Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Куосумаһы баһылыыр иһин күрэстэһии эмиэ ааспыт үйэ 50-с сс. аарыма державалар – ССРС уонна АХШ – икки ардыларыгар барар. Бу күрэстэһии түгэҕэ көстүөҕүнээҕэр, хата, Улуу Куйаар бэйэтэ дэлби ыстанар ини. «Куосумаска аракыа­таны таһаарааччы уматыга син-би­ир гептиллээх, ол туһаныыттан билигин даҕаны тахса илик» диир информация баара сири аннынан эрэ иһиллэр. 

Куосумаһы баһылыыр иһин күрэстэһии эмиэ ааспыт үйэ 50-с сс. аарыма державалар – ССРС уонна АХШ – икки ардыларыгар барар. Бу күрэстэһии түгэҕэ көстүөҕүнээҕэр, хата, Улуу Куйаар бэйэтэ дэлби ыстанар ини. «Куосумаска аракыа­таны таһаарааччы уматыга син-би­ир гептиллээх, ол туһаныыттан билигин даҕаны тахса илик» диир информация баара сири аннынан эрэ иһиллэр. 

Бүтүүтэ. Иннин бу сигэҕэ киирэн аах.

 «ЭҺИЭХЭ ЭБИИТИН ӨССӨ БУ БААР!»

Арааһынай информа­цияттан сыымайдаатаахха, биһиги байыаннайдарбыт «адьас туттул­лубат, хаалларбыппыт быданна­ата» диилэр эбит. Аһатан кэлбит, сэрэнэн-сэрэнэн Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэн сүүнэ махталлаахтык уонна улахан харыстабыллаах­тык ааттанар улуу түбэ Иччитэ – Бүлүү Эбэ Хотун – икки атахтаахтан атаҕастанан, этиэхтэн түктэритик дьүдэйбитин, хоргуппутун уонна кэлэйбитин кэнниттэн, өссө эбэн саҥалыы ааҥнаабыт алдьархай буо­лар. Айылҕаҕа, тыынар-тыыннаахха туох да буортута суох, аҕыйах ча­аһынан арахсыы баран, салгыҥҥа бэйэтэ бэйэтигэр сүтэн хаалар диэн «уоскутуу» күн бүгүнүгэр диэри туттуллар. Ыраас эппиэт диэтэҕиҥ!

5d6a0bef 4095 4568 9472 797418a6037b

Афанасий Тобонов

Саха булчута, сылгыһыта ити туос албын тыллар буолалларын тугунан дакаастыыр? Сиргэ охтон, өлөн да туран, дакаастыыр кыаҕа суох. Мэдиссиинэбит өлбүттээхтэри дьиҥ кырдьыктаах ыспараапканан хааччыйар кыаҕа суох. Чахчы кыаҕа суох дуу, атын туох мэһэй баар дуу? Ити этиллибит улуустарга хара баһа­ам киһи өлбүтэ сурах хоту биллэр. Биир да түбэлтэҕэ, ол өлбүт дьонтон биирдэрэ эмэ сүһүрэр дьааттан өлбүтүн туһунан диагнозтаах суох. Оннук сураҕы истибит ким эмэ баар дуо? Оттон сыал-сорук оҥостон, хас эмэ сылларга бу иэдээннээх дьыаланан дьарыктана сылдьыбыт, хаан-уруу чугас дьонун сүтэртээбит, бэйэтэ үтүөрбэт ыарыыга буулап­пыт Апанаас Тобуонап барахсан доруобуйата төһөлөөх эбии алла­рыйбыта, тула эргиччи албынтан, сымыйаттан ньиэрбэтэ хайдахтаах тыҥаабыта буолуой?!

WhatsApp Image 2023 05 15 at 09.36.52

Сэбиэскэй Сэбилэниилээх Күүстэр диэн букатын туспа сокуон­наах, олохтоох-дьаһахтаах чыычый ыал буолаллара үчүгэйдик өйдөнөр. Арассыыйа кытаанах дьылҕалаах судаарыстыба буоларын истори­яттан адьас дьэҥкэтик билэбит. Истэр, билэр тухары барыларын та­аллара киниэхэ кырыыланар, бары кини сирин-уотун уонна баайын үргэҥнэтиэхтэрин, үллэстиэхтэрин, уос-тиис салаһыахтарын баҕарал­лар. Дэлэҕэ, нуучча норуотун өйдөөх салайааччылара: «Арассыыйа икки эрэ доҕордоох – ол кини аармыйата уонна флота», – диэн ханнык да саарбахтааһына суох бигэргэтэн этиэхтэрэ дуо. Сыччах Сэбилэни­илээх Күүстэрдээх эрэ доҕоттордо­ох буолуу, дьиҥнээҕинэн, тустаахха эмиэ ыарахан дьылҕа буоларын бэлиэтиэххэ сөп. Арассыыйа күн сиригэр сүбэриэннэй судаарыстыба быһыытынан олоруон баҕарар буо­ллаҕына, дьэ, кырдьык, икки доҕо­рун кытта ыга тутуһан сылдьыан наада. Ол эрээри, туох барыта икки уһуктаах буоларыныы, маннык түбэлтэҕэ, быһыыга-майгыга араас көһүтүллүбэтэх уонна өйдөммөт түгэннэр үөскүөхтэрин уонна үөскүү туруохтарын сөп.

