Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Аартыканы сайыннарыы уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ «Аяврина» диэн интеллектуальнай чат-боту оҥордо. 

Аартыканы сайыннарыы уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтэ «Аяврина» диэн интеллектуальнай чат-боту оҥордо. 


«Аяврина» интеллектуальнай чат-бот Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарыгар сыһыаннаах ыйытыыларга, этнология эспэртиисэтин ыытыыга итиэннэ Хотугу уонна Аартыкатааҕы улуустар олохтоохторун тыын суолталаах кыһалҕаларыгар иһитиннэриилэри биэриэҕэ.
Наадалаах чахчылар, иһитиннэриилэр, биллэриилэр дьоҥҥо тииһилэҥнээх буолууларын судургутугар уонна ордук киэҥник тарҕаммыт боппуруостарга, интэриэһиргэтэр ыйытыыларга харда ылалларыгар көмөлөһөр «Аяврина» чат-боту МАХ мессенджерга маннык сыылканан туһаныллар--  https://max.ru/ayavrina_bot диэн Аартыканы сайыннарыы уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэр.

Хаартыска: Аартыканы сайыннарыы уонна норуоттар дьыалаларын министиэристибэтин саайта.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0