Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -12 oC

Вячеслав Штыров Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо босуобуйа биэриэххэ сөп диэн этии оҥорбуттааҕын билэбит. Бу этии олоххо киирбитэ буоллар, үчүгэй буолуо эбитэ буолуо. Маны биир түгэнинэн холобурдаан көрүөххэ сөп.

Вячеслав Штыров Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо босуобуйа биэриэххэ сөп диэн этии оҥорбуттааҕын билэбит. Бу этии олоххо киирбитэ буоллар, үчүгэй буолуо эбитэ буолуо. Маны биир түгэнинэн холобурдаан көрүөххэ сөп.


Тыа сирэ дьиҥинэн, биэнсийэ уонна оҕо босуобуйатын суотугар олорор диэтэхпитинэ сыыстарбаппыт. Маҕаһыынтан иэс ылыы, бэйэ икки ардыгар иэс ылсыыта-бэрсиитэ барыта биэнсийэ, оҕо харчыта кэлиэр диэри диэн буолар.
Онон кырдьык даҕаны «босуобуйа кэлиэр диэри» диэн баар буолуо эбитэ буолуо, өскөтүн ол босуобуйа сүөһүлээх-сылгылаах дьонҥо бэриллибитэ буоллар, үлэлиэн-хамсыан, сайдыан, харчы эбиниэн баҕалаах онно тирэнэн үлэлиэ эбитэ буолуо.
Уйбаан Пономарев «босхо диэн кутуйах мэҥиэтэ эрэ баар» диэн сөбүлээн туттар тыла тыа дьонун өһүргэтиэн эрэ сөп. Кини «сүрэҕэлдьээн, босхо харчыны ылан баран, ньирэйдэрин эмньик ыыталлар» диэн ааттыыр дьоно сүрэхтээх буолан орускуот бөҕөнү көрөн, от оттоон, ону улахан эрэйинэн тиэйтэрэн, аммиак сыттаах хотоҥҥо өрөбүлэ суох үлэлииллэрин ама билбэтэ буолуо дуо?
Эбэтэр бу ынахтаах ыал эмиэ аһыылларын, оҕолорун, аймахтарын аһаталларын билбэт, умнубут, ону өйдөөбөт дьон буолбатахтар эбээт. Биир даҕаны ыанар ынаҕын ахсыгар 35 тыһыынча солкуобыйы ылбыт дьонтон Ил Дархан Айсен Николаев кэтэх ыалы өйүүр бу мэхэньиисимэ сыыһатын, тыа сирин эһэн эрэрин туһунан тоҕо эрэ суруйбат ээ, Уйбаан Пономаревтан ураты.
Өссө ыйытыахха сөп этэ былырыын 61 тыһыынча туонна үүт соҕотуопкаланан астаммыт буоллаҕына, тоҕо арыы суох аатырарый?
2021 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 70 тыһыынча ыанар ынах баарыттан 36 тыһыынчата кэтэх ыалла баайдара буолар, дьэ бу ынахтарыгар харчы ылбыт ыаллар ыабыт үүттэрин бэйэлэрэ арыылыыр, оҕолорун-урууларын эмиэ хааччыйар буоланнар, арыы суох диэбэттэр эбээт. Эбэтэр кинилэр ахсаанҥа киирбэттэр дуу?
2022 сылга 39 тыһыынча кэтэх ыал ыанар ынаҕын ахсыгар 35 тыһыынча солкуобай харчы бэриллибит эбит. Сэрэйэн да көрдөххө, быйыл 65-68 тыһыынча туонна үүт тутулунна дииллэрэ буолуо, ол кэннэ эмиэ арыы айдаана тахсыа дуо?

Степан Дмитриев, Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга, өрөспүүбүлүкэ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением