“Российская газета” суруйарынан, быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн ыраах уонна ыарахан суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга “мобильнай эмтиэклэр” сырыылара саҕаланыа. Бу стационарнай эмтиэкэ ситимнэрэ буолуохтара. Көһө сылдьан эми атыылыырга анал массыыналар баар буолуохтара.
Федеральнай эскпэримиэн саҕаланыытын туһунунан докумуоҥҥа бэрэсидьиэн илии баттаабыт. Болдьоҕо 2029 сыл балаҕан 1 күнүгэр диэри.
Быһааралларынан, “мобильнай эмтиэкэлэр” ыраах сытар нэһилиэктэринэн сылдьыахтара, ол эрэн манна стационарнай эмтиэкэлэрэ, мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр фармацевтическай лицензия, эбэтэр эминэн эргинэр убаанньыттара суох буоллахтарына кэлиэхтэрэ.
Эспэримиэҥҥэ 10 эрэгийиэн кыттыыны ылыахтара. Ол иһигэр Волгоградскай, Нижегородскай, Тюменскай, Архангельскай уобаластар, Красноярскай, Краснодарскай, Ставропольскай кыраайдар, Кабардино-Балкария, Калмыкия уонна Бурятия.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

