Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC

Ыам ыйын 21 күнүгэр, “Полярник күнүн” көрсө, “Саха Сирин Аартыката” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ үөрүүлээх мунньаҕы ыытта. Тэрээһиҥҥэ Аартыка бастыҥ үлэһиттэрин чиэстээтилэр, тэрилтэлэри кытары сөбүлэҥнэргэ илии баттастылар, хоту дойду уонна Аартыка дьонун олоҕор уонна кыһалҕаларыгар олоҕун анаабыт Владимир Членовы ахтан-санаан аастылар.

Ыам ыйын 21 күнүгэр, “Полярник күнүн” көрсө, “Саха Сирин Аартыката” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ үөрүүлээх мунньаҕы ыытта. Тэрээһиҥҥэ Аартыка бастыҥ үлэһиттэрин чиэстээтилэр, тэрилтэлэри кытары сөбүлэҥнэргэ илии баттастылар, хоту дойду уонна Аартыка дьонун олоҕор уонна кыһалҕаларыгар олоҕун анаабыт Владимир Членовы ахтан-санаан аастылар.

уопсастыбанньыктар кылааттара улахан

1

Мунньаҕы “Саха Сирин Аартыката” түмсүү бэрэсидьиэнэ, Ил Түмэн Төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева салайда. Кини бу үөрүүлээх күн Владимир Членов сырдык аатын үйэтитэр сыалтан, кини аатынан олохтоммут бириэмийэ баарын санатта. Бириэмийэ хас да биһирэм аатынан Аартыка уонна Хоту улуустар экэниэмикэлэрин уонна социальнай олох эйгэтин бастыҥ үлэһиттэригэр туттарыллар. Ааспыт сыл ыам ыйын 22 күнүгэр Арассыыйа полярниктарын ассоциациятын 10 сылыгар анаммыт “Саха Сирин Аартыката” уопсастыбаннай тэрилтэ үөрүүлээх тэрээһинин кэмигэр бириэмийэлэри аан бастакытын  туттарбыттар.

Маны этэн туран, Елена Христофоровна кэлиҥҥи сылларга Аартыкаҕа сайдыы баран эрэрин, Арассыыйаҕа улахан болҕомтоҕо сылдьарын бэлиэтээтэ.Хоту дойду хоһуун олохтоохторо, көхтөөх уопсастыбанньыктара төрүт сирдэрин сарсыҥҥытын туһугар киллэрэр кылааттара ураты суолталааҕын ыйан туран, “Саха Сирин Аартыката” түмсүү үлэтин-хамнаһын кытары билиһиннэрдэ.

Түмсүү хас даҕаны салаанан үлэлиир. Бастатан туран, үөрэхтээһин салаатынан Аартыка 13 улууһун абитуриеннара көмөнөн туһаналлар. Бу ураты суолталаах, көдьүүстээх көмө буолар. Урукку сыллар курдук, киин куоракка “Абитуриент” ыстааба үлэлээбэт буолан, хас биирдии оскуоланы бүтэрээччи үөрэх тэрилтэтигэр докумуоннарын интэриниэтинэн ыытар. Мөлтөх суоллаах-иистээх, бытаан интэриниэттээх хоту улуустар оҕолоругар бу улахан кыһалҕа. Маныаха түмсүү исписэлиистэрэ көмөҕө кэлэн, сүбэ-ама буолаллар, оҕолорго талбыт идэлэринэн үөрэхтэригэр докумуоннары кэмигэр, сөпкө туттарарга кыһаллаллар.

Анал байыаннай дьайыыга кыттар буойуттарбытыгар көмө хомуйарга, хаххалыыр сиэккэлэри өрөргө, көмүскээччилэрбит аймахтарыгар өйөбүл оҥорорго  амарах санаалаах биир дойдулаахтары түмэр салааны тэрийэн, билигин улахан суолталаах, наадалаах үлэни ыыталлар.

Маны тэҥэ, Аартыка олохтоохторо сирдэрин-уоттарын докумуоннаһалларыгар көмөлөһөллөр. “Хас биирдии Аартыка олохтооҕо сирин-уотун бас билиигэ ыларыгар, докумуоннары толороругар, тустаах уоргаҥҥа тиксэрэригэр харгыстары көрсүө суохтаах”,  - диэн дьокутаат эттэ.

Елена Христофоровна мустубуттарга 7-с ыҥырыылаах Мунньахха Аартыка улуустарыттан талыллыбыт дьокутааттары: Александр Сусоевы, Сергей Сивцевы, Гаврил Алексеевы   билиһиннэрдэ.