 

ХАҺАН ХАРАХПЫТ АҺЫЛЛАР?

«Алта дьаадырынай бойобуой төбөлөөх аракыаталары бэйэти­гэр киллэрэр кыахтаах континен­нар икки ардыларынааҕы СС-19 аракыата боруобалыыр сыаллаах Байконуртан көппүтүн Казахстаан бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назар­баев билбэккэ хаалбыт. Мантан көстөрүнэн, байконурдар саарбах дьоннор эбиттэр диэххин баҕа­раҕын. Казахстаан курдук судаа­рыстыбаны үрдүнэн көрөр, аахса да барбат дьон, биһигини албын­ныахтара, олооччуга олордуохтара суоҕа диэн эрэниэхпитин сөп дуо? Саарбах эрэ диирбитигэр тиийэбит.

…Оройуон салалтата тэлэ­гэрээмэни тутаат, аракыата көтүөн биир хонук иннинэ, оройуон ха­мыыһыйатын тэрийэн, аракыата сүһүөҕэ түһүөхтээх сирин радиа­циятын фонун кэмнииллэр, биэс туочукаттан хаар боруобаларын ылаллар. «Хорула» сопхуос Эмпэ­тээҕи звенотун сылгыһыттарын зона тас өттүгэр таһаартыыллар. Радиация туруга аракыата ыы­тыллыбытын уонна иннинээҕи кэмнээһиннэр түмүктэринэн тэҥ­ниҥи, нуорманы аһарбат. Хаар химическэй анаалыһыгар тулалыыр эйгэҕэ, хамсыыр харамайга куттала суоҕа быһаарыллыбыт.

Ол эрээри, анаммыт сиргэ сүүнэ улахан космическай үрдүккэ быраҕыллыбыт уматык тобоҕо, тимир эттиктэр түһүөхтээх сирдэ­ригэр чопчу түһүө, онно хомуллубут хаар боруобаларыгар химическэй анаалыһы ыытан тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ, сүөһүгэ куттала суох буо­луо диэн эрэмньилээхтик этэргэ уустугун ааһан, дьиҥнээҕинэн, хараҕы баайыы буолар. Тоҕо итин­ник этэбиний? Аракыата уматыгын тобоҕо сүүнэ үрдүккэ быылга (аэро­зольга) кубулуйан хаары, самыыры кытта олорсон, тыал хоту үүрдэрэн, тимир эттиктэр түһүөхтээх, саккы­рыахтаах сирдэриттэн кый ыраах атын сиргэ тиийиэхтэрэ уонна араас сүһүрдэр эттиктэргэ кубулуйаннар Бүлүү сүнньүн үгүс нэһилиэнньэ­лээх пууннарын үрдүлэригэр сатыы­лааннар дьоммут доруобуйаларын айгыратыахтара. Итинник түбэлт­элэр тахсыахтарын сэрэйбиттии, түһэрсиллибит дуогабарга аракыата уматыгын тобоҕун туһунан биир да тыл этиллибэтэх. Хайдах, төһө ыраахтан ылан,кэтээн көрөн ана­алыстаныахтааҕын туһунан эмиэ туох да суох.

Афанасий Тобонов. Ньурба. 1992 с. муус устар 1 к.

 WhatsApp Image 2023 05 15 at 09.36.52 1

«ИЭДЭЭММИТ ДИРИҤЭЭТЭ, ҮЛҮГЭРБИТ ҮКСЭЭТЭ»

«Социалистическай Үлэ дьо­руойа, Байконур космодромун на­чаалынньыгын солбуйааччы А.А. Шумилин, оройуоммут салайааччы­та С.Н. Романов, эрэнэн, итэҕэйэн быыбардаабыт дьокутаапыт Д.С. Бубякин космическай аппарааты таһаарааччы-аракыата сүһүөхтэрин арахсыыта тулалыыр эйгэҕэ, киһи­эхэ-сүөһүгэ, хамсыыр харамайга төрдүттэн куттала суоҕун туһунан, бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаһа-ку­оталаһа, суруйан бичийэ сырыттах­тарына, ханнык эрэ Тобонов наар утарытын, бөппүрүөгүн этэрин уонна суруйарын сөпкө гынаҕын диэхтэрэ дуо. Соруйан дьону бутуйааччынан, дьону куттаан, онон саатааччынан, өссө барбах ааты-суолу ыларга дураһыйааччынан ааттаабыттара ыраатта. Ол онтон мин өһүргэммэп­пин. Мин биир дойдулаахтарбын, аймах-билэ дьоммун, доҕотторбун, оҕолорбун, сиэннэрбин саныыбын. Кылаабынайа, кинилэр эрэ өлүөр буоллуннар, этэҥҥэ сырыттыннар уонна олордуннар. Онтон атына барыта ааһар күн албына, туолбатах эрэл элэгэ буоллаҕа. Дьэ, оннугун да иһин, этэрбин этэ, саныырбын саҥара туруом. Ийэлээх аҕам ба­рахсаттар төһө да урукку муҥкук үйэҕэ үөскээтэллэр-төрөөтөллөр, олохторун олордоллор: «Оҕобут аны тойону-хотуну утары саҥаран эрэйэ элбиэ, туора көрүллүө. Сы­мыыттааҕар бүтэй, балыктааҕар кэлэҕэй буоллар ханнык», – диэн ыралана санаабыт буолуохтарын сөп. Ол эрэн, хайа да түбэлтэҕэ «тыла чороччу тардан хааллын» диэн түҥнэри төлкөлөөбөтөхтөрө адьас дьэҥкэ. Дьэ, итинник кылгас киирии тыллаан тураммын, бэйэм сүрүн үөспэр эрдинэн киирэбин.

