохтоохтор дьиэлэрин-уоттарын туһугар эмиэ долгуйаллар. Хас эмит сыл, үйэ буола-буола айылҕаҕа тымныйыы, эбэтэр сылыйыы барар, оннук цикл эргийэ турар.

Бу соторутааҕыта Чурапчы, Таатта улуустарыгар кыһын -60 -- -63С тиийэ муҥутуур тымныйан, дьону соһуппута эрээри, үгүс улуустарга улахан тымныы түһэ илик. Тулалыыр эйгэни кэтээн көрөөччүлэр бырамыысыланнас сайдан, сиргэ углекислай гаас, метан таһаарыыта улаатан, парниковай дьайыыттан халлаан сылыйан, ирбэт тоҥ уулларыгар быhаччы сабыдыаллыырын туһунан этэллэр. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники сылларга ойуур баһаара өрө туран, мөлүйүөнүнэн гектардаах тайҕа умайан, ирбэт тоҥ халыҥ мууһа түргэнник ууллар.

2050 СЫЛГА УЛАХАН ХОРОМНЬУ ТАХСЫАН СӨП

Ирбэт тоҥ кыһын тоҥоруттан, сайын ирэриттэн, сирбит киһи хараҕар биллибэтинэн хамсыыр, онтон Дьокуускайга үгүс дьиэлэр иҥнэри-ханньары түһэн, ааннара да кыайан аһыллыбат-сабыллыбат буолар. Эргэ таас дьиэлэр эркиннэрэ хайа барарын таһынан, бу соторутааҕыта эрэ тутуллубут саҥа дьиэлэргэ итинник көстүү эмиэ тахсар. Холобур, киин куоракка 1982 с. Автодорожнай уулуссаҕа тутуллубут дьиэ эркинэ икки аҥы хайа баран, сууллар кутталламмытын көтүрбүттэрэ, олохтоохтору көһөртөөбүттэрэ. Куораппыт килбэйэр киинигэр таас дьиэлэр балконнара сууллан, эмсэҕэлээбит дьон эмиэ бааллар.

64fbb8e5 d124 4bcf 9f0f a4d6c873fbff

Турцияҕа сир хамсааһыныттан дьиэлэр аҕыйах мүнүүтэ иһигэр сууллан түһэннэр, күл-көмөр буолбуттара.

Сахабыт Сиригэр килиимэт уларыйыытыгар бэлэмэ суох олордохпутуна, ирбэт тоҥ ириититтэн үгүс дьиэлэр салгыы алдьанар-урусхалланар кутталлаахтар. Учуонайдар аахпыттарынан, 2050 сылга бүддьүөккэ биэс триллион суумалаах хоромньу тахсыан сөп. Алдьархай эмискэ ааҥнаабатын туһугар Арассыыйа араас муннуктарыгар ирбэт тоҥу кэтээн көрөргө уопсайа 140 пуун аһыллыахтаах, ол иһигэр Тиксиигэ. Ирбэт тоҥу үөрэтэр научнай киин дааннайдары түмэн, уопсай хартыынаны ойуулаан таһаарыахтаах.

РФ айылҕаҕа ресурсатын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов иһитиннэрбитинэн, 2 мөлүйүөн кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Аартыка оройуоннарын олохтоохторун олоҕор куттал суоһаабатын хааччыйыахтаахтар. Ирбэт тоҥу кэтээн көрөргө фоновай мониторинг үлэлиэҕэ.

РОСГИДРОМЕТ ИРБЭТ ТОҤУ ҮӨРЭТИЭҔЭ

Аартыкаттан тэйиччи сытар, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа харбыаласпыт хайалаах дойду олохтоохторо хайа үрдүгэр баар муус кэлиҥҥи кэмҥэ ирэн, сүтэн иһэриттэн, ыраас иһэр уу саппааһа аҕыйаан иһэрин бэлиэтээтилэр. Уһук хоту ирбэт тоҥ ириитэ сылаас тропическай айылҕалаах соҕуруу дойдуларга кытта сабыдыаллыырын эттилэр. Онон килиимэт уларыйыыта Арассыыйа эрэ «төбөтүн ыарыыта» буолбатах, Сир шарын олохтоохторо буоларбыт быһыытынан, аан дойдуну барытын хабыан сөп.

