ХИФУ устдьуоннарын городогар 15 уопсай дьиэ кэчигирэһэн турар. Былырыын уопсай дьиэҕэ миэстэҕэ университет 1425 бастакы куурус устудьуона тиксибитэ. Уруккуттан олохтоммут быраабыланан, уопсайга миэстэни бастатан туран тулаайах, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт, атын дойдуттан кэлэн үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга уонна нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар киирсэр ыаллар, элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар биэрэллэр.
Былырыыҥҥы туруган уопсайга олоруу сыаната ыйга 945 солк. буолар. Тулаайах, төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт устудьуоннар уонна I, II группалаах инбэлииттэр төлөбүртэн босхолоноллор.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0