Мунньах биир бэлиэ түгэнинэн Николаев киинин, гуманитарнай наукалар үнүстүүттэрин, “Хоту” билим-үөрэх киинин кытары бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥнэргэ илии баттаһыыта буолла.

234

тырааныспар боппуруоһун быһаарыы – тыын суолталаах  

Ил Түмэн Култуураҕа уонна сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев Аартыка олохтоохторо дойдубут саамай хоту сытар кыраныыссатын араҥаччылааччылара буолалларын бэлиэтээтэ. Айылҕа тыйыс усулуобуйатын аахсыбакка, күүстэрин-уохтарын ууран туран үлэлииллэригэр, Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттар дойдуларын көмүскүүллэрин, ытык иэстэрин чиэстээхтик толороллорун  бэлиэтээн махтанна.

Аартыка сайдар, ол эрээри, өссө даҕаны элбэх оҥоһуллуохтааҕын ыйда. Маныаха холобурдаан, 1971 сыл муус устарыгар ИЛ-18 сөмөлүөт Москубаттан Черскэйгэ көтөн кэлбитин, ол рейскэ 120 пассажир кэлбитин, олохтоохторго сибиэһэй фурукта, ас аҕалбытын санатта. Аартыка сиригэр тырааныспар сүбэринитиэтэ олохтонуохтааҕын, айан сыаната удамыр, хаайтарыы суох буолуохтааҕын эттэ. Олохтоохтор аһынан быыстала суох хааччыллыахтаахтарын, сибиэһэй ас кэмигэр тиэрдиллиэхтээҕин ыйда.   

судаарыстыбаннай өйөбүл

СӨ Аартыка сайдыытын уонна хоту сир норуоттарын дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Михаил Погодаев бу хайысханан үлэ-хамнас былааннаахтык барарын, тустаах докумуоннарынан сирдэтиллэрин иһитиннэрдэ. Маныаха оҥкул буолан ылыллыбыт докумуоннарга Владимир Членов сыралаһан үлэлэспитин, боппуруостары сытыытык туруорсан,  олоххо киллэрсибитин аҕынна.

Ол курдук, Аартыка сайдыытыгар судаарыстыбаннай бэлиитикэ бигэргэнэн, анал стратегиянан үлэлииллэр. Аартыка эргимтэтигэр киирэр 13 оройуоҥҥа социальнай эбийиэктэр тиһигин быспакка тутуллаллар. Балыыһалар, ФАП-тар, оскуолалар үлэҕэ киирэллэр диэн этэн туран, Аартыкаҕа тутууну ыытар уустуктааҕын, киин оройуоннары, куораты кытары тэҥнээтэххэ быдан элбэх үп ороскуоттанарын,  үгүс бириэмэ ыытылларын ыйда. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан элбэх кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах, тупсаҕай дьиэлэр тутуллаллар. Ол эрэн, нэһилиэнньэ хаарбах  дьиэ оннугар харчынан толуйар бырагырааманын туһанан куоракка, киин улуустарга дьиэ, кыбартыыра атыылаһаллар, онон нэһилиэнньэ көһүүтэ тохтообот.

Олох-дьаһах хомууналынай хаһаайыстабатыгар, энергетикаҕа тупсарыы, күүһүрдүү барар. Оптоволокно ситимэ Аартыка улуустарын киин бөһүөлэктэригэр тиэрдиллэн, улуустар икки ардыларыгар сибээс кэҥиир. 2020 сылга Аартыка улуустарыттан аан бастакынан Өлөөн улууһа холбоммута, кэлин Анаабыр уонна Эдьигээн холбоннулар.

Эргиэн-логистика кииннэрэ инникитин бары Аартыка 13 оройуонугар арыллыахтара. Билиҥҥитэ маннык кииннэр аҕыс улууска бааллар, аны икки сыл иһинэн өссө 5 тутуллуоҕа. Хоту сир олохтоохторо оҕуруот аhын, фруктаны уонна атын бородууктаны сѳптѳѳх сыанаҕа атыылаhар кыахтаналлар. Билигин бу хайысханан социальнай суолталаах ас бородууктатын уонна табаар кээмэйин ахсаанын улаатыннарар, хаачыстыбалаах харайыытын хааччыйар, атыытын тэрийэр, итиэннэ сыана үүнүүтүн тутар сыал-сорук турар. Ону таhынан, кинилэр соруктарыгар хоту сиргэ бултанар бородууксуйаны (таба этин, балыгы, түүлээҕи уонна сир аhын) тутуу уонна бастааҥҥы астааhын киирэр. Маны таһынан, аҕыйах ахсааннаах хоту норуоттары судааарыстыба өртүттэн өйөөһүҥҥэ араас бырагыраамалар үлэлииллэр.