Саха Сирэ былыргы дьыллар быдан мындааларыгар папоротник үүнэр, динозавр хаама сылдьар сылаас-сымнаҕас айылҕалаах этэ. Онтон тымныйыы түһэн, сайыннары ирбэт тоҥ муус халҕаһалыы хам ылан, тулалыыр эйгэ барыта уларыйбыта. Билигин төттөрүтүн сылыйыы бара турар, урукку дьыллары кытта тэҥнээтэххэ, кыһын хойутаан кэлэр уонна эрдэ бүтэр. Росгидромет салайааччытын солбуйааччы Владимир Соколов тэрилтэ үлэһиттэрэ метеостанцияҕа, гидропуоска тулалыыр эйгэни өр кэм устата кэтээн көрүүлэрэ суолталаах быһаарыныы ылынарга тирэх буоларын эттэ. Росгидромет ыстаансыйалара ирбэт тоҥу Саха Сиригэр эмиэ үөрэтиэхтэрэ. Онон тулалыыр эйгэни, ирбэт тоҥу кэтээн көрүүгэ олоҕуран, инникини сабаҕалааһын оҥоруохтара. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, сөпкө дьаһаннахха, хоромньу тахсарын аҕыйатыахха сөп.

Күн бүгүн тулалыыр эйгэни харыстыыр сокуону ситэрэр федеральнай сокуон барыла оҥоһулунна. Дьиэ тутуллуон иннинэ уонна үлэҕэ киирбитин кэннэ тиэхиниичэскэй кэтээн көрүүнү ыытыахтара. Килиимэт уларыйыытыгар экэниэмикэ бэлэм буолуохтаах.

САХА СИРИГЭР КАРБОНОВАЙ ПОЛИГОНУ АРЫЙЫАХТАРА

Норуот дьокутаата, ХИФУ ректора Анатолий Николаев килиимэт уларыйыытын киһи аймах хайдах даҕаны уларытар кыаҕа суоҕун бэлиэтээтэ. - Сир күҥҥэ хайдах хайыһарыттан, тымныйыы, эбэтэр сылыйыы барар. Килиимэт цикл быһыытынан уларыйар. 1980-с сыллар бүтүөхтэригэр диэри Дьокуускайга сыллааҕы орто температура -10,4-- -10,5 С кыраадыс этэ, онтон 1990--2000 сс. – -8 С, 2010--2020 сс. – -7,5 С. 2020 сыллаахха өссө сылыйан- -5,9С тиийдэ. Бэрт кылгас кэм иһигэр итинник сылыйара биһигини толкуйдатыахтаах.

Университет метеорологтары, ирбэт тоҥу үөрэтэр исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар. Ирбэт тоҥ үрдүгэр дьиэни, суолу хайдах тутары билбэт инженер биһиги усулуобуйабытыгар үлэлиир кыаҕа суох. Онон маннык хабааннаах кэмпириэнсийэ икки-үс сылга биирдэ тиһигин быспакка ыытыллыан наада, — диэтэ ректор Анатолий Николаевич.

Кини инникитин Саха Сиригэр ирбэт тоҥу үөрэтэргэ карбоновай полигону тэрийиэхтэрин баҕаралларын туһунан санаатын үллэһиннэ. Кэмпириэнсийэҕэ эппиттэринэн, Арассыыйа аан дойдутааҕы Аартыка сүбэтигэр 2021--2023 сс. төһө да бэрэссэдээтэл буолбутун иһин, балаһыанньата халбархай туруктаммыт.

Бу сотору ыам ыйыгар Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир болдьоҕо бүтүөхтээх. Арҕаа дойдулар Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыны утаран, 2022 с. Арассыыйа сүбэ тэрээһинигэр кыттарын тохтоторун туһунан биллэрбиттэрэ. Аартыка сүбэтигэр киирэр дойдулар: АХШ, Канада, Дания, Финляндия, Исландия, Норвегия, Швеция бары НАТО чилиэннэрэ, онно Арассыыйа эрэ киирбэт. Ол иһин, доҕордуу сыһыаннаах дойдулары ыҥыран, Аартыканы сайыннарарга, Хотугу Муора суолунан Мурманскайтан Камчаткаҕа тиийэ төгүрүк сыл таһаҕаһы тиэйэргэ биһиги дойдубут балаһыанньатын бөҕөргөтөр санаалаах.

КАМЧАТКАҔА ДЬИКТИ ТҮБЭЛТЭ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын урукку бэрэссэдээтэлэ, билигин Камчатскай кыраай губернатора Владимир Солодов Чуумпу акыйаан хоту өттүгэр килиимэт уларыйбытын туһунан кэпсээтэ.

