Бэрэсидьиэн болҕомтотугар
Демография көрдөрүүтүн тупсарыы дойубут үрдүнэн ыытыллар бэлиитикэ. Владимир Путин быйылгы федеральнай мунньахха туһаайан этиитигэр кэлэн иһэр алта сылга оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ үрдүүрүн ситиһиэхтээхпит, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүн – биһиги сиэр өттүнэн быыбарбыт диэбитэ.
Бэрэсидьиэн эбэн эппитинэн, 2030 сылга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр дьадайыыларын көрдөрүүтэ икки төгүл түһүөхтээх.
“Сорох миэрэлэр соторутааҕыта ылылыннылар. Тохсунньу 1 күнүттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ биир кэлим босуобуйа олохтонно. Ааспыт сыл бу босуобуйанан 11 мөлүйүөн тахса киһи туһанна. Социальнай хантараагы түһэрсии судургутуйда, бу миэрэ инникитин кэҥиэ. Маныаха эбии 100 миллиард солкуобай эбии үп ирдэнэр”, - диэбитэ.
2030 сылга диэри суоттанар саҥа “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак чэрчитинэн ордук ыарахан демографическай балаһыанньалаах эрэгийиэннэргэ дьиэ кэргэттэри өйөөһүн бырагырааммаларыгар 73 млрд солк.тахса үп көрүллүө.
Көмө саҥа көрүҥнэрэ
Быйыл муус устарга, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут быһа эпииригэр элбэх оҕолоохторго кэккэ өйөбүллэр киирэллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, биэс саҥа өйөбүл миэрэ киирдэ.
Бастатан туран, элбэх оҕолоох ыалга анаан дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар чэпчэтиилэр киириэхтэрэ. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, бу сыалга үгүөрү суума көрүллүө, төһө буолара бары сөбүлээһини ааспытын кэннэ быһаарыллыа.
Иккис көмө - элбэх оҕолоох ыал оҕолоро хаһыс кылааска үөрэнэллэриттэн тутулуга суох, оскуолаларга итии аһылыгынан хааччыллыахтара. Билигин дойду үрдүнэн 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ босхо аһыыллар, мантан саҕалаан 11-с кылааска диэри үөрэнэр оҕо барыта босхо итии аһылыгынан хааччыллыа.
Үһүс – Айсен Николаев элбэх оҕолоох ыал чилиэннэрэ уопсастыбаннай тырааныспарка босхо айанныахтаахтарын эттэ. Бу куоракка эрэ буолбакка, улуустарга эмиэ.
Төрдүс саҥа көмө -“Саха Сирин эдэр олохтооҕо” каартанан оҕолор, ол иһигэр элбэх оҕолоох ыал оҕолоро өрөспүүбүлүкэ иһигэр култуура тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахтара.
Бэһис көмө - оскуоланы бүтэрэр, кэллиэскэ киирэр элбэх оҕолоох ыал оҕотугар, судаарыстыбаттан 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээт көрүллэр бырайыага олоххо киириэ. Оҕолор ирдэнэр идэлэргэ үөрэнэллэригэр, инникитин үлэ булалларыгар көмө буолуо диэн быһаарбыта. Көрүллүбүт сууманан төрөппүттэр оҕо төлөбүрдээх үөрэҕин чааһын төлүөхтэрэ.
Эрэгийиэн өйөбүлэ
Бу иннинэ даҕаны биһиги эрэгийиэммитигэр көмө тиһигин быспакка көрүллэр. Ол курдук, 2022 сылтан оҕо төрөөһүнүгэр “100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал олохтоммута. Бу хапытаал Ил Дархан көҕүлээһининэн Саха АССР 100 сылынан, Ийэ сылынан хаһыс оҕотуттан, ыал дохуотуттан тутулуга суох төрөөбүт оҕоҕо барытыгар бэриллэр. Бу тус сыаллаах хапытаалы ыларга икки ирдэбил баар — төрөппүттэр Арассыыйа гражданнарынан уонна Саха Сиригэр эрэгэстэрэссийэлээх буолуохтаахтар. Санаттахха, СӨ Ил Дархана тус сыаллаах хапытаалы олоххо киллэриини 2027 с. түмүктэниэр диэри уһатта.
Нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтэр туһугар оҕо төрөөһүнүгэр көмө баар. Холобур, бастакы оҕо күн сирин көрдөҕүнэ, биир кэмнээх төлөбүр бэриллэр. Ол кээмэйэ ииттинэн олоруу алын кээмэйин иккигэ төгүллээбиккэ тэҥ гына ааҕыллар.
Иккис оҕоҕо ийэ эрэгийиэннээҕи хапытаала бэриллэр. Үһүс уонна онтон салгыы төрөөбүт оҕоҕо “Дьиэ кэргэн” ийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаала бэриллэр.
2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар уу харчынан 200 тыһ. солк. диэри кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан төлөбүр көрүллэр.
Маны тэҥэ, үөрэнээччи таҥаһын ылыыга хас сыл аайы судаарыстыба элбэх оҕолоох ыалларга көмө көрөр. Бу өҥөнөн үстэн элбэх оҕолоох уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыаллар туһаналлар. Төлөбүрү хас биирдии үөрэнээччи ылар. Ыал дохуота уонна оҕотун ахсаана учуоттанар. Сүрүн ирдэбил - үс оҕо үһүөн 18 саастарын ситэ илик буолуохтаахтар. Эбэтэр үөрэнээччилэри таһынан, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23-гэр диэри саастаах устудьуон баар буолуохтаах. Төлөбүр хас сылын аайы бэриллэр.