Инникитин Саха Сирин  Аартыкатын сайдыытыгар улахан суолталаах докумуон бу күннэргэ бигэргэммит. Ол курдук, ыам ыйын 13 күнүгэр “Тиксии-Найба” маастар-былаана Москубаҕа РФ Уһук Илин уонна Аартыка сайдыыларын министиэристибэтигэр көрүллэн биһирэммит. Маастар-былаан сүрүн бырайыага - Булуҥ улууһун Найба сэлиэнньэтигэр дириҥ муора пуордун терминалын тутуу.

Маны этэн туран, миниистир солбуйааччыта Аартыка дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар саҥа сүүрэннэр киирэн иһэллэрин, табыгастаах быһаарыылар ылыллалларын эттэ.

владимир Членов аатынан бириэмийэ –бастыҥнарга

“Хоту уонна Аартыка бастыҥ табаһыта” биһирэбил ааты Өлөөн улууһуттан Василий Иванович уонна Валентина Васильевна Степановтарга туттардылар (успуонсар “Аартыкатааҕы атыы-эргиэн хампаанньата”, генеральнай дириэктэр Сайдам Степанов).

Кыайыылаах Василий Иванович билигин 80 сааһа, 60 сыл устата таба иитиитинэн дарыктаммыт. Елена Христофоровна кини көс оскуолалары төрүттээһиҥҥэ, үлэлэтиигэ ураты оруоллааҕын бэлиэтээн эттэ.  

“Массыына тырааныспарын бастыҥ үлэһитэ” биһирэбил ааты “Аллайыаха” суол учаастагын масыныыһа Михаил Михайлович Кузин тутта (успуонсар “Аартыка суоллара” хааһына  тэрилтэтэ, генеральнай дириэктэр Владимир Чусовской). “Аартыка суоллара” хааһына тэрилтэтин бэрэстэбиитэлэ бэлиэтээбитинэн, бу үрдүк ааты Аартыкаҕа үлэлиир, хоту дойду олоҕун-дьаһаҕын туһугар күннэтэ туруулаһар дьон ылара ураты суолталаах. Маны этэн туран, тэрилтэлэрэ быйыл үлэлээбитэ номнуо 10-с сыла туолбутун, төрүттээччинэн Владимир Членов буоларын санатта.

“Аартыка бастыҥ уопсастыбанньыга” биһирэбил аат Булуҥ оройуонун биир дойдулаахтарын түмсүүтүн  салайааччы солбуйааччытыгар Сергей Иосифович Шумиловка иҥэрилиннэ (успуонсор Владимир Членов кэргэнэ Ирина Членова). Сергей Иосифович олус истиҥник Владимир Михайлович туһунан аҕынна: “Аартыка сайдыытыгар ис дууһатынан ыалдьар, туох баар күүһүн, кыаҕын, билиитин ууран туран үлэлиирэ. Мин кинилиин Быковскай нэһилиэгэр баһылыктыыр кэммэр алтыһан турардаахпын. Талааннаах салайааччы, чаҕылхай киһи этэ”, - диэн эттэ.

“Аартыка эрэлэ” биһирэбил аат  А.К.Ильинов аатынан родовой община салайааччытыгар Раиса Анатольевна Ильиноваҕа туттарылынна (успуонсар “Якутскэнерго” АУо генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Гаврил Алексеев). Бу эдэркээн кыыс удьуор табаһыт дьиэ кэргэттэриттэн төрүттээх буолан, Дьокуускай куоракка таба иитиинэн дьарыктанар, "Арктика-13" этнотуристическай баазаны тэрийэн үлэлэтэр.

56

Санатан эттэххэ, Владимир Членов Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, “Саха Сирин Аартыката” полярниктар ассоциацияларын” төрүттээччи, бэрэсидьиэнэ, Ил Түмэн IV, V, VI ыҥырыылаах мунньахтар дьокутаата, РФ тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ, Бочуоттаах полярник, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Булуҥ улууһун бочуоттаах олохтооҕо, “Хотугу сулус” уордьан кавалера.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29