 - Биһиэхэ эмиэ сыллааҕы орто температура, уу таһыма уларыйа турар. 2020 с. Камчатка кытылыгар кыһыл өҥнөөх токсичнай уу салахайдара аһары элбээн, уубут кытархай дьүһүннэммитэ, үгүс муора харамайа сүппүтэ. Учуонайдар быһаарыыларынан, килиимэт уларыйыытыттан маннык көстүү тахсар. Онон тулалыыр эйгэ, акыйаан уларыйыытын чинчийэргэ аан дойду учуонайдара бары күүспүтүн түмэн үлэлиирбит көдьүүстээх буолуо, — диэтэ Владимир Солодов.

Муораҕа, акыйааҥҥа уу сыллааҕы нуорматтан аһара сылыйдаҕына, итинник салахай элбиир, тымныы ууга үүнээйи уу кытарыар диэри киэҥник тарҕаммат. Аартыкаҕа, Саха Сиригэр килиимэт уларыйыыта атын эрэгийиэннэргэ эмиэ дьайара итинтэн көстөр. Халлааммыт салгыы сылыйдаҕына, ирбэт тоҥ үрдүгэр оҥоһуллубут тутуулар алдьанар-кээһэнэр кутталлаахтарын эттилэр.

ТУТУУ БАРЫЫТА УУСТУГУРДА

 - Саха Сиригэр уонча сыллааҕыта сир аннынааҕы муус халҕаһата ириититтэн сылтаан, хас үһүс тутуу кэккэ уустуктары көрсөрө. Билигин ирбэт тоҥ сорҕото ууллан, тутуу 70- 80 % харгыстанар, үлэ бытаарар. Бу сытыы кыһалҕа, ону таһынан, дьиэ-уот, суол-иис, дьон олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар ситим алдьанар. Ирбэт тоҥу харыстыыр үлэҕэ аҥаардастыы наука эрэ өттүнэн барбакка, дьоҥҥо туһалааҕын көрүөхтээхпит.

Бастатан туран, нэһилиэнньэ олорор куоратыгар, бөһүөлэгэр инфраструктура, дьон олорор дьиэтэ бүтүн уонна бигэ туруктаах буоларын хааччыйыахтаахпыт. Дьокуускайга Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт учуонайдара аан дойду таһымыгар инники күөҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Улахан эбийиэктэри тутар хампаанньалар институту кытта ыкса үлэлэһэллэр, — диэн билиһиннэрдэ Ил Дархан Айсен Николаев.

АХШ Фэрбенкс куорат геофизическай институтун ирбэт тоҥу үөрэтэр лабораториятын салайааччыта Владимир Романовскай Аляскаҕа сир аннынааҕы муус Саха Сирин кытта тэҥнээтэххэ, арыый чараас эрээри, ириэрии бара турарын туһунан биллэрдэ.

 - Сайыҥҥы куйаас күннэр сир аннынааҕы муус ириитин дириҥэтэн биэрэллэр, ирбит сир сымнаан, аллараа түһэр. Оттон мууһуҥ халыҥа тэҥэ суох, ол иһин хаһааҥҥыта эрэ остуол ньуурун курдук көнө сиргэ икки миэтэрэлээх дьөлөҕөс, салгыы томтор үөскүүр. Маннык тэҥэ суох сиргэ турар дьиэ хамсаан-халбаҥнаан барар. 0 С кыраадыска муус ууллар, онон сир аннынааҕы халыҥ муус ириитин тоҥорор тэрилэ суох бу кыһалҕаны кыайан быһаарбаккын, — диэн быһаарда учуонай.

ДЬИЭ, КЫБАРТЫЫРА СЫАНАТА ӨССӨ ҮРДҮӨ

Н.М. Герсеванов аатынан НИИОСП геокриологическай уонна геотиэхиниичэскэй чинчийии киинин салайааччыта Андрей Алексеев: - Тутуу салаата аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан иһэр. Ирбэт тоҥ үрдүгэр акылаат, сыбаайа саҥа көрүҥүн оҥорон таһааран, былырыын бырабыыталыстыба бириэмийэтин ылбыппыт. Холобур, композитнай сыбаайаны ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиэрдии быдан чэпчэки. Ирбэт тоҥу харыстыырга сылааһы тутар матырыйааллары, холобур, пенополистиролу туттабыт. Маннык ньыманан хас да дьиэ тутуллубута.

