Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

Саха Сиригэр икки уонна онтон элбэх оҕолоох дьахталлар биэнсийэҕэ 50 саастарыгар тахсаллар. Ити ирдэбили кыайан толорботох дьахталлар хойутаан, 55-гэр бочуоттаах сынньалаҥҥа тиксэр кыахтаахтар. Биэс сыл тухары кинилэр кырата 1,5 мөл. солк. сүтэрэллэр.

Саха Сиригэр икки уонна онтон элбэх оҕолоох дьахталлар биэнсийэҕэ 50 саастарыгар тахсаллар. Ити ирдэбили кыайан толорботох дьахталлар хойутаан, 55-гэр бочуоттаах сынньалаҥҥа тиксэр кыахтаахтар. Биэс сыл тухары кинилэр кырата 1,5 мөл. солк. сүтэрэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, хайа да дьахтар ийэ, эбэ буолар дьолтон баҕа өттүнэн аккаастаммат. Бырамыысыланнас сайдан, экологиябыт, аспыт-уубут мөлтөөн, эдэр сылдьан кыһын тымныыга сыыстаран, араас ыарыыга ылларан, үгүс кыыс оҕо-уруу төрөтөр айылҕаттан анаммыт аналыттан матар. Аны ЭКО эрэ барыта табыллан иһэр буолбатах, сорох кыргыттар биэстэ-алтата оҥотторо сатыыллар даҕаны, таҥара биэрбэтэҕин, дьылҕа хаан оҥоһуутун кыайан уларыппаккын.

ХАМСЫЫРЫН ТУХАРЫ ҮЛЭЛИИРИГЭР ТИИЙЭР

Онтон хас да оҕолоох дьахталлар 50 саастарыгар бастакы, иккис оҕолоро номнуо улаатан, үлэһит буолан, хамнастанан, ийэлэригэр көмөлөһөр кыахтаналлар. Кыайан оҕоломмотох дьахтар туораттан кимтэн да көмө күүтэр кыаҕа суох. Ыксаллаах кэмҥэ киниэхэ ким харчы биэриэй, ыарыйдаҕына, балыыһаҕа ас таһыай, бэрийиэй? Эрэнэрэ, күүтэрэ биэнсийэтэ эрэ.

Онон оҕото суох дьахталлар биэнсийэҕэ тахсар саастарын уһаппакка, атыттары кытта тэҥҥэ 50-гар тахсыахтарын сөп этэ. 20 000 – 25 000 солк. биэнсийэҕэ оҕото, эрэнэр эркинэ суох дьахтар ипотекатын, хомунаалынай төлөбүрүн хайдах уйунуой? Онон син биир хамсыырын тухары үлэлииригэр тиийэр.

Аналитиктар ааҕан көрүүлэринэн, Арассыыйа пенсионнай ситимэ уларыйбакка эрэ 5-10 сыл үлэлиир кыаҕа суох, онон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар саас өссө уһаан биэриэхтээх. Билигин дойду үрдүнэн биэнсийэҕэ 1963 сылтан бэттэх төрөөбүт эр дьоннор 65-тэригэр, 1968 сылтан бэттэх төрөөбүт дьахталлар 60-гар тахсаллар.

БИЭНСИЙЭҔЭ ТИИЙБЭККЭ ЭРЭ БАРАЛЛАР

Сайдыылаах дойдулары кытта тэҥнэһэ сатыыбытдаҕаны, Европаҕа олохторун уйгута, мэдиссиинэ таһыма үрдүк, килиимэт киһи олороругар табыгастаах. Ол иһин 60 саастарын лаппа ааһан баран, биэнсийэҕэ тахсаллар уонна талбыт дойдуларыгар күүлэйдии, сынньана бараллар. Статистика чахчытынан, Арассыыйаҕа эр дьон ортотунан 65, дьахталлар 74 саастарыгар диэри олороллор. Эр киһи олоҕун уһуна дьахтартан кылгас, сорохтор биэнсийэ ылбакка эрэ бараахтыыллар.

