Кулун тутар 27 күнүгэр Саха Сирин дэлэгээссийэтэ бу дьоhун тэрээhиҥҥэ кыттаары кѳттѳ. Дэлэгээссийэ састаабыгар Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин сүбэhитэ, педагогическай наука кандидата Анна Атласова, Национальнай архыып салайааччытын солбуйааччыта Наталья Малышева, Национальнай архыып отделын начаалынньыга Айталина Захарова, Нам улууhун баhылыгын солбуйааччыта Мария Игнатьева, М.К. Аммосов сиэн балта Яна Корякина уонна К.Д. Уткин аат. Ньурба Норуоттар доҕордоhууларын мусуойун дириэктэрэ Анна Туманова киирдилэр.
СѲ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев иhитиннэрбитинэн, бу Максим Кирович Аммосов үс уобаласка салайааччы быhыытынан 1932-1937 сс. үлэлээбит сиригэр маннык таhымнаах бастакы научнай кэмпириэнсийэ буолар. Тэрийээччилэр — Хотугу Казахстан уобалаhын акимата уонна судаарыстыбаннай архыыба.
Кэмпириэнсийэ үлэтигэр Кыргызстан, Хотугу Казахстан университеттарын, Валиханов аат. история уонна этнология Институтун, «Рухани Жангыру» социальнай-гуманитарнай чинчийиилэргэ Институтун учуонайдара, профессордара кыттыахтара.
СѲ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов онлайн-этиитэ, ѳрѳспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтин чилиэннэрин информационнай иhитиннэриилэрэ былааннаналлар.
Түмүккэ Хотугу Казахстан уобалаhын Судаарыстыбаннай архыыбын уонна Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын икки ардыларыгар бииргэ үлэлээhин туhунан Сѳбүлэhиигэ илии баттанара күүтүллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0