-Быстах мобилизацияҕа араас таһымнаах ситэриилээх былаас уорганнарын 1300-тэн тахса бэрэстэбиитэлэ, 27 тыһ. тахса урбаанньыт ыҥырыллыбыта, ону таһынан 13 тыһ. гражданин бэбиэскэни күүппэккэ, ытык иэстэрин толоро баҕа санааларын барбыттара. Мобилизацияламмыт дьон орто саастара 35. Үөрэх кииннэригэр уонна байыаннай чаастарга билигин 218 тыһ. киһи байыаннай бэлэмнээх буолуу үөрэҕи ааһалларыгар ураты болҕомто уурулунна.
82 тыһ. үөрэҕи бүтэрээччилэр анал байыаннай эпэрээссийэ оройуонугар ыытылыннылар, мантан 41 тыһ. тахса киһи подразделениелар састааптарыгар үлэлииллэр.
Быстах мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт гражданнары ыытыы бүгүн, алтынньы 28 күнүгэр, түмүктэннэ. Гражданнары иһитиннэрии тохтотулунна. Туруоруллубут сорудах - 300 тыһ. киһи - туолла. Эбии ханнык да сорудах былааннаммат, - диэтэ Сергей Шойгу.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 1