Киһи олоҕун уһунунан Арассыыйа аан дойдуга 156-с миэстэҕэ турар, дьон ортотунан 72,4 сааһыгар диэри олорор эрээри, Украинаҕа байыаннай дьайыыга сүтүк тахсарынан, эр дьон олоҕо өссө кылгыыр чинчилээх. Аан дойдуга саамай уһуннук Монакоҕа 89,5 саастарыгар диэри олороллор, Сингапурга 86,3, Макао 84,9 саастарыгар тиийэллэр. Бу дойдуларга салгын, уу ыраас, экэниэмикэ бигэ туруктаах, дьон хамнаһа, биэнсийэтэ үрдүк, ол иһин уһун үйэлэнэллэр. Монако нэһилиэнньэтин 30% миллионердар.

БОЧУОТТААХ СЫННЬАЛАҤҤА КИМ ЭРДЭ ТАХСАРЫЙ?

Сахабыт Сирэ Уһук хоту эрэгийиэҥҥэ киирэринэн сибээстээн, сорох дьон биэнсийэҕэ эрдэ тахсар кыахтаах. Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар, эр дьон 55-ттэн, дьахталлар 50-ттан социальнай биэнсийэни ылаллар, өскөтүн кинилэр төрүт буордарыттан тэйбэтэх уонна үлэлээбэт түгэннэригэр. Лүөччүктэр, бортпроводниктар, бырамыысыланнаска сир анныгар шахтаҕа үлэлиир дьон, быраастар, учууталлар о.д.а. ыстаастара туоллаҕына, биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтарын сөп.

Уһук хоту 15 сыл үлэлээбит, 25 сыл страховой ыстаастаах эр дьон быйыл 60-гар биэнсийэҕэ тахсаллар. 25 сыл идэлэринэн үлэлээбит табаһыттар, балыксыттар, булчуттар 50-гар биэнсийэ ылаллар. Уһук хоту 15 сыл үлэлээбит, 20 сыл страховой ыстаастаах дьахталлар 55-гэр биэнсийэҕэ тахсаллар. Уһук хоту 12 сыл үлэлээбит, 20 сыл страховой ыстаастаах икки уонна онтон элбэх оҕолоох дьахталлар 50 саастарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тиксэллэр. Төрөөбүт тэлгэһэлэриттэн ырааппатах, 20 сылтан итэҕэһэ суох табаһытынан, балыксытынан, булчутунан үлэлээбит дьахталлар 45 саастарыттан биэнсийэ ылаллар.

КИҺИ БАРЫТА ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ БУОЛБАТАХ

Табаһыттар итиэннэ икки уонна онтон элбэх оҕолоохтор испииһэктэригэр киирбэтэх дьахтар биэнсийэҕэ 5 сыл хойутаан тахсар. Эр киһи олоҕо дьахтартан быдан кылгас эрээри, биэнсийэҕэ тахсар сааһа 5 сыл уһаан биэрдэ. Үлэһит ахсаана аҕыйаабытын бырамыысыланнастан, IT-салааттан, креативнай экэниэмикэттэн бүддьүөккэ киирэ турар үп-харчы үрдээһинэ син толуйар кыахтаах. Сахабыт Сиригэр кэнники биэс сыл иһигэр ВРП икки төгүл үрдээн, билигин 2 трлн. 246 млрд солк. тэҥнэстэ.

Биэс сыллааҕыта 160-180 млрд. солк. суумалаах бүддьүөт ылыллар этэ, оттон 2022 с. бүддьүөт ороскуоттаах чааһа — 328 млрд. солк. тиийдэ. Холбоһуктаах Арабскай Эмират олохтоохторо 49 саастарыттан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар бырааптаахтар. Аан дойдуга хас үһүс алмааһы биэрэр «АЛРОСА» хампаанньа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар айылҕа баайын хостуурунан сибээстээн, Саха Сиригэр төрөөбүт төрүт олохтоох дьон биэнсийэҕэ урукку сааһынан, эр дьоннор 55-тэригэр, дьахталлар 50-гар тахсалларын хааччыйыан сөп этэ.

  ҮЛЭҺИТ ТИИЙБЭТ

5e840739 32c9 41a7 956c c3563717007c

Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров биэнсийэҕэ тахсар саас тоҕо уһатыллыбытын быһааран биэрдэ: - Күн бүгүн биэнсийэлээх дьон ахсаана элбии, оттон үлэһит ахсаана аҕыйыы турар. Биэнсийэ тиһигэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кырдьаҕастары үлэлии сылдьар дьон хааччыйаллар. Ааспыт үйэ 1960-с сылларыгар оҕо төрөөһүнэ муҥутаан үрдүү сылдьыбыта, бу көлүөнэ биэнсийэҕэ тахсар сааһын ситэн, үлэ ырыынагыттан барар кэмэ кэллэ.