Дьиэ бигэ туруктаах буоларын хааччыйар матырыйааллары тутуннахпытына, инникитин куттал суоһуура аччыан сөп. Ону таһынан, дьиэ туругун, сыбаайатын тиэхиниичэскэй кэтээн көрүү ыытыллыахтаах. Иккиһинэн, температураны кэтээн көрүүнү оҥорорго сиргэ хайаҕас хаһабыт, онно тимир турба уган баран температураны кэмниибит. Бу үлэнэн анал үөрэхтээх, идэтийбит тэрилтэ дьарыктаныахтаах.

Ол төлөбүрүн ким уйунарый? Бырамыысыланнай эбийиэктэри бас билээччи дьаһайар, ниэби-гааһы хостуур хампаанньалар ити үлэни ыыталлар. Гражданскай дьиэлэргэ кэтээн көрүү үлэтин ким төлүүрэ ситэ быһаарылла илик. Федеральнай таһымҥа Саха Сирин уопутун туһанан, ирбэт тоҥ туһунан сокуон ылыныахтаахтар, — диэн ирбэт тоҥ үрдүгэр ыытыллар тутуу уратытын туһунан кэпсээтэ.

Кэмпириэнсийэ кэмигэр дьон олорор дьиэтэ тутуллуон иннинэ ити этиллибит кэтээн көрүү үлэтин төлөбүрүн уопсай сыанаҕа киллэриэххэ сөбүн эттилэр. Оччотугар дьиэҕэ-уокка дойду үрдүнэн биир саамай үрдүк сыанабыт өссө ыарыыр чинчилээх. Ыам ыйынааҕы ыйаахха киирбэтэх кыра хамнастаах дьон букатын да ипотекаҕа кыайан хапсыахтара суоҕа.

КУҺАҔАН ҮЧҮГЭЙ ӨРҮТТЭЭХ

Уһун-киэҥ ырытыһыы кэнниттэн учуонайдар килиимэт син биир уларыйа турар, ону киһи кыайан тохтоппот, саҥа усулуобуйаҕа олоро үөрэниэххэ наада диэн санааҕа кэллилэр. Кинилэр этэллэринэн, кэлиҥҥи 10  тыһ. сылга билигин ирбэт тоҥ саамай сылыйан турар кэмэ. Кэлэр 50-60 сыл иһигэр сир аннынааҕы муус өссө ирэр чинчилээх. Парниковай гаас таһаарыытын да аччаттахха, температура син биир үрдүү туруо. Сорох учуонайдар 50 сыллаах сылыйыы кэнниттэн 50 сыллаах тымныйыы барыа диэтилэр. Халлаан сылыйыыта аҥаардастыы мөкү буолбакка, биир өттүнэн үчүгэй өрүттээх. Холобур, өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэлэри ититии кэмэ кылгатыллан, бүддьүөт ороскуота намтыан сөп. Ону таһынан, Хотугу муустаах байҕалынан таһаҕаһы төгүрүк сыл иҥнибэккэ тиэйиэхтэрэ. Муора кытылын устун сиртэн хостонор баайы туһаҕа таһаарыахтара.

ТҮМҮКТЭЭН ЭТТЭХХЭ

Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн Росгидромет, СӨ Бырабыыталыстыбата, Наука Арассыыйатааҕы академиятын Сибиирдээҕи салаата, СӨ Наукаҕа академията уонна ХИФУ килиимэт уларыйыытыгар, ирбэт тоҥ ириитигэр бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэристилэр. Кинилэр Уһук Хоту дьон олорор дьиэтэ, социальнай эбийиэктэр бигэ туруктаах буолалларын хааччыйарга, килиимэт уларыйыытын, сир аннынааҕы муус уу эбийиэктэригэр хайдах сабыдыаллыырын үөрэтэргэ, о.д.а. боппуруостарга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.

 Сөбүлэһии чэрчитинэн, Саха Сиригэр килиимэт уларыйыытыгар бэлэм буоларга эрэгийиэннээҕи былаан оҥоруохтара, сир баайын туһаҕа таһаарарга ирбэт тоҥ, уу, сир чинчийиилэрэ ыытыллыаҕа, итиэннэ карбоновай полигону тэрийиэхтэрэ. Онон ирбэт тоҥ ууллан, сир анныгар уу үөскээн, дьиэлэр сууллан түспэттэрин, аспаал хайыта баран суол алдьамматын, нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын туһугар учуонайдар уонна былаас уорганнара күүстэрин түмүөхтэрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29