Дьэ маныаха судаарыстыба эрэ ѳйѳбүлэ көмөлөһөр. Бу босуобуйа уонна чэпчэтии буолбатах, балары таhынан кѳрүллэр матырыйаалынай ѳйѳбүл. «Киhиэхэ кѳмѳлѳhүѳххүн баҕардаххына, эн киниэхэ балыгы буолбакка, балыктаан аhыырыгар күѳгүтэ биэр» диэн бэргэн этии баар. Дьэ ол чахчы билигин сырдатыахтаах социальнай хантараакпытыгар сѳрү-сѳп түбэhэр. Социальнай хантараак диэн тугуй? Кимиэхэ кѳрүллэрий, ханнык сыалга туhанылларый? Ону хайдах ылыахха сѳбүй? Ол туһунан бүгүн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.
СОЦИАЛЬНАЙ ХАНТАРААК
Социальнай хантараакка олоҕуран, судаарыстыба кѳмѳтѳ кыаммат-түгэммэт дьиэ кэргэттэргэ уонна соҕотох олорор дьоҥҥо оҥоhуллар. Онон орто дохуоттара эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыhах, ол эбэтэр букатын кыра, дуона суох дохуоттаахтар туhаналлар. Социальнай хантараак – бу киһи уонна кини олорор миэстэтинэн нэhилиэнньэҕэ социальнай кѳмүскээhини хааччыйар уорган икки ардыларыгар түhэрсиллэр сѳбүлэhии, онуоха сѳп түбэhиннэрэн гражданнарга судаарыстыбаннай социальнай кѳмѳ оҥоhуллар. Маннык миэрэ олох ыарахан туругуттан тахсарга киһини кѳҕүлүүр сыаллаах.
КИМ СОЦИАЛЬНАЙ ХАНТАРААГЫ ТҮҺЭРСИЭН СѲБҮЙ?
Социальнай хантараагы түhэрсэргэ сүрүн ирдэбиллэр бу курдуктар. Дьиэ кэргэн эбэтэр соҕотох киhи эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах буолуохтаах. Дьиэ кэргэн чилиэннэрин эбэтэр соҕотох олорор гражданин социальнай уоргаҥҥа социальнай хантараагы ылар баҕаларын биллэриэхтэрин иннинээҕи үс бүтэhик ыйдааҕы дохуоттарын суумалара учуоттанар. Дохуот састаабыгар хамнас, биэнсийэ, истипиэндьийэ, босуобуйалар киирэллэр. Ону таhынан, урбаанньыт уонна бааhынай хаhаайыстыба быhыытынан нолуок сулууспатыгар регистрацияламматах, эрдэ ылбыт социальнай хантараагын усулуобуйатын толорбут уонна Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин территориятыгар олорор буолуохтаах. Социальнай хантараагынан биэнсийэлээхтэр эмиэ туhаныахтарын сѳп. Онуоха кѳмѳ кээмэйэ син баар атыттарга курдук.
ХАННЫК ХАЙЫСХАЛАР БААЛЛАРЫЙ?
2023 сылга социальнай хантараакка уларыйыылар киллэриллибиттэрин түмүгэр, билигин барыта 6 хайысха баар буолла. Ол — үлэ кѳрдѳѳhүнэ, бэйэ дьыалатын, кэтэх хаhаайыстыбаны тэринии уонна сайыннарыы, социальнай бакыаттар нѳҥүѳ олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит ыалга кѳмѳ, оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах «Развивай-ка» уонна инбэлииттэргэ аналлаах бырагыраамалар.
Бастакы хайысха — үлэ кѳрдѳѳhүнэ, о.э. үлэтэ суох сылдьар киhи үлэ миэстэтин булуохтаах. Социальнай хантараак түhэрсэригэр кини олорор сиринэн нэhилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр учуокка туруохтаах. Үлэни кѳрдүүр кэмигэр 1 ый тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр сѳп түбэhэр суума (биhиги эрэгийиэммитигэр 23 187,0 солк.) тѳлѳнѳр. Үлэ кѳрдүүр киhи кылгас куурустарга үѳрэнэр буоллаҕына, киниэхэ ыйга 30 тыh. солкуобайга тиийэ харчы тѳлѳнѳр. Үѳрэнии болдьоҕо 3 ыйтан ордуга суох буолуохтаах. Үлэтэ суох киhи үлэҕэ киириэн иннинэ тэрилтэҕэ стажировканы ааhарыгар социальнай харалта уоргана хамнас алын кээмэйин бу тэрилтэҕэ 3 ый устата тѳлүүр. Үлэтэ суох киhи социальнай хантараак түhэрсэн баран, үлэҕэ киирдэҕинэ 3 ый устата тиийинэн олоруу алын кээмэйэ тѳлѳнѳр.
Иккис хайысха — бэйэ дьыалатын арыйыы, онуоха кѳрүллүбүт квота бүппүт да буоллаҕына, сайаапканан эбии кѳрүллэр. Бэйэ дьыалатын арыйарга социальнай хантараак 12 ыйга түhэрсиллэр, ѳҥѳ кээмэйэ — 350 тыh. солк.
