Индигир сүнньүнэн олорор улуустар спортсменнара түөрт күн устата остуол тенниһигэр, волейболга, мас-рестлиҥҥа, буулдьанан ытыыга, хапсаҕайга уонна хотугу многоборьеҕа күөн көрсүөхтэрэ.
Даҕатан эттэххэ, Саха Сиригэр физкультура хамсааһына тэриллибитэ 100 сылынан уонна ХVI Индигир группатын улуустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын ыытылларынан Чокурдаахха 2023 сыл Успуорт сылынан биллэриллибитэ.
Уопсай бириис пуондата – 2,5 мөл.солк. тахса. Хамаандаларга сүрүн бириис 800 тыһ. солк., иккис миэстэҕэ - 450 тыһ. солк., үһүс миэстэҕэ - 250 тыһ. солк. Маны тэҥэ көрүҥнэринэн, өйдөбүнньүк бириистэргэ 1 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүт.
Аллайыаха оройуонун баһылыга бэлиэтииринэн, быйылгы бириис ааспыт сыллардааҕар 3-4 төгүл элбэх. Спонсордар көмөлөрө биллэ улааппыт. “Янзолото” ХЭТ 300 тыһ. солк. көмө оҥорбут. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмэстибэлэр, СӨ үпкэ министиэристибэтэ, СӨ баайга-дуолга уона сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ, “Аартыка суоллара”, СӨ ОДьХК, о.д.а. көмө оҥорбуттар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0