Кинилэри 1990-с сылларга төрөөбүт, Арассыыйа аныгы историятыгар саамай аҕыйах ахсааннаах көлүөнэ солбуйар. Ол иһин үлэһит уонна биэнсийэлээх дьон ахсаанын тэҥнээри биэнсийэҕэ тахсар саас уһатылынна. Биэнсийэҕэ тахсар саас нэһилиэнньэ улахан араҥатыгар оннунан хаалла. Тыа хаһаайыстыбатыгар өр кэмҥэ үлэлээбит, тыа сиригэр олорор дьон, сылгыһыттар, ыанньыксыттар биэнсийэҕэ эрдэ тахсалларын курдук сокуоҥҥа көннөрүү киирбитэ. Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытары тэҥнээн көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо биэнсийэҕэ 5 сыл эрдэ тахсар бырааптара күөмчүлэммэтэ.

Ол эрээри Уһук Илинтэн көһөн барыы түмүгэр нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турар. Улахан сирдээх-уоттаах Аартыканы, Уһук Илини сайыннарарга, үлэһит дьону эрэгийиэҥҥэ ыҥыран, олохсутарга биэнсийэҕэ эрдэ тахсар саас биир сүрүн төрүөт буолуо этэ. Онон биэнсийэҕэ тахсар сааһы кыччатар туһунан боппуруос хат көрүллүөн сөп.

ОҔОТУТТАН ТУТУЛУГА СУОХ

b70383b7 b313 4daa b12e 2ec96f30c441

СӨ Уопсастыбаннай балаататын, Саха Сирин дьахталларын түмсүүлэрин сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева: – Дьахтар доруобуйатын туругунан, туга эрэ сатаммакка, кыайан оҕоломмотох буолуон сөп. Оҕото суох киһи кырдьар, мөлтүүр сааһыгар көрөр-истэр, харчынан көмөлөһөр киһитэ суох, онон биэнсийэҕэ биэс сыл хойутаан тахсара улахан ночооттоох. Үлэ ыстааһын ситиспит, хамнастарыттан усунуос төлөөбүт дьахталлар ким хас оҕолооҕунан арахсыбакка, урукку бэрээдэгинэн олохторун орто омурҕаныгар биэнсийэнэн хааччыллыахтаахтар.

Дьиэҕэ таах олорботох, күүлэй тэбэ сылдьыбатах, араас эйгэҕэ үлэлээн, дьоҥҥо туһаны оҥорбут дьахталлар саастарын ситтэхтэринэ, 50-нарыгар биэнсийэ ылыахтаахтар. Кыһын хас да ый -50-58 С тоһуттар тымныы турар, сайын өҥүрүк куйаас, ойуур баһаарыттан хойуу буруо быыһыгар ыарахан усулуобуйаҕа олоробут. Онон Саха Сиригэр төрөөбүт, үйэлэрин тухары манна үлэлээбит дьон биэнсийэҕэ эрдэ тахсыахтаахтар.

Чахчыларга олоҕурдахха, аан дойдуга саамай үрдүк биэнсийэни 3000 евроны (273000 солк.) Люксембург олохтоохторо ылаллар, иккис миэстэҕэ биэнсийэ кээмэйинэн Дания -- 2800 евро (254800 солк.), үһүс миэстэҕэ Финляндия -- 1632 евро (148512 солк.) сылдьаллар.

Саамай намыһах биэнсийэ Украинаҕа -- 9282 солк., Арассыыйаҕа -- 16016 солк., Румынияҕа – 23 751 солк. төлөнөр.

  • 5
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Чахчы, дьикти дьылҕа!

Дьокуускайга аны сайын, бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри, «Азия оҕолоро» VIII…
19.04.24 17:38
Түһүлгэ

Айылҕа уһуктан эрэр

Чаҕылыс-иҕилис мичээрдээх, сэргэх сэбэрэлээх, сааскы сандаархай күн сардаҥата…
19.04.24 16:03
Булт

Сааскы көтөр

Халлаан сылыйарын, сааскы ылааҥыны кытта тэҥҥэ кэлбит туллуктарбытын, тураахтарбытын,…
19.04.24 12:04