Тимофей Сметанин кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕун, айар талаанын бүтүннүүтүн Ийэ дойдутугар, норуотугар анаабыта. Тимофей Егорович Сметанин 1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Кэбээйи оройуонугар төрөөбүтэ. Аҕата – Сметанин Егор Николаевич, ийэтэ – Левина Анастасия Степановна иккиэн дьадаҥы дьон холбоһон олорбуттар. Суруйааччы оҕо сааһа тыа сиригэр ааспыта. Тимофей Сметанин 1930 сыллаахха начаалынай оскуола маҥнайгы кылааһыгар үөрэнэ киирбит. Оччолорго кини уон бииригэр баран эрэр уол эбит.
Оскуолаҕа ордук ахсаан, уруһуй уруоктарыгар сөбүлээн үөрэнэр. 1933 сыллаахха төрдүһү үчүгэйинэн бүтэрбит. Оччотооҕуга оҕолор үөрэхтэрин салгыылларыгар чугаһынан атын оскуола суох, аны дьоно кыаммат буолан, салгыы үөрэнэ барбатах. Онон, Калинин аатынан колхозка суоччут көмөлөһөөччүтүнэн анаммыт. 1937 сыллаахха атырдьах ыйыгар комсомолга чилиэнинэн киирбит. Комсомол оройуоннааҕы кэмитиэтин көмөтүнэн, ити сыл үөрэх аһыллыбыта ый буолбутун кэннэ бэһис кылаас эксээмэннэрин туттаран, быһа алтыска үөрэммит. Үөрэнэ сылдьан Тимофей оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бастакы холонууларын бэчээттэтэр буолбут. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, 1939 сыллаахха күһүн Дьокуускай куоракка Потребкооперация техникумугар үөрэнэ киирбит. Техникумҥа үөрэнэр кэмиттэн саҕалаан уус-уран литератураҕа бэйэтэ туспа куоластаах, суоллаах-иистээх киирэн испитэ.
1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия социалистическай Ийэ дойдубутугар уоран сэриинэн саба түспүтэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ Сэбиэскэй Сойуус норуоттара бүтүннүү туруммуттара. Ол иһигэр саха суруйааччылара эмиэ көҥүл, дьол иһин охсуһар норуот маҥнайгы кэккэтигэр турбуттара. Тимофей Сметанин 1942 сыллаахха атырдьах ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта. Бэйиэт кыайыыга, инникигэ эрэлин туһунан маннык тыллары суруйар:
Быраһаайдарыҥ, кэрэ доҕотторбут,
Быраһаай, быстах кэмҥэ,
Саха сирэ – көҥүл олохпут!
Кэтэһиҥ, доҕоттоор, кэлиэхпит,
Эрэниҥ, биһиги эргийиэхпит –
Сэрии кыайыылаах бүтүүтэ,
Сир ньуурун тупсуута…
Кини сулууспалыыр чааһа 1943 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр фроҥҥа аттаммыта. Сметанин 284-с минометнай полка састаабыгар баара. Хотугулуу-Арҕааҥҥы, 2-с Прибалтийскай фроннарга уонна Курскай таһынааҕы кыргыһыыга сэриилэспитэ. Сэрии хонуутугар соло буоллар эрэ суруйбут хоһоонноругар поэт бэйэтин дириҥ иэйиитин арыйан, Ийэ дойдутун муҥура суох таптыыр, кини көҥүлүн, дьолун иһин олоҕун да биэрэргэ бэлэм патриот уобараһын айбыт. Сэрии кэмигэр суруйар дьарыгын быраҕан кэбиспэккэ, “Босхоломмут дэриэбинэ”, “Хааннаах хара баттах”, “Саха нууччабын…”, “Саллаат”, “Сүрэхтэн кэпсэтии” уо.д.а. хоһооннорун суруйбута. 1944 сыллаахха тохсунньу ыйга Тимофей Сметанин көхсүгэр таптаран охсуһуу толоонугар охтубут. Бааһырыыта улахан буолан, госпитальга ыыппыттар. Онно сытан суруйбут “Абааһы көрүү” хоһоонугар этэр:
Суостаах-суодаллаах сурахтан да буолбатах,
Сурунаалларга тахсар снимоктан да буолбатах,
Икки харах илэ көрөн сөхпүтүнэн,
Икки илии тутан-хабан билбитинэн,
Олох тымырын боппуттарга,
Оҕо хаанын тохпуттарга
Өһөгөйдөөх өс-саас үөскээтэ,
Өлүү сүрэҕи уотунан күөртээтэ.
