Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэ быйыл төрүттэммитэ 120 сылын туолла. Онон сибээстээн төрүт олохтоох Тимофеевтар уонна Ласточкиннар удьуор уустарын тэниппит олоҥхоһуттар туһунан кэпсиибит. Ол иннинэ кылгастык нэһилиэкпит устуоруйатын билиһиннэрэбит.

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэ быйыл төрүттэммитэ 120 сылын туолла. Онон сибээстээн төрүт олохтоох Тимофеевтар уонна Ласточкиннар удьуор уустарын тэниппит олоҥхоһуттар туһунан кэпсиибит. Ол иннинэ кылгастык нэһилиэкпит устуоруйатын билиһиннэрэбит.

Ороһуга саха дьоно аан бастаан кэлиилэрин туһунан учуонай Г.Р. Кардашевскай уонна нэһилиэк олохтооҕо К.Т. Корякин кэпсээннэриттэн, суруйууларыттан билэбит.

Аан бастаан бу дойдуга Дьокуускай эҥээриттэн Сиикэй Силбээһин (Силбякин) диэн киһи кэлбит. Кини көрөн-истэн баран, олус хайҕаабыт: «Манна кэлэн олохсуйдахха, баай диэн барылыччы үксүө эбит», -- диэн буолбут. Кини ыйбытынан, сааһыран эрэр уола Быыгынас дьонун-сэргэтин илдьэ көһөн кэлбит. Ороһулар Быыгынас уолаттарынан -- Маралдьыйа, Халан Тулааһын, Тор, Дуолай, Бигиэс аҕа уустарынан -- олохсуйан олорбуттар. Кинилэри кытта Ороһу диэн ойуун кэлсибит. Ойуун өлөрүгэр Быыгынас уолаттарыгар: “Күөлү Ороһу диэн ааттаарыҥ”, -- диэн кэриэһин эппит. Кэлин бу сир күөл аатынан Ороһу нэһилиэгэ диэн буолбут.

Ороһуга үс биллэр баай олорбут. Логлорутта баай таҥара дьиэтин туттарбыт. Бахчыта баай, ыһыахтары ыһан, дьону-сэргэни оонньотор-көрүлэтэр эбит. Кыынньаахы баай сүөһүнэн байбыт. Кини 1925 сыллаахха Нэгэдьээк алааска оскуола тутарга соруммут. Нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Чобуров оскуола тутуутун сүүрэн-көтөн ситиспит. Кыынньаахы бэрэбинэ, өстүөкүлэ, муох биэрбит. Дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ үһү. Баайын-дуолун норуот туһатыгар анаабыт. 1953 сыллаахха 85 сааһыгар өлбүт.

киэн5

Кэлиҥҥи дьон Ороһуну К.С. Чиряев тэрийбит Норуот педагогикатын мусуойунан билэллэр. Айар куттаах дьоммутунан киэн туттабыт: норуодунай суруйааччы Бүөтүр Тобуруокап, поэттар Василий Ксенофонтов-Кустуктуурап, Василий Гольдеров-Ороһу Уола, Иван Иванов-Ороһуунускай, ырыаһыт Гаврил Николаев, график-худуоһунньук, ускуустуба диэйэтэлэ Владимир Иванов, “Хотун Бүлүү” монумент ааптара Егор Крылатов, суруналыыстар Геннадий Бечеряков. Майя Власьева уо.д.а.

af7bfc0c 9483 44fc 9fc9 268cb9efe631

киэн

киэн2

киэн 3

Бүөчэрэ уонна Бөтүрүүскэ

Былыр бэрт өрдөөҕүтэ Ороһуттан Бигиэс аҕатын ууһуттан төрүттээх дьахтар Бүлүү куоратын нуучча хаһааҕар эргэ тахсыбыт. Ол киһиттэн икки уол оҕоломмут, оҕолоро нууччалыы хааннаахтар эбит. Улахан уол Хонтууска, кыра уол Хараҥаччы диэн ааттаахтара. Сурукка киирэр ааттара: Хонтууска-Тимофей уонна Хараҥаччы-Киргиэлэй.

 Аҕалара өлбүтүн кэннэ, ийэлэрэ уолаттарын илдьэ, төрөөбүт буорун  булбут. Ороһуга Хонтууска 7 оҕоломмут, кинилэр араспаанньалара Тимофеевтар диэн буолбут. Хараҥаччыттан 6 оҕо төрөөбүт – бары  Ласточкиннар.

Эр бэрдэ эбит

Хонтууска-Тимофей саамай улахан уола Фёдор Тимофеев-Бүөчэрэ буолар. Киниэхэ сааһа сиппитин кэннэ, дьоно күүстэринэн кэриэтэ Баай Мыкычаан кыыһа Такаатаны ойох ылан биэрэллэр. Биэчэрэ олус кырысыабай киһи эбитэ үһү. Уҥуоҕунан 180 см үрдүктээх, чахчы, уурбут-туппут курдук көнө дьылыгыр уҥуохтаах уонна сытыы, күүстээх киһи эбит. Киһи быһыытынан сымнаҕас, туохха да уолуйбат, дэлэгэй майгылаах

         Бүөчэрэ дойдутун ыһыахтарыгар хам-хаадьаа күүһүн холонон кыттара уонна тэҥнээҕин булбата. Кэлин сааһыран баран, чугас аймахтарын эрчийэн, ыһыахтарга туһуннарара. Иннокентий диэн быраата кэлин биллэр тустуук буолбута. Биир холобуру ылан кэпсиир буоллахха, Үөһээ Бүлүү Намын ыһыаҕар Омук Дьөгүөрэ диэн күүстээх, баай киһи туста кэлбит сураҕын истэн, Бүөчэрэ быраатын Иннокентийы туһуннарарга санаммыт. Омук Дьөгүөрүн тылыгар киллэрэн, икки күүстээхтэр тустубуттар. Балайда өр тустан баран, Омук Дьөгүөрэ Иннокентийы кыайбакка аккаастанан, түһүлгэттэн тахсыбыт уонна Бүөчэрэҕэ эппит: "Уолуҥ аһара күүстээх эбит, ону эппэккэҕин, мин ааппын-суолбун киртиттиҥ", -- диэн кыыһырбыт.

Бүөчэрэ уоллаах кыыс оҕолонор: Бөтүрүүскэ уонна Харытыана диэн. Оҕолоро борбуйдарын көтөхпүттэрин кэннэ, оҕолорун, ойоҕун быраҕан, ыһык ылынан, чохороонун, саатын сүгэн, олорор дьиэтиттэн тус соҕуруу диэки сатыы айаннаабытынан барбыт.

Сайыны быһа айаннаан, араас систэри, үрэхтэри туораан, дьон олорор сирдэринэн сылдьан, ыкса күһүөрү Бодойбону булбут. Дьэ, онно Санников-Эһэ Харах, Спиридонов-Супту Түһэр диэн дьону булсан, кыратык ороспуойдаан да ылбыттар. Кинилэр хонтуора тойотторун кытта кэпсэтэн, мас кэрдэн, үп-харчы аахсан аһаан-сиэн сылдьыбыттар. Бүөчэрэ күүһүнэн, сытыытынан, уус тылынан сирдэрбэтэ үһү.

Бодойбоҕо 25 сыл буолбут. Уола Бөтүрүүскэ аҕата ханна баарын сураһан билэн баран, эмиэ сатыы Бодойбону булбут. Уонна аҕатын ойууртан куоракка киирэ сырыттаҕына көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин билсэн, аҕалыы-уол сыллаһа-сыллаһа, харахтарыттан уу-хаар баһан ылбыттар. Ол көрсүһүү наһаа уйадытыылааҕа, үөрүүлээҕэ диэн ахтан кэпсииллэрэ үһү. Ол кыһын бииргэ кыстаабыттар. Ити 1912 сыл Бодойбоҕо оробуочайдары ытыалаабыттарын илэ харахтарынан көрбүттэр. Дойдуларын булан баран, ол алдьархайы дьоҥҥо олус хараастан кэпсииллэр эбит.

