Бэҕэһээ улуус баһылыга Алексей Иннокентьев интернет социальнай ситиминэн олохтоохторго быһа эфирга тахсан, балаһыанньаны быһаарда. Ол курдук, Улан-Үдэттэн Марха бөһүөлэгэр сайылыы кэлбит биир саастаах оҕо ыалдьыбыта биллибит. Маны таһынан ыарыыга хабыллыыга уорбаланар дьонтон ыытыллыбыт анаалыстар түмүктэрэ бу киэһэ биллиэхтээх. Ол курдук, улууска вирус бэлиэтэммитинэн сибээстээн баһылык кытаанах быһаарыныы ылынна. Чуолаан, Ньурба улууһугар кэлии-барыы тохтуур, бохоруонаҕа, искэн ыарыылаахтар, гемодиализнай ыарыһахтар эмтэнэ бараллара эрэ көҥүллэнэр. Маны таһынан улууска бородуукта аҕалар массыыналар киирэллэрэ-тахсаллара көҥүллэнэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0