Варвара Андреевна Петрова - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина, Абый, Горнай, Муома уонна Ньурба оройуоннарын Бочуоттаах гражданина, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьан кавалера, «Бочуоттаах бэлиэ» икки уордьан хаһаайына, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха сирин авиациятын үтүөлээх үлэһитэ.
Тэрээһин Ньурба оройуонун Үөдэйигэр, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл төрөөбүт дойдутугар буолан ааста. Кыттыыны ыллылар: нэһилиэк олохтоохторо, В.А. Петрова аатынан Үөдэйдээҕи начаалынай оскуола-оҕо саадын педагогическай кэлэктиибэ, быйыл 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж дэлэгээссийэтэ. Судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл В.А. Петрова пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Салгыы Варвара Андреевна олоҕун уонна үлэтин туһунан кэпсиир «Биһиги кинилэр ааттарын өйдүүбүт», Н.В. Егоровка анаммыт «Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит» быыстапкалары көрдүлэр.
Парламент вице-спикерэ Антонина Григорьева Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ананан аһаҕас халлаан анныгар 2019 сылга аһыллыбыт «Ытык өбүгэлэр» уопсастыбаннай түмэлгэ сырытта. Бу түмэли тэрийиини көҕүлээччитинэн нэһилиэк баһылыга, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ Мария Николаева буолар. Бырайыагы олоххо киллэрии олохтоох көҕүлээһини өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан ситиһиллибит.
Аһаҕас халлаан анныгар түмэл сүрүн пуондатыгар былыргы сэп-сэбиргэл, олох-дьаһах, тутуу, күрүө-хааһах араас оҥоһууларын көрүҥнэрэ бааллар. Түмэл хас да хайысхалаах: сири оҥоруу, сылгы, сүөһү иитиитэ, балыктааһын, бултааһын, тимир уустарын оҥоһуктара, Марха уонна Тюкээн өрүстэр палеонтологическай булумньулара уо.д.а. Бары экспонаттар 126 миэтэрэ усталаах чарапчы анныгар туруоруллубуттар.
Дьиэ-уот иһитэ-хомуоһа уонна саха норуотун миэбэлэ туспа көрдөрүүгэ хомуллубут. Атын саалаҕа үгэс буолбут норуот таҥаһа түмүллүбүт. Киирэр ааркаҕа композитнай панеллартан дьон уруулуу-аймахтыы сыһыаннарын көрдөрөр, төрүччү маһа, нэһилиэк каартата, түмэлгэ экспонаттары бэлэх ууммут гражданнар ааттарынан стендэтэ туруоруллубут. Ортотугар нэһилиэк олохтоохторун олоҕун-дьарыгын, укалаатын көрдөрөр оҕус скульптуурата туруоруллубут.
Ону сэргэ, нэһилиэк төрүттээччилэрин, тимир уустарын Өрсүүк уонна Ньылбаа скульптууралара бааллар. Нэһилиэктэн тахсыбыт биллэр дьон уонна үрдүкү наҕараадалаах нэһилиэк олохтоохторун кэпсиир стендэлэр оҥоһулубуттар. Суругунан барыта 1232 экспонаттар. Түмэлгэ араас сылларга үлэлээн ааспыт, оскуола выпускниктарын ахтыылара, архыып докумуоннара туруоруллубут. Хаартысканан көрдөрүү экспонаттар, сылтан сыл эбиллэн, 1500-тан тахса буолбут. Дьикти экспонаттар - тоһоҕото суох оҥоһуллубут 3 м 60 см. уһуннаах мас орон, аҕабыыт Иннокентий Никифоровка анаммыт иһит сууйар ыскааба, «Пятилетка дьоруойа» колхоз бэрэссэдээтэлэ Федор Васильев ампаара, 1956 сыллааҕы киоска, о.д.а. Сүрүннээн экспонаттары хомуйуу олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр сүктэриллэр.
Салгыы Антонина Григорьева нэһилиэк көхтөөх олохтоохторун кытта көрүстэ, Үөдэй сэлиэнньэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тутаах боппуруостарын дьүүллэстэ. Көрсүһүү түмүгэр Ньурба оройуонугар үөрэх дьыла бүтүүтүнэн сибээстээн, учууталларга, педагогтарга махтал суруктары туттарда.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0