Эмиэ бастакы хайысхаҕа курдук, үѳрэнии болдьоҕо 3 ыйтан ордуга суох буолуохтаах, үѳрэх тѳлѳнѳр кээмэйэ 30 тыh. тиийэр. Бэйэ дьыалатын тэриниигэ сүрүн ирдэбилинэн социальнай хантараак түhэрсибит кэмигэр кѳмѳ ылааччы урбаанньыт эбэтэр бэйэ дьарыктаах физическэй сирэй буоларын ыйан туран, нолуок сулууспатыгар хайаан да регистрацияланыахтаах. Социальнай хантараагы түhэрсибит кэмигэр нолуок сулууспатыгар регистрацияламматах буоллаҕына, кѳрүллүбүт ѳҥѳ харчытын 1 ый иhигэр толору кээмэйинэн тѳнүннэрэр. Бэйэ дьыалатыгар нэhилиэнньэҕэ араас ѳҥѳнү оҥоруу, эбэтэр бэйэ оҥорон таhаарар бородууксуйатын атыылааhын киирэр.
Үhүс хайысха — кэтэх хаhаайыстыбаны тэринии. Кѳрүллүбүт квота бүтэр да түгэнигэр сайаапканан эбии ылыллар, ѳҥѳ кээмэйэ 250 тыh. солкуобай. Манна эмиэ үѳрэнэр наада буоллаҕына, эмиэ атын хайысхаларга тѳлѳнѳр быраабылата тутуhуллар. Социальнай хантараакка сѳбүлэhиигэ илии баттаhыы кэнниттэн, бааhынай хаhаайыстыба эбэтэр бэйэ дьарыктаах буолуу булгуччу нолуок сулууспатыгар регистрацияланыахтаах. Кэтэх хаhаайыстыбаны тэриниигэ ынах-сылгы сүѳhүнү, сибиинньэни, козаны, кууруссаны уо.д.а. дьиэ кыылын атыылаhыы, тутуу, хотон туттуута, оҕуруот аhын, атын үүнээйилэри үүннэрии киирэллэр.
Тѳрдүс хайысха — инбэлииттэргэ аналлаах бырагыраама. Онон кыра дохуоттаах үлэлиир саастаах инбэлииттэр (дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыгар диэри) туhаныахтарын сѳп. Онон кинилэр уопсай балаhыанньаҕа сѳп түбэhиннэрэн, бэйэ дьыалатын арыныахтарын, эбэтэр кэтэх хаhаайыстыбаны тэриниэхтэрин сѳп. Бэhис хайысха быhыытынан, ыарахан балаһыанньалаах дьиэ кэргэҥҥэ араас ѳҥѳлѳр социальнай бакыаттара кѳрүллэр.
Бу хайысхаҕа уларыйыылар киирэннэр, бастатан туран, профилактическай учуокка турар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри кытта хантараак түhэрсиллэр. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ эбэтэр соҕотоҕун олорор киhиэхэ анал бырагыраама бигэргэнэр: оҕолор уhуйааҥҥа сылдьалларыгар, оскуолаҕа үѳрэнэллэригэр наадалаах маллары ылыыга, таҥаhы-сабы атыылаhыыга, арыгыттан эмтэниигэ уо.д.а. социальнай хантараак түhэрсиллэр.
Алтыс хайысханан оҕолордоох дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах «Развивай-ка» бырагыраама үлэлиир. Манна кыаммат-түгэммэт оҕолордоох дьиэ кэргэн оҕону сайыннарар араас малы, тэрили атыылаhар кыахтаналлар, кинилэр биир бириэмэлээх матырыйаалынай кѳмѳҕѳ социальнай хантараагы түhэрсиэхтэрин сѳп. Кѳмѳ кээмэйэ хас биирдии оҕоҕо тиийинэн олоруу кээмэйин 50 бырыhыаныгар тэҥнэhэр. Бу хайысханан хантараак баттаспыт дьиэ кэргэн эбии атын хайысханан хантараагы түhэрсиэхтэрин сѳп. Ол, биллэн турар, улахан ѳйѳбүл.
БИИСИНЭС-БЫЛААН БЭЙЭ ДЬЫАЛАТЫН АРЫНААЧЧЫЛАРГА НААДА
Биисинэс-былаан социальнай хантараак кѳмѳтүнэн бэйэ дьыалатын арынарга биир сүрүн ирдэбил быhыытынан киирэр. Бу докумуонунан гражданин бэйэ дьыалатын арынан бигэ дохуоттаныан сѳбүн дакаастаатаҕына, киниэхэ судаарыстыбаттан 350 тыh. солкуобай кѳрүллэр. Биисинэс-былаан ситиhиилээхтик кѳмүскэнэр түбэлтэтигэр кѳмѳ ылааччы урбаанньыт быhыытынан үлэтин кыраапыга оҥоhуллар, отчуоттары туттарар дааталара чопчуланаллар уонна дьэ харчы сириэстибэлэрэ бэриллэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0