“Гидромедкиин” иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын бастакы күннэриттэн итиибит уҕарыйан барыаҕа. Бу өрөбүллэргэ өрөспүүбүлүкэ баһыйар өттүгэр +28, +33 кыраадыс итии турар. Атырдьах ыйын 29-31 күннэригэр Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ халлаан туруга уларыйыаҕа, ардахтаах күннэр күүтэллэр. Ардахтаах циклон Бүлүү бөлөх улуустарын эмиэ таарыйыаҕа. Бу эргин этиҥнээх, быстах ардахтар, тыал-куус түһүөн сөп диэн иһитиннэрэллэр. Тыал күүһүрэр кэмигэр 15-18 с/м түргэннээх буолуон сөп. Онон, хаалбыт өнүрүк куйаас күннэри баттаһа дуоһуйа сөтүөлээн, күөххэ көрүлээн, сайын үтүөтүн билэн хаалыҥ. Күһүммүт эмиэ бу тиийэн кэлбитэ эрэ баар буолуо.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0