Госпитальга өр эмтэнэн баран, 1944 сыллаахха саас Советскай Армия кэккэтиттэн доруобуйатынан босхолонон “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Хорсунун иһин” мэтээллэрдээх дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Төрөөбүт дойдуга эргиллии үөрүүтүн поэт истиҥ хоһоонноругар эппитэ:
Көрөрдөөх эбиппин ээ
Күндү Ленам күөх уутун,
Харахтыырдаах эбиппин ээ
Хара суһуох долгунун!
Доҕор кыыс умнубатах тапталын мүөтэ
Туоххаһыйбыт сүрэхпин ититтэ,
Сир ийэм, бар дьонум үөрэ көрсүһүүтэ
Сэрии түөрбүт бааһын эмтээтэ.
Тимофей Сметанин ити сыл Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историческай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Кини комсомол уобаластааҕы кэмитиэтин иһинэн тэриллибит литературнай түмсүү чилиэнэ этэ. Суруйааччылар сойуустарын тэрийэр үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттар. Онтон Улуу Кыайыы күнэ тиийэн кэлбитэ. Суруйааччылар бары мустан Кыайыы күнүн бэлиэтээбиттэр.
Тимофей Сметанин Аҕа дойду сэриитигэр уонна оҕолорго аналлаах айымньылары суруйар. Аҕа дойду сэриитин тематыгар суруллубут хоһооннорун түмэн 1945 сыллаахха “Саллаат сүрэҕэ” диэн хомуурунньугу бэчээттэппитэ. Эмиэ ити темаҕа “Егор Чээрин” диэн сэһэнэ 1947 сыллаахха биллэриллибит оҕо литературатыгар бастыҥ айымньылар иһин республикатааҕы куонкуруска иккис бириэмийэни ылбыта. Өссө маны таһынан оҕолорго аналлаах үс кинигэтэ тахсыбыта.
1945 сыллаахха ыам ыйыгар Саха судаарыстыбаннай хоругар үлэлиир Матрена Григорьевна Тарасовалыын олоҕун холбообута. Үрдүк үөрэх үлүскэнэ, оҕолонуу үөрүүтэ суруйааччы айар үлэтигэр өссө эбии өрө көтөҕүллүүнү аҕалбыта.
1946 сыл күһүнүгэр Покровскай бөһүөлэгэр көһөн кэлэн “Советтар знамялара” оройуон хаһыатыгар литературнай үлэһитинэн киирбитэ. Онно олорон уус-уран кэпсээннэри, хоһооннору, очеркалары суруйара. “Куоска олоҥхото” диэн кинигэни бэчээттэппитэ. 1947 сыллаахха сэрии иннинээҕи хоһоонноруттан, саҥалары эбэн “Көрүдьүөс күн” диэн кинигэни бэчээттэтэр. Саха ааҕааччыларыгар биэрбит бөдөҥ айымньыта “Лоокуут уонна Ньугуһун” драма ис тыына поэт сэрии кэмигэр суруйбут хоһоонноругар күүрээннээхтик эппит өйүн-санаатын салҕыыр. “Атын киһи оҕото”, “Кыһыл былааттаах кыыс” пьесалары суруйбута. Онтон доруобуйата мөлтөөн бөһүөлэк балыыһатыгар эмтээбиттэр. 1947 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр Покровскай балыыһатыгар 28 сааһын ситэ туола илик Сметанин эдэр сүрэҕэ тэппэт буолбута.
Суруйааччы үгүс айымньылара уулаах окуопаҕа, тоҥ землянкаҕа олорон айыллыбыттара. Тус бэйэ этинэн-хаанынан билэн суруйбут буолан, айымньылара ордук дириҥ иэйиилээхтэр, ураты күүстээхтэр:
Уулаах окуопаҕа сытан,
Утуйбакка да сылдьан,
Ийэ дойдум дьолун иһин
Эрэйдэммитим иһин, –
Син биир этиэҕим
Сирдээҕи дьолу билэбин диэн…
Мария ПАВЛОВА.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0