Мин космическай аппараат­тарга, аракыаталар уматыктары­гар исписэлиис буолбатахпын. Идэбинэн бэтэринээр-бырааспын. СГУ-ну 1972 сыллаахха бүтэрбитим. Оччотугар хантан ылан үрдүк техно­логияҕа сыһыаннаах уустук тиэмэҕэ суруйаҕын диир ыйытааччы баар буолуон сөп. Мин эппиэтим маннык: бэтэринээрийэ исписэлииһэ – бу биология, биохимия, физиология, токсикология курдук наука салаа­ларын медиктэртэн итэҕэһэ суох дириҥник куоһан үөрэппит киһи буолар. Бэтэринээр-быраас сүөһү ыарыытын эмтиир, сэрэтэр исписэ­лиис эрэ буолбатах. Кини өссө дьон доруобай, чэгиэн буоларын туһугар эмиэ эппиэтинэһи сүгэр.

Биири бигэтик этэбин: сүһүрдэр уматыктардаах аракыата сүһүөх­тэрэ Саха Сирин үрдүнэн арахсыы­ларын булгуччулаахтык уонна со­рунуулаахтык бопсуохха. Уураахха этиллэрин курдук, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин холбоһукта­ах судаарыстыбаннай хамыыһый­аларын тэрийэн, Бүлүү сүнньүн оройуоннарын үрдүлэринэн ханнык тииптээх, туох уматыктаах космиче­скай аппарааттар хаста тахсыбытта­рын уонна сүһүөхтэрэ арахсыбытын чопчу быһаартарыахха. Тулалыыр эйгэҕэ, дьон доруобуйатыгар төһө хоромньу оҥоһуллубутун сыана­лыахха уонна төлөттөрүөххэ».

Афанасий Тобонов. «Кыым» х. 1992 с. от ыйын 20 к.

Афанасий Ильич Тобонов 64 сааһыгар Орто дойду олоҕуттан арахпыта. Аныгы киһиэхэ олоҕун ор­толообут эрэ сааһа диэххэ сөп. Ки­ниэхэ, чуолаан эколог быһыытынан сыһыаннаан, «аан бастакынан» диэн тыллары үгүөрүтүк туттуохха сөп. Ол тоҕотун бэйэҕит даҕаны өйдөөн олорор буолуохтааххыт. Тус бэйэм, Апанаас Саха Сирин биллиилээх эколога Уйбаан Сэмэ­нэбис Буурсабы кытта түбэсиһэн көрсүбүтүн, биир өйүнэн-санаа­нан салайтарын үлэлэспитин тус олоҕор улахан табыллыыта эбит диибин. Иккиэн биир көлүөнэ дьон, Майгыларынан-сигилилэринэн маарыннаһар буоланнар улахан доҕордуу этилэр. Апанаас эколо­гия боппуруостарыгар Уйбаантан элбэҕи эбиммитэ чуолкай. Иккиэн көнө сүрүннээх, биир тыллаах, эппиттэрин, моонньулара быстыа да буоллар, толорон тэйэргэ ураты дьулуурдаах дьон.

Апанаас, олохтон төһө да эрдэ барбытын иһин, тугу да аахсыбакка туран хапсыспыт улуу мөккүөрүт­тэн кыайыылаах тахсыбыта киһини үөрдэр. Кини элбэҕи ситиспитэ, ол манна кыайан ситэ кэпсэммэккэ хаалла. Кылаабынайа, өссө да ааҥныан сөптөөх алдьархайтан дьонун-сэргэтин сэрэппитэ, кинилэ­ри өй-снаа, билии-көрүү өттүнэн сэбилээбитэ, ааҥнаабыт алдьархай кистэлэҥин, сирэй эппиэтинэстээх дьон албыннарын кытта уодаһынна­рын арыйан биэрбитэ, бар дьонугар олоххо эрэли сахпыта уонна бэйэтэ дьонун-сэргэтин үтүө өйдөбүллэ­ригэр букатыннаахтык олохсуй­ан, үйэлэргэ сөҥөн хаалбыта. Бу кыайыы буолбатах дуо? Бу – саха биир хорсун уонна кэрэ дууһалаах киһитэ – Афанасий Ильич Тобонов кыайыыта буолар!

 Прокопий ИВАНОВ суруйуута

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением