Эһиил баччаларга куонкурус эмиэ буолуо, дьэ онно тугу учуоттуохха сөбүн туһунан куонкурус хамыыһыйатын чилиэнэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы Тыа сирин дьахталларын уопсастыбаннай хамсааһынын президиумун чилиэнэ Зарема Бочкарева маннык сүбэлиир:
– «Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ биирдэм урбаан көҕүлээһинин сайыннарыы» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Агростартап» гранын куонкуруһа быйыл бэһис сылын ыытылынна. Грант харчыга үлэни-хамнаһы тэрийэргэ үчүгэй тирэх буолан, сыллата дьон интэриэһин тардан иһэр, сол тэҥинэн күрэстэһии даҕаны күүһүрэр. Быйыл биир граҥҥа биэстии-алталыы киһи кииристэ! Былырыын баал сэттэ хайысханан туруоруллубут буоллаҕына, быйыл балаһыанньа уларыйан, 20 хайысха киллэриллибит. Онуоха хамыыһыйа чилиэннэрэ баалы туруорбаппыт, ким хайдах көмүскээбитинэн көрөн, баал аччыан биитэр эбиллиэн сөбүн эрэ этэбит, ол эспиэрдэр бэрэбиэркэлэрин кэнниттэн быһаарыллар. Ирдэбил быһыытынан, конкурсант быйыл бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммит буолуохтаах эбэтэр кэтэх хаһаайыстыбанан киирсиэхтээх.
Кини хамсыыр-хамсаабат баайын-дуолун дакаастыыр сүрүн докумуонунан нэһилиэк хаһаайыстыбаннай кинигэтин быыпыската буолар. Хомойуох иһин, сорохтор быыпысканы көннөрү ыспыраапка эрэ курдук оҥорторбуттар. Быыпыскаҕа конкурсант сирдээҕэ ыйыллыбыт буоллаҕына, тута 10 баал, үлэ эбийиэгэр (хотон, ыскылаат, сайылык, сылгы базата...) бас билэр докумуоннаах буоллаҕына 10 баал, арендаҕа ылбыт түбэлтэтигэр 6 баал эбиллэр. Арктика улуустарыгар 10 баал эбиллэр. Кэтэх хаһаайыстыбанан сылдьан баран, граҥҥа киирсээри, бааһынай буолбут, астыыр кэпэрэтииби кытары эти-үүтү туттарыыга дуогабардаспыт, чилиэнинэн киирбит, оттон кэпэрэтиип эрэбиисийэлиир сойууска баар, олору туоһулуур үс докумуоннаах түбэлтэҕэ 6 баал ааҕыллар. Конкурсант бэйэтэ биитэр кэргэнэ, оҕото, бииргэ төрөөбүтэ СВО кыттыылааҕа буоллаҕына, 10 баал ааҕыллар. Үөрэх уонна саас эмиэ учуоттаналлар, тыа хаһаайыстыбатын үрдүк үөрэҕин бүтэрбиккэ 10 баал, орто анал үөрэхтээххэ 6 баал, 35-гэр диэри саастаахха 10, 35-60 саастаахха 6, онтон аҕа саастаахха 2 баал бэриллэр. Нэһилиэгэр прописката 5 сылтан тахсар буоллаҕына 10 баал, 1-5 сылга – 6 баал, үстэн элбэх (18-гар диэри саастаах) оҕолооххо – 10, икки оҕолооххо – 6 баал бэриллэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар туһанар тиэхиньикэлээх уонна ол докумуоннаах буоллаҕына, эмиэ баал эбиллэр.
Сүөһүтүн-сылгытын билигин баар ахсаанынан итиэннэ биэс сыл устатыгар төһөнөн элбэтэринэн тутулуктанан, бааллар көрүллэллэр. Холобур, сүөһүнү 30 төбөнөн эбэри былаанныырга 10 баал, 15-кэ диэри – 6 баал. Хас салаа ахсын (көтөрү, мүөттээх ыҥырыаны иитэргэ, оҕуруокка), бородууксуйаны ылыы көрдөрүүтүн сыллата тупсарыыга, үлэ миэстэтин таһаарыыга, грант харчытын ороскуотун толуйууга эмиэ тустаах бааллар көрүллэллэр. Ити курдук барыта 20 хайысханан баал ааҕыллар, онон көрөн төһө баалы ылыан сөбүн киһи бэйэтэ да суоттуон сөп. Эһиилги куонкуруска кыттар дьоҥҥо хамсыыр-хамсаабат баайы-дуолу докумуоннатарга итиэннэ нэһилиэк хаһаайыстыбаннай кинигэтигэр киллэртэрэргэ сүбэлиибин. Баайы-дуолу, сири-уоту докумуоннатыы, уопсайынан, докумуону сөпкө толорторуу грант куонкуруһугар кыттарга эрэ буолбакка, олохтоохтук оҥостон үлэлииргэ-хамсыырга олус наада.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0