Ыам ыйыттан лүөччүктэр уонна шахтердар биэнсийэлэрэ эмиэ уларыйыа. Ол курдук, кырасдааныскай авиацияҕа үлэлии сылдьыбыт көтөр экипажтар чилиэннэрэ биэнсийэҕэ тахсыыларыгар доруобуйаларыгар охсуу иһин ый ахсын көрүллэр эбии төлөбүр ылар кыахтаныахтара. Биэнсийэни хаттаан ааҕыахтара:
- Көтөр састаапка 25 сылтан итэҕэ суох көппүт эр дьоҥҥо уонна 20 сыл көппүт дьахталларга;
- Көтөр састааптан доруобуйаларын туругунан туораабыт буоллахтарына ыстаас алын кэмээйэ 20 уонна 15 сылга тэҥнэһэр.
Маннык эбии төлөбүр шахтердарга уонна хайа үлэһиттэригэр эмиэ көрүллүө. Маныаха таас чоҕу хостооһун разрезтарыгар уонна шаахталарга үлэлээбит уопсай ыстаас 25 сылтан кыра буолуо суохтаах. Сорох идэлэргэ, холобур хайа быыһааччыларыгар уонна хайаҕа суол оҥорооччуларга 20 сылтан итэҕэс буолуо суохтаах.
Эбии төлөбүр кээмэйэ ыйдааҕы хамнастан, ыстаастан, төлөбүрдэртэн тутулуктаныа. Ортотунан ыйга 2-тэн 8 тыһыынчаҕа диэри буолуо. Хаттаан ааҕааһын кыбаартал ахсын оҥоһуллуо.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