Элбэх оҕолоох ыал дьиэтин гаас ситимигэр холбооһунугар көмөнөн туһанар кыахтаах. Биирдэ бэриллэр көмө муҥутуур кээмэйэ биир дьиэҕэ 150 тыһыынча солкуобай буолар. Бу көмөнү дьиэҕэ гаас турбатын тардыыга, тиэргэн иһинээҕи гаас ситимин тардыыга, гаас хочуолун атыылаһыыга, гаас билиитэни туруорууга, счетчигы, радиатордары, турбалары атыылаһыыга, гааһы холбуур үлэ өҥөтүн төлүүргэ, сылытар систиэмэни таҥыыга туттуохха сөп.
Бу курдук, орто дохуоттан тутулуга суох көмөнү билигин Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ туһаныахтарын сөп. Көмөнү ыларга олохтоох дьаһалтаҕа сайаапка түһэриллиэхтээх.
Федеральнай чэпчэтиилэр
Биир саамай туһаныллар чэпчэтиинэн 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киирбит Арассыыйаҕа оҕо тѳрѳѳhүнүн уонна иитиитин кытта сибээстээх биир кэлим ыйдааҕы босуобуйа буолар. Кинини 12 нэдиэлэҕэ диэри учуокка турбут хат дьахталлар уонна 17-гэр диэри саастаах оҕолоох тѳрѳппүттэр ылаллар.
Босуобуйаны аныырга дьиэ кэргэн биир киhиэхэ орто дохуотун кээмэйэ субъекка тиийинэн олоруу алын кээмэйин аhарыа суохтаах. Онуоха дохуоттарга хамнас эрэ буолбакка, биэнсийэ, истипиэндьийэ, социальнай босуобуйалар, бааҥҥа уурууттан уонна сүүйүүлэртэн дохуот, үбү-малы атыылааhынтан уонна туттарыыттан киирбит дохуот уо.д.а. киирэллэр. Оттон тѳрѳппүттэртэн биирдэстэрэ мобилизацияламмыт буоллаҕына, кини дохуота учуоттаммат.
Кѳмѳҕѳ наадыйыыны сыаналааhыҥҥа комплекснай сыhыан туттуллар, ол эбэтэр харчынан дохуот эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн бас билэр үбэ-мала эмиэ аахсыллар.
Биир кэлим босуобуйа хас ый аайы үhүс чыыhылаҕа тѳлөнөр.
Маны таһынан дойду үрдүнэн көрүллэр федеральнай көмөлөргө тохтоон ааһыаҕым.
10 уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ийэтэ «Дьоруой-ийэ» аатын ылар уонна киниэхэ 1 мѳл. солк. туттарыллар. Оттон 7 уонна онтон элбэх оҕолоохтор Тѳрѳппүт албан аата уордьаны уонна онуоха эбии 500 тыh. солк. ылаллар. Оттон 4 уонна онтон элбэх оҕолоохторго «Тѳрѳппүт албан аата» уордьан мэтээлин уонна онуоха эбии 500 тыh. солк. туттараллар.
Өссө биир саҥа өйөбүл миэрэтэ – быйылгыттан элбэх оҕолоох ыал дойду үрдүнэн куруортарга уонна гостиницаларга чэпчэтиилэринэн туһанар кыахтаныахтара. Саҥа көҕүлээһиҥҥэ номнуо 30 эрэгийиэн сөбүлэҥин биэрбит. Санатан эттэххэ, 2021 сылтан “Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията”национальнай бырайыак олоххо киирбитэ. Ол чэрчитинэн дойду үрдүнэн куруортары тупсарыы, саҥардыы барар.
Оҕолоох дьиэ кэргэттэр чэпчэтиилээх ипотека ылыахтарын сөп. Ыстаапка 6 саастарыгар диэри оннунан хаалыа. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ кирэдьиит сабыытыгар көрүллэр 450 тыһ. солк. үп бырагыраамата салҕаныа.
Дьиэ кэргэҥҥэ 18 саастарын туола илик үстэн элбэх оҕо, кыралара 14 сааһыттан балыс буоллаҕына, сылын ахсын бэриллэр уоппуска төрөппүккэ табыгастаах кэмҥэ бэриллиэхтээх.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ нолуоктан көҕүрэтии улаатыа. Ол курдук, бастакы оҕоҕо – 1400 солк, 2800 – иккискэ, 6000 – үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго.
Бас билиигэ баар биир учаастак иэниттэн 600 кв.м. кадаастыр сыанатыттан сир нолуогар көҕүрэтии оҥоһуллар. Хамсаабат баайга-дуолга эбии нолуокка көҕүрэтии оҥоһуллар. Хас биирдии 18 сааһын туола илик оҕоҕо дьиэ уопсай иэниттэн 7 кв.м., кыбартыыраҕа 5 кв.м. кадаастыр сыанатыттан биир эбийиэккэ көрүллэр.
Ийэ хапытаалын суумата бастакы оҕоҕо 630 тыһ. солк. тэҥнэһиэ, оттон иккискэ – 202 тыһ. солк. Ол эбэтэр, “Ийэ хапытаала” уопсай суумата 833 тыһ. солк.
Хаартыска: куйаар ситимиттэн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0