Булуҥҥа 759 киһилээх 10, Эдьигээҥҥэ 1736 киһилээх 13, Кэбээйигэ 2493 киһилээх 18 холкуос дьоно ыраах, уһун айаҥҥа туруммуттар. Алтынньы саҕана аһаҕас халлаан анныгар борохуоту кэтэһэн ыйтан ордук буолбуттар. Онтон ыла өлүү-сүтүү саҕаламмыт. Дьон ыран, сылайан, сыккырыыр тыыннара эрэ хоту тиийэн, быраҕыллыбыт дьиэлэринэн, хотоннорунан бэйэлэрэ оҥостон олохсуйбуттар. 1944 с. дьиэлэригэр төннөр уурааҕы истэн, үөрүүнэн төрөөбүт түөлбэлэригэр төннүбүттэр.
Сэрии иннинэ Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтин ахсаана 17 тыһыынча эбит буоллаҕына, 1943 с. биэрэпис түмүгүнэн оройуон 7934 киһини, 30 тыһыынча ынах сүөһүнү, 7 тыһыынча сылгыны, атын да баайы-дуолу сүтэрбит. Онон бүгүн Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэрин ахтан-санаан ааһар курус күн.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0