Бүөчэрэ аатырбыт олоҥхоһут, оһуокайдьыт, остуоруйаһыт эбит. Оскуолаҕа ыҥыран олоҥхолотоллоро, остуоруйалаталлара үһү. Кини 96 сааһыгар ыалга хоно сытан, эмискэ өлбүт.

Уот тыллаах уола хаан

Уола Бөтүрүүскэ ситэн-хотон, оччотооҕу хараҥа үйэ диэтэххэ, харса суох санаалаах буолан, аҕатын тайҕаттан аҕаллаҕа. Кини аҕыйах ынах сүөһүлээҕэ, үксэ сылгы баайдааҕа үһү. Бөтүрүүскэни уус тыллаах, айдааннаах, саҥалаах-иҥэлээх, суостаах киһинэн ааҕаллар эбит. Аҕатын курдук үрдүк уҥуохтааҕа.

Бөтүрүүскэни эмиэ оскуолаҕа араас бырааһынньыктарга ыҥыран олоҥхолотоллоро, оһуокайдаталлара. Кини саҥата бөдөҥө, тылы үчүгэйдик сааһылаан саҥарара, онуоха эбии айылҕаттан талааннаах буолан, олоҥхотун охсуһуута-өлөрсүүтэ, айдаана-куйдаана элбэҕинэн сөхтөрөрө, айылҕатын дьүһүйүүтэ кэрэтинэн кэрэхсэнэрэ.

Кини, чахчы да, ырыаһыт этэ. Оһуокай-үҥкүү эттэҕинэ, дьүрүһүтэн-эҥсэлитэн, тыла-ууһа кэрэтинэн хайа да үҥкүүһүттэр тэҥнэспэт киһилэрэ буолара. “Үҥкүү этэн истэҕинэ, кини обургу кэдэрчи таттаран, көрөн-истэн иһэрэ бу баарга дылы”, -- диэн кырдьаҕастар ахталлара. Нуучча төрүттээх буолан, уҥуоҕунан төрөл, кырасыабай киһи эбит.

Аны туран, суланан-кэлэнэн, ыыс-кырыыс тыллары хааһахтан хостоон эрэрдии этэн-тыынан бардаҕына, дьон-сэргэ дьулайара үһү. Үтүө тылынан иччилэри ыҥыран, оту-маһы, уоту аһатан, олохтоохтору үөрдэр-көтүтэр идэлээҕэ. Дьүһүлэнэрин, олорор Өтөхтөөҕөр дьиэтин таһыгар баар ойуурга кыырар-кутурар маһыгар (тиитигэр) олорон саҥарарын оччотооҕу оҕолор истэллэрэ үһү. Ордук ыарыйдаҕына, этэ-сааһа аһыллан, этиэх-тыыныах санаата киирдэҕинэ, сылгы төбөтүн миинэн олорон кутурара үһү. Кинини дьоннор быһа-хото эппэттэр эбит.

         Ойууннаан, көрүүлэнэн аһаабатах, үп-харчы ылбатах киһини, хата, атын нэһилиэктэр олоҥхоһутунан, үҥкүү тылын таһаарааччынан билинэллэрэ.

Бөтүрүүскэ актыыбынай холкуостаах уонна уопсастыбаннай суут бэрэссэдээтэлэ этэ. Уопсастыбаннай суут эр-ойох иирсээнин, иэс-күүс дьыалатын көрөрө. Аны оччотооҕу холкуос уопсай мунньаҕа хара сарсыардаттан нөҥүө күн сарсыардатыгар тиийэ буолара. Мунньахха сүбэлэһии да, кириитикэлэһии да, хайҕаһыы да баара. Бөтүрүүскэ кириитикэтэ тыла-ууһа бэрт буолан, дьон бөҕөнү кэһэтэрэ. Холкуостаахтарга арааһынай дьон ханна барыай? Олор моһуораларын аҥаардас сытыы сэмэнэн көннөрөрө.

Аман тыла араҥаччылаан

  Бөтүрүүскэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыытыгар өлөр ыарыытыгар ыалдьан сытар кэмэ этэ. Онно Егор Егорович Васильев (Кэҕэ оҕонньор уола), сэриигэ барар күнүгэр, Бөтүрүүскэни кытта быраһаайдаспыт. Онуоха оҕонньор эппит: "Нохоо, Дьөгүөр, эн мин түһүүрбүнэн уонна биппинэн бэрт ыарахан, алдьархайдаах умайа турар уокка баран эрэҕин. Ити мин бырааттарым тиэтэйэн- саарайан бардахтарын көрүөҥ этэ, саатар, кэлэн быраһаайдаспакка. Эн, Дөгүөр, сэрииттэн булгу кэлэҕин, төһө да бааһырдаргын. Мин бырааттарбыттан соҕотох Увар кэлиэҕэ, уоннааҕылар кэлиэхтэрэ суоҕа, оо, иэдээн быһыы буолла", -- диэбит уонна хараҕын уутун тохторун сотто сатыы сыппыт. Ону көрөн, Дьөгүөр улаханнык уйадыйан, дьиэттэн тахсан барбыт.

Оҕонньор ити күһүнүгэр өлбүт. Күүлэлээх томторугар  көмпүттэр.

     Сэрии бүппүтүн кэнниттэн Дөгүөр холкуоска бэрэссэдээтэллээн олорон кэпсиир буолара үһү: "Сэриигэ үстэ госпитальга сыппытым, хата, баастарым халымыр этилэр. Биирдэ Ленинград туһаайыытынан баран истэхпитинэ, икки ньиэмэс илиилэрин өрө тутан, эмискэ туран кэлбиттэрэ. Ити миигиттэн уон миэтэрэ курдук этэ. Тоҕо миигин ытан кэбиспэтэхтэрэ буолла? Онно санаабытым -- Бөтүрүүскэ эппитин. Онтон бэттэх кини этиитин ымыы оҥостон, өлбөт инибин диэн, бөҕөтүк санаммытым. Биирдэ буомба кэлэн түспүтэ, мин таспар баар саллааттартан хас да киһи өлбүтэ, ыараханнык бааһырбыттара. Арай мин эрэ олох кыратык эчэйбитим. Бөтүрүүскэм аман тыла араҥаччылаабыт”.

ветеран

Бөтүрүүскэҕэ уонна аҕатыгар Дьокуускайтан кинилэр олоҥхолорун, оһуокайдарын интириэһиргээн кэлэн суруйан барбыттара биллэр. Ол гынан баран, бэчээккэ, сурукка, кинигэҕэ киирбитэ биллибэт. Христина Михайловна Антонова ахтарынан, Үөһээ Бүлүү Хоротуттан Георгий Чиряев диэн киһи Бөтүрүүскэ аҕатын Бүөчэрэни биир ый устата олоҥхолотон, сурукка тиспит. Олоҥхону кэлин уола Валерий Чиряев ылбыт. Ол суруллубут олоҥхо дьылҕата олус хомолтолоох буолбут курдук кэпсииллэр -- Дьокуускайдааҕы типография дьиэтэ умайбытыгар, ону кытта умайбыт диэн.

Бүөчэрэ, Бөтүрүүскэ олохторун сиэннэрэ салгыыллар. Талааннарын "Дуораан" бөлөх гитариһа, ырыа ааптара, суруналыыс Геннадий Бечеряков салгыыр диэтэххэ, бука, сыыспаппыт буолуо. Кини хос эһэтэ Биэчэрэ, эһэтэ Бөтүрүүскэ олоҥхолорун, оһуохайдарын көрдөөн-ирдэһэн, эһиил улууспутугар буолар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэх уунуо диэн эрэх-турах саныыбыт.

"Эбээ үөрэҕэ” (2005с) кинигэни туһанан,

"Тымтык" пост  кэрэспэдьиэннэрэ бэлэмнээтибит.

Сал. Н.Н.Михайлова

Ороһу, Үөһээ Бүлүү.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29